Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -1 oC

Аҕа дойду Улуу сэриитин ыар кэмнэрэ хас биирдии норуокка, хас биирдии ыалга сүрэхтэн оспот баас суолун хаалларбыта. Сэрии кими даҕаны аһымматаҕа.  Төһөлөөх элбэх эдэркээн уолаттар, кыргыттар олохторун суола саҥа саҥаланан иһэн быһыннаҕай... Төһөлөөх элбэх харах уута тоҕуннаҕай?

Ол сылларга Суоттуга оҕо дьиэтигэр иитиллибит тулаайахтары үйэтитиигэ аналлаах "Соттинский детский дом 1943-60 гг." диэн кинигэ күн сирин көрдө.   

Аҕа дойду Улуу сэриитин ыар кэмнэрэ хас биирдии норуокка, хас биирдии ыалга сүрэхтэн оспот баас суолун хаалларбыта. Сэрии кими даҕаны аһымматаҕа.  Төһөлөөх элбэх эдэркээн уолаттар, кыргыттар олохторун суола саҥа саҥаланан иһэн быһыннаҕай... Төһөлөөх элбэх харах уута тоҕуннаҕай?

Ол сылларга Суоттуга оҕо дьиэтигэр иитиллибит тулаайахтары үйэтитиигэ аналлаах "Соттинский детский дом 1943-60 гг." диэн кинигэ күн сирин көрдө.   

 “Хас биирдии киһиэхэ оҕо эрдэҕинээҕи кэмиттэн араас санаалар хаалаллар. Бу санаалар үөрүүлээх-хомолтолоох, күлүүлээх-курус, сырдык эбэтэр ыар буолаллар. Мин ийэм дьүөгэлэрин кытары алтыһан улааппытым. Кинилэр бары Уус Алдан Суотту нэһилиэгэр баар оҕо дьиэтигэр иитиллэн тахсыбыт дьон буолаллар. Ийэм куруук оҕо дьиэтигэр буолбут түгэннэр туһунан кэпсиирэ, хайдах курдук кинилэр бары бииргэ түмсэн үлэлииллэрин, үөрүүлээх, хомолотолоох түгэннэрин, киһи үтүө уонна хаҕыс майгылаах буоларын, доҕордоһууларын уонна тапталларын туһунан. Сыл хонук ааһар, онтон оҕо дьиэтигэр иитиллибит дьон майгылара-сигилилэрэ олус кытаанах, бойобуой буоларыттан, ыарахан кэмнэргэ илиилэрин түһэрэн, ыгыстан кэбиспэттэриттэн, доҕордорун таҥнарбаттарыттан, түһэн биэрбэттэриттэн сөҕөрүм улаатан испитэ. Кинилэр биир дьиэ кэргэн кэриэтэ, бары бииргэ төрөөбүт дьон курдуктар. Билигин кинилэр 70-80 саастаах ытык дьоннор, хомойуох иһин, олохпут суола оҥоһуллуутунан, киһи анараа дойдуга төннөр, онуоха, кинини кытары урукку кэм устуоруйата барсар. Ол иһин, кинилэр туһунан сибээстээх, хаартыскалардаах ахтыылары оҥорорго санаммыппыт”, - диэн кинигэ биир ааптара Юлия Илларионова санаатын үллэстэр.

572add54-b6a0-491a-ad8e-1144be4a567d.jpg

 Бу кинигэ Аҕа дойду Улуу сэриитин сут-кураан, олох ыарахан содулларыттан тулаайах хаалбыт оҕолору Сэбиэскэй былаас өйөөн, оҕо дьиэлэрин арыйарга көмөлөспүтүн туһунан суруллар. Саха сиригэр 1950-с сыллаахтан тулаайах оҕо ахсаана аччаан, элбэх оҕо дьиэтэ үлэтин тохтоппута. Оттон Суотту нэһилиэгин оҕо дьиэтэ хаалбыт, онон ол сабыллыбыт сирдэртэн: Амматтан, Үөһээ Бүлүүттэн, Горнайтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Намтан, Тааттаттан, Чурапчыттан, ону таһынан, Дьокуускай куорат үллэриитинэн – кэлбит оҕолорго аанын тэлэччи аһан көрсүбүт.  

e5b49f88-ab25-4c43-8eda-af7300e16f5d.jpg

Бу хомуурунньук СӨ национальнай архыыбын докумуоннарыттан, СӨ Үөрэх уонна билим министиэристибэтин ведомственнай архыыбыттан, Уус Алдан улууһун архыыбыттан, хаһыат ыстатыйаларыттан, дьиэ кэргэннэр хаартыскалартан, Суотту оҕо дьиэтин үлэһиттэрэ, иитиллээччилэрэ ахтан-санаан кэпсээбиттэрэ сурукка тиһиллэн, хомуллан таҕыста.Бу докумуоннар уонна, бастакы уочарат, онно олоро, үлэлии сылдьыбыт дьон ахтыылара, сэрии кэнниттэн ыарахан кэмҥэ тулаайах хаалбыт оҕолорго сэбиэскэй былаас улахан көмөтүн туһунан өйдөбүл хааларыгар көдьүүс буоллулар. Кэллиэгэм, настаабынньыгым, кинигэ ааптара  Дарья Попова историк быһыытынан дириҥ, киэҥ билиитэ сөптөөх хайысханы тутуһарга көмөлөстө", – диэн Юлия Илларионова билиһиннэрдэ.

Нуучча суруйааччыта, уопсастыбаннай диэйэтэл, СССР Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, норуоттар икки ардыларынааҕы оҕо пуондатын бэрэсидьиэнэ, Арассыыйатааҕы оҕо пуондатын бэрэссэдээтэлэ, оҕо саас научнай исследовательскай институтун дириэктэрэ Альберт Лиханов тылларынан эпиграф кинигэни арыйар: “Манастыырдар көмөлөрө сорохторго, ыраахтааҕылар үтүөлэрэ үгүстэргэ, сэбиэскэй былаас - барыларыгар” (Шеломова А.М. тылбааһа).

9d70144d-fc2c-4b38-8f9f-cc7b10dcd7a7.jpg

Кинигэ бастакы сүрэхтэниитэ бу дьыл ыам ыйын 8 күнүгэр Дьокуускай куоракка Ем.Ярославскай аатынан түмэл этнографическай балаҕаныгар буолан ааспыт. Бу соторутааҕыта Суотту нэһилиэгэр Хоноҕордооҕу "Түһүлгэ" СК, олохтоох бибилэтиэкэ тэрийилэринэн, Суоттуга оҕо дьиэтигэр иитиллибит дьоҥҥо аналлаах презентацията буолан ааста.

1731f0aa-24dd-4643-9e07-7138a1785e51.jpg

Иитиллээччилэр улааппыт дьиэлэрин куруук көрөн, ахтан-санаан, махтанан ааһаллар. Сыллар ааһаллар, дьиэлэр эргэрэн, алдьанан, эмэҕирэн, көтүрүүгэ баран, суох буолан иһэллэр. Инньэ гынан, сэрии ыар кэмнэригэр быыһаабыт  оҕо дьиэлэрин үйэтитэр,  итиэннэ эдэр көлүөнэ төрөөбүт дойдутун устуоруйаны биллин диэн,  кинигэ суруллар кэмигэр Суоттуга мэҥэ таас туруорбуттар.

Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаевка, Бырабыыталыстаба салайааччытыгар, “Победа-75” өрөспүүбүлүкэтээҕи пуонда бэрэссэдээтэлигэр, А.С.Владимировка, РСФСР, ЯАССР үтүөлээх учууталын И.П.Рыбкина чугас дьонугар, Суотту оҕо дьиэтин иитиллээччилэригэр, дьиэ кэргэннэригэр кинигэ тахсарыгар үп өттүнэн көмөлөспүттэригэр улахан махталларын биллэрэллэр.

c3cc2138-60e0-4cd2-af11-6b6a3b736644_1.jpg

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением