Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Биһиги уолаттарбыт Анал байыаннай дьайыы инники кирбиитигэр хорсуннук киирсэр түгэннэрэ Киин тэлэбидиэнньэ уонна куйаар ситимин нөҥүө тэлэһийэ көтөн барыбытын сөхтөрбүтэ, Саха Сирин олохтоохторун долгуппута, киэн туттуу өрөгөйүн уһугуннарбыта. Бүгүн хаһыаппытыгар байыаннай бөлөҕү хамаандалааһыны бэйэтигэр ылынан, дьоруойдуу быһыыны оҥорбут «Бурхаат» диэн анал ааттаах Родимир Максимовтыын уонна кини ийэтинээн Варвара Николаевналыын кэпсэппиппин таһаарабын.

Биһиги уолаттарбыт Анал байыаннай дьайыы инники кирбиитигэр хорсуннук киирсэр түгэннэрэ Киин тэлэбидиэнньэ уонна куйаар ситимин нөҥүө тэлэһийэ көтөн барыбытын сөхтөрбүтэ, Саха Сирин олохтоохторун долгуппута, киэн туттуу өрөгөйүн уһугуннарбыта. Бүгүн хаһыаппытыгар байыаннай бөлөҕү хамаандалааһыны бэйэтигэр ылынан, дьоруойдуу быһыыны оҥорбут «Бурхаат» диэн анал ааттаах Родимир Максимовтыын уонна кини ийэтинээн Варвара Николаевналыын кэпсэппиппин таһаарабын.

Ааҕааччыбар санатар буоллахпына, 39-с туспа гвардейскай мотострелковай биригээдэ Михайловка сэлиэнньэтин таһыгар, Глина диэн учаастакка баар үрдэли ылар иһин, «кии буолары дуу, киһи буолары дуу» быһаарар, хабыр киирсиитэ муус устар 1 күнүттэн саҕаламмыт. Биһиги кимэн киирэр бөлөхпүт өстөөххө дохсуннук саба түһэн, олус суолталаах тирэх пууну ылбыт. Өстөөх Эмиэрикэ сэбиргэлин күүһүнэн атаакалаан, былдьаппыт үрдэлин төннөрө сатаабыта. Оттон Бурхаат уонна кини бойобуой доҕотторо, төһө да бааһырдаллар, Украина байыаннай сулууспатын байабыыктарын кыргалларын тохтоппотохторо. Өстөөх төттөрү тэбиллибитэ. Буойуннар икки күн устата хорсуннук турууласпыттара. Миинэ итиэннэ снаряд бытархайдарыттан хамандыырдара уонна уолаттар бары кэриэтэ бааһырбыттара. Родимир эмиэ эчэйбитэ, ол да буоллар, байыас ыарыытын умнан туран, бааһын бэйэтэ бэрэбээскэлэнэн, бойобуой доҕотторугар көмөлөспүтэ уонна ыстаапка араассыйанан тыҥааһыннаах быһыыны-майгыны дакылааттаабыта. Ыстааптан бөлөҕү хамаандалыырга бирикээс туппута. Бу курдук, эрэдэбиэй саллаат хамандыыр буолбута.

Аата арыаллыыр

Куйаар ситимигэр тарҕаммыт тыҥааһыннаах киирсиини көрдөххө, уолаттарбыт саһаллара да табыгаһа суох сиргэ, БТР, Брэдли, МаксПро, тааҥка курдук Эмиэрикэ пехотатын бойобуой сэбиргэлин быһа тэбиилэрин, снаряд аннынан хорсуннук киирсэллэр. Онно буойуттарбыт аптамаатынан уонна тааҥканы утары сэбинэн ытыалаан өстөөх кимэн киириитин тохтотоллор. Бүлүмүөччүк Максимов хорсун быһыытын көтөр аппараат үөһээттэн уһулбут хаадырдара туоһулууллар. Ол курдук, хаҥас хахха сиргэ Бурхаат, оттон уҥа диэки сэттэ байабыыктар бааллара көстөр. Кинилэр икки ардылара 10-ча миэтэрэ кэриҥнээх. Байабыыктар сыылланнар кимэн киирэ сатыыллар. Биһиги байыаспыт аптамаат кылгас уочаратынан утарылаһааччыларын тохтотор. Родимир Максимовы дьоруойдуу быһыытын иһин үрдүк судаарыстыбаннай наҕараадаҕа түһэрдилэр.

Бурхаат бу кыргыһыыга, өссө биир киһини сөхтөрөр хорсун быһыытынан уолаттарын быыһаабыта буолар. Бу туһунан байыаннай дьайыы кирбиитигэр сылдьар дьоруойтан, төлөпүөнүнэн кэпсэтэммин, туоһаластым.

-- Туох санааттан байыаннай сулууспаҕа хантараак түһэрсибиккиний?

-- Хантараагы чугас дьоммор эппэккэ эрэ, 2023 с. ахсынньы 13 күнүгэр баттаабытым. Ол иннинэ санаабар тугум эрэ тиийбэт, табыллыбат курдук этэ. Кэнники кэмҥэ наар ааппыттан иҥнэ сылдьыбытым. Аатым туох диэн суолталааҕый, мин курдук ааттаах дьоннор бааллар дуо диэн хасыһан үөрэппитим. «Родина» уонна «Мир» диэн тыллары холбоон ийэм ааттаабыт. Славянскай аат, оннук ааттаах байыаннайдар, хамандыырдар бааллар эбит. Ону санаан бараммын хантараак баттаан кэбиспитим. Оттон позывнойбун быһаардахха, биһиги төрдүбүтүн-ууспутун Бурҕааттар диэн ааттыыллар, ону ылыммытым, «ҕ» дорҕоону «х» буукубаҕа уларытаммын «Бурхаат» диэн ааттаммытым.

Хорсун быһыы оҥордум дии санаабаппын

-- Хорсун быһыы оҥордум дии санаабаппын. Биһиги бойобуой сорудаҕы толоро бардахпыт дии, - диэн Родимир кэпсээнин сэмэйдик саҕалыыр, - Икки суукканы быһа тохтоло суох киирсибиппит. Бүтэһик киирсиибитигэр сарсыарда 5 чаастан күнүс 2-гэ диэри турууласпыппыт. Өстөөх үстэ кимэн киирэ сатаабыта. Биһигини эргийэн ылар былааннаахтара. Ол эрэн, сытар сирбит, таактикабыт үчүгэйдик толкуйдаммыт буолан, быдан табыгастаах балаһыанньалаах этибит. Ол үрдэл олус наадалаах, ону сүтэрбиппит буоллар, олох уустук балаһыанньа буолуохтаах этэ. «Сокол» диэн хамандыырбыт кытаанах санаалаах киһи: «Хайаан да үрдэли тутабыт!» - диэн чопчу сорук туруорбута. Төһө да бааһырдарбыт, туруоруллубут соругу ситиспиппит, көмө кэлиэр диэри бары хорсуннук киирсибиппит.

Мин ити киирсиигэ иккитэ таптарбытым. Иккистээн бааһыран баран биирдэ хайдах эрэ уһуктан кэлбит курдук буолбутум. Көхсүгэ чыпчаххайынан охсубуттуу аһый гыммыта. Бастаан сылааһыгар улаханнык биллэрбэтэҕэ. Ол кэмҥэ көмө кэтэһэр этибит. Көмөбүт кыайан кэлбэккэ уһаабыта, кэлбэттэр да кэлбэттэр. Биһиэхэ тириэрдэр биир эрэ суол баар, быһа холоон 600 миэтэрэ усталаах буолуо. Аны суолбутун өстөөх бүөлээн сытар. Онон көмө кэлэрэ ыарахан буоллаҕа, чопчу ханан кэлэр табыгастааҕын билбэттэр даҕаны. Ол иһин ыксаан «тыыннаах хаалар буоллахпына хаалабын, суох буоллаҕына суох» диэн бараммын бэйэм көмө аҕала барарга санаммытым. Уолаттарбар бүтэһик баачыкаттан биэстии-алталыы устуука ботуруону ылан түҥэттээбитим. «Камикадзе «чыычаахтары» ытымаҥ, хамсыы сылдьыҥ», - диэн сорудахтаабытым. Уопуттаах «Кэбээй» диэн уолбун ыстаарсайынан хаалларбытым уонна: «Уолаттары үчүгэйдик көрө сырыт, билигин көмө аҕалыам», - диэн эппитим. Бэйэбит дьоммутугар тахсарга миинэлээх хонууну туоруур эрэ кыах баара. Ол хонууну артиллериянан ытыалыы сатаабаттар. Онон миинэлээх хонууга сүүрэн тахсыбытым. Снаряд ханан түһүөхтээҕин быһа холоон билэбин. Иккитэ ыта сатаабыттара, снарядтар аттыбар түспүттэрэ да, таппатахтара. Өссө түргэнник сүүрэн биэрбитим. Ити курдук дьоммор тиийбитим уонна хорсун буоллуннар диэммин, санааларын көтөҕөммүн: «Куттанымаҥ, барыта үчүгэй, кыайдыбыт, - диибин, - Манан, маннык бараҕыт», - ыйан-кэрдэн бэрдим. Уолаттар, дьэ суолу билэннэр, тутатына көмөҕө барбыттара. Инники кирбииттэн тахсыбыт киһи сирэйим-хараҕым хаан-сиин буоллаҕа, тутатына бастакы көмөнү оҥорбуттара. Көмө тиийиэр диэри үрдэлгэ хаалбыт уолаттарым этэҥҥэ оборуоналаммыттара. Ол киирсииттэн бары бааһыран тахсыбыттара.

Тыҥааһыннаах түгэҥҥэ

-- Манна, байыаннай дьайыыга, харса суох диэн атыннык өйдөнөр. Дьиҥинэн, мин харса суох буолбатахпын ээ. Киирсэр кэмҥэр киһи куттаммат, буолуохтааҕын курдук ылынар. Инники кирбииттэн таҕыстаххына эрэ, кутталыҥ киирэр буолар эбит. Укронацистары кытта сирэй көрсөн, эт илиинэн киирсэртэн куттаммат этибит, оннукка хайдах да кинилэри кыайар кыахтаахпыт. Биһиги олохпутугар быдан кутталлаах артиллерия, квадракоптердар, камикадзелар о.д.а. сэбиргэл. Уопсайынан сэбиргэлинэн ытыалааһын кэмигэр хомуллуохха, куттанымыахха, түргэнник толкуйдуохха наада эбит. Көмө аҕала баран иһэммин итинник санаалааҕым уонна айыылартан, өбүгэлэрбиттэн, аҕабыттан «абырааҥ, араҥаччылааҥ, көмөлөһүҥ, көмүскээҥ» диэн көрдөһө-ааттаһа испитим. Ити киирсиигэ чугас доҕотторбутун сүтэрбиппит. Кинилэр оннуларыгар толооҥҥо биһиги да хаалыахпытын сөп этэ. «Тоҕо тыыннаах хааллыбыт?» диэн кэнники толкуйдаан көрөр буоллум. Тэҥҥэ сылдьан, биир иһиттэн аһаан, кэккэлэһэ утуйан чугастык доҕордоспуппут. Уолаттаргын сүтэрэр ыарахан. «Саха ньоҕой – оҕото өссө ньоҕой» диэбиттии өһөс майгылаах эбиппит. Ол иһин да буолуо, доҕотторбутун сүтэрбит кыһыыбыт-абабыт биһигини харса суох оҥорон кииристэхпит.

Өлөн-охтон биэриэхпит суоҕа

-- Маҥнай бииргэ сылдьар сахалар элбэх этибит. Билигин олох аҕыйаатыбыт. Үксүлэрэ эмтэнэ сылдьаллар. Манна сахалар хайдах курдук түмсүүлээхпитин бары билэллэр. Атыттарга холоотоххо санаабыт да, итэҕэлбит да күүстээх быһыылаах. Бэйэ-бэйэбитин өйдөһөбүт-өйөһөбүт. Кырдьык күүспүт түмсүүгэ сытар дии санаатым. Саха сахаҕа бэрт чугас, убайдыы быраат курдук сылдьабыт. Чугас доҕотторбор, тэҥҥэ сылдьар уолаттарбар олус итэҕэйэбин, эрэнэбин, кинилэр эмиэ ол курдук миэхэ сыһыаннаахтар. Наһаа эрэнэр эбиппит бэйэ-бэйэбитигэр. Ол иһин ыксаллаах, ыарахан түгэҥҥэ командование ким хамандыыр буоларый диэн ыйыппытыгар уолаттар тутатына Бурхаат буолар диэн эппиттэрэ, онон хамандыыр буолбутум. Дьиҥинэн, мин уолаттартан саамай кыралара этим. Ол эрэн сытыылара мин, киирэн-тахсан, кэпсэтэн-ипсэтэн, хамандыырдары кытта быһаарсан, ол иһин уолаттар тылбын истэллэр, ытыктыыллар. Уолаттары наар түмэ сатыыбын. Сахалар төһөнөн түмсүүлээхпит да, соччонон өлөн-охтон биэриэхпит суоҕа.

Доҕотторум үксүлэрэ госпиталга эмтэнэ сыталлар. Мин бааһырыым халымыр. Саха быраастара үлэлиир буоланнар, үчүгэйдик эмтээннэр, түргэнник оннубар түспүтүм.  Онно ыарахан бааһырыылаахтар бааллар, миэстэни ылан таах сытыам дуо диэммин уонна суох буолбут уолаттарым малларын-салларын хомуйан, дьонноругар ыыталаан, ийэ буордарын булларыам этэ диэн санааттан эрдэ тахсыбытым. Билигин доруобуйам үчүгэй, бойобуой.

Манна үлэлии кэлбит волонтердары, быраастары кытары билсэ сатыыбын. Кинилэр биһиэхэ көмөлөрө туохха да тэҥнэммэт, санаабытын бөҕөргөтөр ураты күүстээх. Бу ыстатыйаны ааҕар буоллахтарына икки Анатолийдарга, манна кэлбит быраастарга, Саха Сирин тирэх киинин үлэһиттэригэр барыларыгар барҕа махтал.

Кимтэн кииннээх, хантан төрүттээх

Родимир Таатта улууһун Туора Күөл нэһилиэгиттэн төрүттээх. 1997 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Оскуоланы 9 кылааһынан бүтэрэн, М.Н. Жирков аатынан муусука кэл­лиэһигэр үөрэммитэ, ырыаһыт идэтин баһылаабыта. Анал байыаннай дьайыыга барыан иннинэ Магадааҥҥа баахтанан геологическай чинчийиигэ (геологоразведка) бурильщик көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээбитэ. Родимир амарах аҕа, иккис кылааска үөрэнэр Роберт диэн уоллаах.

7_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

-- Ийэм Максимова Варвара Николаевна миэхэ саамай күндү киһим, тирэҕим, көмөлөһөөччүм. Кини кытаанах майгылаах, күүстээх санаалаах, муударай толкуйдаах, эппитэ син биир туолар. Саамай чугас дьонум эбэм Анна Ивановна уонна эһэм Николай Афанасьевич Куһумууннар. Мин эбэ-эһэ оҕотобун. Биһиги аймахха хорсун киһибит эбэм дии саныыбын. Кинини батаммын сытыыбын быһыылаах. Бииргэ төрөөбүт балтылаахпын, бырааттаахпын, убайдаахпын. Толлор киһим убайым. Кини миэхэ аптарытыат, эттэ да бүттэ, сокуон диэбит курдук. Биһиги халыҥ, олус түмсүүлээх аймахпыт. Туох эрэ буолла да, түмсэ түһэбит, бэйэ-бэйэбитигэр көмө-тирэх буолабыт. Араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттабыт, күрэхтэһии буоллун, успуорт буоллун, ырыа-тойук, култуура буоллун, барытыгар тиһэҕэр диэри киирсэбит. Чугас дьоммор элбэҕи кэпсии сатаабаппын. Ийэм, эбэм олус долгуйаллар, айманаллар, ол иһин харыстыы сатыыбын.

Ийэ уонна оҕо ситимнэрэ

Родимир ийэтин Варвара Николаевнаны мин чугастык билэбин. Кини бэрт дьаһаллаах, сытыы-хотуу далбар хотун. Варвара Николаевна Туора Күөл орто оскуолатын оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору иитэр-үөрэтэр салаатыгар муусука салайааччытынан үлэлиир. Саха Сирин уһуйааннарын муусука салайааччыларын уонна иитээччилэрин түмсүүлэрин көҕүлээн тэрийбитэ. Өрөспүүбүлүкэ таһымыгар үгүс сэминээрдэри, куурустары ыытан, үлэтин уопутун тарҕатан, биллэр-көстөр педагог. Оҕону муусукаҕа үөрэтиигэ-иитиигэ бастыҥ уһуйааччы. Варвараттан дьиэ-кэргэнин, уолун туһунан сырдатыгар көрдөстүм.

4_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

-- Родимир иккис оҕонон төрөөбүтэ. Кыра эрдэҕиттэн, сарсыардаттан киэһээҥҥэ дылы айаҕа хам буолбат, элбэх кэпсээннээх. Лиидэр хаачыыстыбалааҕа уонна айар дьоҕурдааҕа эрдэттэн биллибитэ.  Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, олоҥхо да, хоһоон да ааҕан уус-уран ааҕыыларга кыттар этэ. Эбэлэрэ Анна Ивановна сиэннэрин ыллатара, онон Родик 8 сааһыттан сыанаҕа ыллаабыта-туойбута. Норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустарга тиийэ гыраан-при, лауреат буоланнар ситиһиилэрэ элбэх. Оҕолорбут оскуоланы бүтэрэллэригэр бэлэм артыыстар буолан уһуйуллан, сайдан тахсыбыттара. Оччолорго биһиги дьиэ кэргэн өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох көр-күлүү тыйаатырдаах этибит. Оҕолорбут улааталларын саҕана ансаамбыл тэринэннэр ырыа өттүнэн барбыттара. Инньэ гынан кинилэр, тыйаатырбытынан, кэнсиэрдэрбитинэн гостуруолларга тэбис-тэҥҥэ сылдьыспыт буоланнар, айар куттаах дьон буола иитиллэн тахсыбыттара. 2019 с. өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ» куонкуруска кыттаммыт «Үгэһи тута сылдьар ыал» диэн анал аакка тиксибиппит.

6_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

Родик эр киһи быһыытынан миэхэ даҕаны, эбэтигэр, эһэтигэр, кыргыттарга наһаа үчүгэй сыһыаннаах. Куруутун көрө-истэ сылдьар. Бардаҕына-кэллэҕинэ хайаан да кэһии тутуурдаах буолар. Быраатыгар, балтыгар олус чугас. Оҕолоро ыарыйдахтарына «туох буолла, хайаата, көрбөккөҕүт ыарытыннарбыккыт буолуо, эмтээтигит дуо» диэн аймана түһээччи. Кырдьаҕаһы-кыамматы аһынар, көмөлөһөр. Доҕор-атас диэн киниэхэ олус суолталаах, кинилэр тустарыгар били «атаҕа тостор» диэбит курдук сыһыаннаах. Кыра эрдэҕиттэн элбэх доҕоттордоох, билэр дьоннордоох. Ити курдук, дьоҥҥо-сэргэҕэ амарах, болҕомтолоох сыһыаннаах.

9_copy_copy_copy_copy.jpg

WhatsApp_Image_2024-04-17_at_17.27.29.jpg

Былырыын күһүн байыаннай дьайыыга барыахпын баҕарабын диэбитин тылбар киллэрэн ыыппатаҕым. Оттон кыһын миэхэ эппэккэ эрэ, хантараак баттаспыт этэ. Бигэ санааны ылыммытын хайдах гыныахпытый. Ийэ киһи быһыытынан тардына туттаммын, наһаа аймаммаккабын уолбун атаарбытым. Туо­раттан дьон көрдөхтөрүнэ, улахан тыаһы-ууһу таһаарбакка, холкутук сылдьар курдук көстөрүм буолуо эрээри, долгуйарым, санаарҕыырым ханна барыай. Бойобуой сорудах толоро бардахтарына утуйар уум көтөр. «Оҕом этэҥҥэ сырыттын» диэн үрдүкү күүстэртэн, айыылартан көрдөһөбүн-ааттаһабын. Родик наһаа аҕамсах. Аҕабыт Дмитрий Иванович икки сыллааҕыта күн сириттэн күрэммитэ. «Оҕоҕун үөһээттэн көрө-истэ сырыт» диэн утуйуом иннинэ кэргэммиттэн көрдөһөбүн. Санаабар көмөлөһөр, араҥаччылыы сылдьар курдук. Кэлин, ыстатыйалартан ааҕан билбитим, уолум эмиэ ыксаллаах түгэннэргэ аҕатыттан көрдөһөр-ааттаһар эбит. Итинник сүбэлэспэккэбит эрэ мин кэргэммиттэн, кини аҕатыттан көрдөһөр. Уолум бастакы киирсиитигэр киирэригэр кэргэммин түһээбитим. Ол иннинэ кини хаһан да түүлбэр киирбэт этэ. Аҕабыт: «Һычы, барыта үчүгэй буолуо», - диир. Дьиктитэ диэн маннык ис хоһоонноох түүлү Родик дьүөгэтэ Ньургуйаана эмиэ түһээбит этэ.

3_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

Мин дьиҥинэн алыс итэҕэйэр үгэстээх киһи буолбатахпын, ол гынан баран, төрөппүт оҕотун кытта куйаар нөҥүө ситимнээх эбит диэн итэҕэйдим. Бэйэ-бэйэбититтэн олох ыраах сылдьар буоллахпыт дии, оттон куйаар нөҥүө ситимнэнэн эн тугу саныырыҥ барыта оҕоҕор тиийэр дииллэрэ кырдьык эбит. Онон үчүгэйи, үтүөнү эрэ ыраҥалааҥ. Тоҕо диэтэххэ, ытыы-соҥуу сырыттахха, онтукайыҥ оҕолоргутугар куһаҕанынан дьайар. Курус санааларгытын киэр илгэн кэбиһиҥ. Барыта этэҥҥэ, үчүгэй буолуо диэн бигэ эрллээхпин.

8_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

***

Этэҥҥэ сылдьыҥ, хорсун буойуттарбыт! Кыайыы кынаттаах эргиллээриҥ!

Антонина НЕУСТРОЕВА

Хаартыскалар Максимовтар архыыптарыттан

  • 21
  • 4
  • 0
  • 1
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31