Хаптаҕай орто оскуолата гражданскай сэрии дьоруойа Иннокентий Алексеев аатын сүгэр. Онон Хаптаҕай оҕолоро кыра эрдэхтэриттэн дьоруойдар холобурдарыгар иитиллэллэр, дойдуларын таптыыр, кырдьаҕастары ытыктыыр, туруу үлэһит дьон буола иитиллэллэр.
Гражданскай сэрии дьоруойа Кеша Алексеев 1903 с. алтынньы 27 күнүгэр, Хаптаҕайга Парасковья Константиновна уонна Егор Николаевич Алексеевтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтэ. 1916 с. сиэркэп приходун оскуолатын бүтэрэн, Дьокуускайдааҕы реальнай училищеҕа үөрэнэ киирбитэ. 1920 с. хомсомуол кэккэтигэр киирбитэ. Үрүҥ бандьыыттары утары сэриилэспитэ, ЧОН этэрээтигэр саха ротатын хамандыыра буолбута. 1923 с. Амманы босхолуур кыргыһыыга пепеляевецтар окуопаларыгар бастакынан ыстанан тиийэн, гранатанан сабыта быраҕаттаан, кимэн киириини хааччыйбыта. Ити хорсун быһыытын иһин, Кеша Алексеев 1925 с. Кыһыл Знамя уордьанынан наҕараадаламмыта. 1924-1926 сс. Москубаҕа Карл Маркс (кэлин Плеханов) аатынан Норуот хаһаайыстыбатын институтугар үөрэммитэ. Үөрэҕин бүтэрэн кэлэн, Саха АССР Наркоматыгар эппиэттээх дуоһунастарга үлэлээбитэ. 1930 с. атырдьах ыйын 19 күнүгэр ыалдьан өлбүтэ.
Гражданскай сэрии дьоруойа Иннокентий Алексеев төрөөбүтэ 120 сылын бэлиэтээһин дьаһалларыгар Хаптаҕайга бүтүн ый ананна. Онно нэһилиэк олохтоохторо, оскуола үөрэнээччилэрэ бары көхтөөхтүк кытыннылар. Ыйы түмүктүүр дьаһал оскуолаҕа ыытылынна. Оскуола дириэктэрэ Ирина Кычкина Кеша Алексеев аатын үйэтитиигэ туох үлэ ыытылларын туһунан кэпсээтэ, үөрэнээччилэр уонна учууталлар архыыпка көрдүүр-чинчийэр үлэлэрин түмүгүн билиһиннэрдэ.
Оҕолор киэн туттар биир дойдулаахтарыгар анаабыт хоһооннорун хомуурунньуга тахсыбыт. Холобур, Зыков Ваня (5 кылаас) маннык хоһоону суруйбут:
Биһиги Кешабыт барахсан,
Хаптаҕай өҥ буоругар төрөөн,
Биһиги Дьоруойбут буолбута!
Ахсынньы кыыдаан тымныытыгар
Амманы босхолуу барбыта,
Өстөөхтөн чаҕыйан турбакка,
Инники сүүрдэн киирбитэ!
Киэн тутта ааттыыбыт эйигин!
Умнуохпут суоҕа хаһан да,
Эн хорсун быһыыгын.
Эн -- өрүүтүн сүрэхпитигэр!
Хас кылаас ахсын «Суолталааҕы сэһэргэһии» кылаас чааһа ыытылынна. Биһиги Ирина Игнатьева салайар 7-с кылааһыгар сырыттыбыт. Хаптаҕай оскуолатын 1962 сыллаахха бүтэрбит, иитэр-үөрэтэр үлэ бэтэрээнэ Евдокия Федорова оҕолорго маннык кэпсээтэ: «Гражданскай сэрии дьоруойа Кеша Алексеев Бочуоттаах паартатыгар үөрэхтэригэр бастыҥ, үчүгэй бэрээдэктээх, уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөх оҕолор олороллоро. Биһиги кылаастан оннук чиэскэ Николай Павлов (кэлин учуонай-агроном, академик) уонна Галина Максимова (кэлин бастыҥ учуутал, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна) тиксибиттэрэ».
Төрөппүт кэмитиэтин чилиэнэ, култуура үлэһитэ Анастасия Яковлева: «Чулуу биир дойдулаахпыт Кеша Алексеев кэриэһиҥ өрө тутуҥ, кини үтүө аатын түһэн биэримэҥ», – диэтэ.
Нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга И.П. Зыков уонна оскуола дириэктэрэ И.В. Кычкина үөрэх уонна үлэ бастыҥнарыгар наҕараада туттартаатыгар. Үөрэнээччилэр уонна иитэр-үөрэтэр кэлэктиип күүһүнэн уус-уран кэнсиэрт буолла. Эдэр учууталлар амсаамбыллара дьоруойга анаммыт ырыаны толордулар. Кеша Алексеев алаһа дьиэтиттэн бандьыыттары утары кыргыһыыга барар түгэнин оҕолор сыанаҕа дьүһүйэн, көрөөччүлэри долгуттулар. Ити курдук гражданскай сэрии дьоруойа Иннокентий Егорович Алексеевка анаммыт ый бэрт тэрээһиннээхтик ааста.
Зинаида Игнатьева, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0