3 000 кэмпилиэк!
Анал байыаннай дьайыы саҕаланан, 2022 с. балаҕан ыйыгар хомуур биллэриллэригэр, Ирина Саввина ойуур баһаарыттан эмсэҕэлээбиттэргэ көмөнү тэрийэр уопсастыбаннай ыстаапка үлэлии олороро. Дьүөгэтэ Гульнара Алексееваны кытары хомуурга барааччылары атаарыыга сылдьан, дьыл быыһык кэмэ буолан, уолаттар наһаа чараас таҥастаах-саптаах айаннаан эрэллэрин бэлиэтии көрбүттэрэ, кинилэргэ көмөлөһөр наадатын өйдөөбүттэрэ. Ол күн Уопсастыбаннай балаатаҕа Гражданскай пуорум буола турарыгар тиийэн, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар Ыҥырыы таһаарбыттара. Өйүүнүттэн Орджоникидзе уулуссатын 10 №-ригэр турар дьиэҕэ Ил Түмэн дьокутаата Николай Бугаев салайыытынан, анал байыаннай дьайыыга барбыттарга көмөнү тэрийэр ыстаап тэриллибитэ. Хомуллубут малы-салы, таҥаһы-сабы Ийэ дойдуларын көмүскүү барбыт уолаттары эккирэтиннэрэ ыыппыттара. Онон бастакы көмө балаҕан ыйын 25 күнүгэр барбыта.
Ирина Егоровна барытын ааҕан-суоттаан баран, уолаттарбытыгар аналлаах таҥаһы-сабы бэйэбит тигэрбит ордук буолсу диэн санааҕа кэлбитэ. Бастакы соруктара биир санаалаахтары итиэннэ дьиэни-уоту булуу этэ. Бассаап ситиминэн элбэх киһи туһанарын билэр буолан, иистэнэр ийэлэри-эбэлэри ыҥырар биллэриилэри суруйан тарҕаппыта. Өр-өтөр буолбатаҕа, үтүө саҕалааһыҥҥа кыттыһар баҕа санаалаах Далбар Хотуттар элбээн испиттэрэ итиэннэ иистэнэр массыыналарын кыбыммытынан тиийэн кэлбиттэрэ. Уопсастыбаннай төрүккэ үлэлиир «Илии сылааһа» диэн иистэнэр сыаҕы тэрийбиттэрэ, салайааччынан биир санаанан Ирина Саввинаны талбыттара. Биэнсийэлэринэн кыттыһан, кыра хоһу куортамнаһан, үлэлээн киирэн барбыттара.
Билигин «Илии сылааһа» уопсастыбаннай тэрилтэ бырабыыталыстыбаттан өйөбүллээх, атаҕар бигэтик турбут, кэккэ улуустарга салаалардаах тэрилтэ буола үүннэ.
— Биһигини хара маҥнайгыттан өйөөбүт, көмөлөспүт дьонтон биирдэстэринэн Гражданскай оборуона дьыалатын уонна нэһилиэнньэ олоҕор куттал суох буолуутун хааччыйыы миниистирэ Дмитрий Лепчиков буолар. Кини көмөтүнэн тэриллэн үлэлии сылдьабыт, ону таһынан, күннэтэ күөрэйэр ханнык баҕарар кыhалҕабытын быһаарарга куруук өйөбүл буолар, сүбэлиир-амалыыр, ити иһин Дмитрий Николаевичка махталбыт улахан, – диэн сыах салайааччыта истиҥ махтал тылларын аныыр.
Бүгүҥҥү туругунан «Сылаас илии» сыах иистэнньэҥнэрэ 3 000 «Эр хоһуун» таҥас кэмпилиэгин тигэннэр, Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар тиксэрдилэр.
Мииринэйгэ үһүс салаа
Сыах маастардара бэйэлэрэ таҥас тигэллэрин таһынан, улуустарынан сылдьан, дьахталлары түмэннэр, анал таҥас бары көрүҥнэрин тигэргэ үөрэтэллэр, ону таһынан, таһаарыылаах үлэҕэ көҕүлээн, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах куонкурустары тэрийэн ыыталлар.
Быйыл саас, кулун тутар саҕаланыытыттан, Ирина Саввина салалтатынан Айталина Рожина, Альбина Лукина, Людмила Трофимова, Матрена Трофимова, Саргылаана Миронова, Яна Саввинова састааптаах иистэнэр сыах десаана Бүлүү эргиннээҕи улуустарынан сылдьан кэллэ. Ол туһунан Ирина Саввина маннык кэпсиир:
— Айаммытын бэйэбит тэрийэр өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруспутугар кыттыбыт улуустартан саҕалаабыппыт. Мииринэйгэ баһылык сүбэһитэ, Ил Түмэн бэһис ыҥырыыга дьокутаата Гульсум Бейсембаева көрсүбүтэ. Хонор-аһыыр сирбитин эрдэттэн булан, куорат 8 №-дээх оскуолатыгар иистэнэр массыыналаах кылааһы бэлэмнээн тоһуйаннар, кыһалҕата суох сырыттыбыт. Сарсыардаттан саҕалаан киэһэ үлэ чааһа бүтүөр диэри иистэнэр ньымабытын кэпсээммит, хайдах тигэри көрдөрөммүт, түөрт күммүт биллибэккэ ааста. Мииринэйгэ икки салаалаах буоламмыт, «Эр хоһуун» кэмпилиэги тигэргэ син үөрүйэхтээхтэр, инньэ гынан, сүнньүнэн туохха сыыһалларын, тугу кыайбаттарын ырыттыбыт. Түмүктүүр күммүтүгэр хас биирдии иистэнньэҥ кэмпилиэктэн биир суол таҥаһы тигэн көрдөрдө. «АЛРОСА» хампаанньа идэлээх сойууhун бэрэссэдээтэлэ Константин Дегтярев анаан-минээн кэлэн көрүстэ. Инникитин бииргэ үлэлэһиэх, олохтоох волонтер-иистэнньэҥнэри производственнай оверлогунан хааччыйыах буолла. Ырааҕа бэрдиттэн Айхал уонна Удачнай иистэнньэҥнэригэр кыайан тиийбэтибит, ол да буоллар, онлайн киэбинэн кэпсэттибит. Сырыыбыт түмүгүнэн, маастар-кылааска үөрэммиттэргэ тирэҕирэн, оройуоҥҥа сыахпыт үһүс салаатын арыйдыбыт.
Кириэстээххэ
Бу нэһилиэк иистэнньэҥнэрэ биһиги өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруспутугар төрдүс миэстэҕэ тиксэн, иистэнэр массыынанан биһирэммиттэрэ.
Онон, Кириэстээххэ биир күн үлэлээтибит. Маастар-кылаас чэрчитинэн, иистэнньэҥнэр туохха сыыһалларын көрөн-истэн, сүбэ-ама биэрдибит. Сөпкө тигии ньымаларын көрдөрдүбүт. Киэһэ хойукка диэри үлэлээммит, күн бүппүтүн билбэккэ хааллыбыт.
Аканаҕа түөрт күн
Нэһилиэк баһылыга Ефрем Семенов дьаһалынан, эргэ уһуйаан дьиэтигэр бэртээхэй иистэнэр сыаҕы тэрийбиттэр. Манна түөрт күн үлэлээтибит. Бырааһынньык кэмигэр түбэһэн, нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор биирдэ баар буола түстүбүт. Иккис күммүтүгэр волейболга хамаанда бэлэмнээн, олохтоохтору кытары күрэхтэһэн, эдэр сааспытын санаан үөрдүбүт-көттүбүт. Аан дойду дьахталларын күнүн үлэ бырааһынньыгынан бэлиэтээтибит.
Төрдүс күммүтүгэр күнүс 4 чааска диэри үлэлээн баран, далбар хотуттар сандалыларыгар ыҥырыллан, мааны ыалдьыт буоллубут. Сунтаар Дьаарханыттан Фрументий Софронов салайааччылаах дэлэгээссийэ кэлэн, ыллаан-туойан, дьоро киэһэни бэлэхтээн, үлэбит өссө таһаарыылаах буолла.
Сарсыныгар эмиэ айан суолун тутустубут. Бүлүү Дьөккөнүгэр төрүт бэлэмэ суох дьоҥҥо тиийдибит. Баара-суоҕа иккиэйэх эрэ киһи кэлэн, соһутта да, хомотто да. Ол да буоллар, биир күннээх үөрэхпитин иистэнэр баҕалаах икки ийэҕэ толору үөрэттибит.
Горнайга дьыалабыай көрсүһүү
Бэрдьигэстээххэ дьаһалта дьиэтигэр көрсүһэн улуус баһылыгын социалынай бэлиитикэҕэ солбуйааччытын кытта «Сылаас илии» уопсастыбаннай тэрилтэ ыытар үлэтин бииргэ салҕаан сайыннарар туһунан кэпсэттибит. Итиэннэ анал былааны оҥостон, кэккэ тэрээһиннэри ыытарга баҕа санаа этилиннэ.
Өймөкөөн — Чурапчы
Бүлүү эргин улуустартан кэлэн, кыратык сынньана түһэн бараммыт, суолу баттаһа, ыраах Өймөкөөн улууһуттан саҕалаан, Чурапчыга диэри нэһилиэктэринэн сырыттыбыт. Чурапчы улууһун киинигэр, Чурапчы сэлиэнньэтигэр, икки күн устата үлэлээтибит. Чурапчы, Мугудай, Хоптоҕо, Арыылаах, Болтоҥо нэһилиэктэриттэн түмсүбүт ийэлэри, эбэлэри итиэннэ тэрилтэ үлэһиттэрин, барыта холбоон сүүрбэ иистэнньэҥи «Эр Хоһуун» таҥас кэмпилиэгин тигэргэ үөрэттибит. Кинилэр салгыы бу туһалаах үөрэҕи атын нэһилиэктэргэ тарҕатар былааннаахтарын биллэрдилэр, онон улууска «Илии сылааһа» сыах салаатын тэрийэр туһунан кэпсэтистибит. Улууска «Арассыыйа ийэлэрэ», итиэннэ дьахтар сэбиэтин уопсастыбаннай түмсүүлэрэ бииргэ үлэлииллэрин биһирии көрдүбүт.
Тырааныспарынан Бүлүү эҥээр улуустарга Дмитрий Лепчиков, илин эҥэргэ тустаах улуустар дьаһалталара хааччыйдылар. Онон кинилэргэ барыларыгар уонна сылдьыбыт нэһилиэктэрбит баһылыктарыгар үлэлиир-хамсыыр усулуобуйаны толору тэрийбиттэрин иһин махтанабын. Десаан кыттыылаахтара, сыах иистэнньэҥнэрэ Мииринэйгэ уонна Өймөкөөҥҥө тиийэ уһун, сылаалаах айаҥҥа илистибиттэрин аахсыбакка, маастар-кылаастарга кэлбит иистэнньэҥнэри кыһаллан үөрэттилэр, оттон көрсүһүүгэ кэлбиттэр, чахчы баҕаран туран үөрэннилэр. Бары далбар хотуттарга сылаас сыһыаннарын иһин истиҥ махталбын биллэрэбин, — диэн кэпсээнин түмүктээтэ, балтараа ыйдаах десааны тэрийэн, соругун ситиспит киһи быһыытынан, Ирина Егоровна.
Хаартыскаҕа «Илии сылааһа» түмсүү десаанын кыттыылаахтарын түһэриилэрэ
- 7
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0