Дьон-сэргэ ити сонуну кэрэхсии-сэргии истибитэ. Биллэрин курдук, ирбэт тоҥ үрдүгэр үөскээбит аан дойду ордук улахан алааһын – Мүрү эбэ географическай киинин (ортотун) -- булан бэлиэтиир туһунан санааны биһиги биир дойдулаахпыт Александр Николаевич Жирков эппитэ хас да сыл буолла. Салгыы кини “Якутгипрозем» тэрилтэни кытта кэпсэтэн, Мүрү эбэ географическай киинин буллаттаран, туоһу сурук оҥотторбута. Дьон ону өйөөбүтэ.
“Якутгипрозем” тэрилтэ оҥорбут түмүгүнэн, Мүрү эбэ хабыллар хаба ортото -- Уулаайы диэн арыы. Аны туран, бу арыы эбэбит саамай үрдүк сирэ. Анаабыт курдук. Александр Николаевич Эбэ ортотун бэлиэтээн, мэҥэ таас туруорарга этии киллэрэн, сүбэлэһэн баран, Нерюнгри хайалаах разреһыттан 10 туонна ыйааһыннаах кыһыл гранит тааһы аҕаларга кэпсэппитэ.Муус устар 4 күнүгэр Александр Николаевич төрөөбүт улууһугар тахсан, Мүрү эбэ ортотугар мэҥэ бэлиэ туруохтаах сирин алҕааһын сиэрин-туомун тэрийиигэ кыттыбыта.
Быйыл өрөспүүбүлүкэбит 100 сыла туолар бэлиэ түгэнигэр эппит тылын толорон, сиэрин-силигин ситэрэн, муус устар 12 күнүгэр Уулаайы арыыга 10 туонналаах, түөрт муннуктаах кыһыл гранит таас көһөҥөтүн тиэйтэрэн аҕалан, аналлаах олоххо түһэрии буолла.
«Бу мэҥэ таас – Мүрү эбэ барахсаны сүүһүнэн сыллар анараа өттүлэригэр булан, таптаан, сөбүлээн олохсуйбут, дьоннообут-сэргэлээбит биһиги өбүгэлэрбит бэлиэтэ. Бу мэҥэ таас – маннык кэрэ-бэлиэ сир тула уутуйан олохсуйбут биһиги улуус билиҥҥи дьоно-сэргэтэ бэйэлэрин эбэлэригэр ытыктабылларын, харыстабылларын бэлиэтэ. Бу мэҥэ таас – биһиги, бүгүҥҥү дьон, кэлэр кэмҥэ, кэнчээри дьоҥҥо илгэлээх тыллаах илдьиппит. Сүүһүнэн сыллар ааһыахтара. Мүрү эбэ баар баар буола туруоҕа, мэҥэ бэлиэ таас эмиэ баар буолуо. Бу кэрэ-бэлиэ сиргэ биһиги удьуордарбыт удьуордара, саҥаттан саҥа дьон таптаан-сөбүлээн олохсуйа туруохтара. Кинилэр саха куттаах буолуохтара. Бүгүн турбут мэҥэ тааһы кинилэр бу биһиги, бүгүҥҥү дьон, төрөөбүт-үөскээбит сирбитигэр-уоппутугар, дойдубутугар тапталбыт, ытыктабылбыт, харыстабылбыт бэлиэтин курдук ылыныахтара. Биһигини өйдүөхтэрэ уонна махталлаах буолуохтара. Оннук үйэлээх ситим буолан үйэлэргэ кэрэхсэнэ туруоҕа».
- 1
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0