Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

«Сиэрдээх Арассыыйа – Патриоттар – Кырдьык туһугар» баартыйа Ил Түмэҥҥэ фракциятын салайааччыта Софрон Антонович Афанасьев:

«Сиэрдээх Арассыыйа – Патриоттар – Кырдьык туһугар» баартыйа Ил Түмэҥҥэ фракциятын салайааччыта Софрон Антонович Афанасьев:

--Арассыыйаҕа тас өттүттэн ыгааһын күүһүрүүтэ дойдубут иһинээҕи социальнай-экэнэмиичэскэй бэлиитикэтигэр уларыйыылары ирдиир. Билиҥҥи быһыыга-майгыга судаарыстыбаннай былаас инники күөнүгэр гражданнары уонна биисинэһи өйөөһүн таҕыста. Маныаха биһиги баартыйабыт маннык этиилэри киллэрэр:

Справедливые

1.       Сыананы оруна суох үрдэтэр үспүкэлээннээһиҥҥэ систиэмэлээх миэрэлэри ылыныахха. Эбии ааҕыылары (надбавка, наценка) хааччахтыахха. Сыананы ФАС уонна да атын хонтуруоллуур уорганнар кыраҕатык кэтииллэрин ирдиэххэ.

2.       Дохуот нолуогар прогрессивнай шкаланы киллэриэххэ. Ол курдук, 20 тыһ. солкуобайтан кыра дохуоттаах дьону НДФЛ нолуогуттан босхолуохха.

3.       Дойду хас биирдии олохтооҕо тииһинэн олоруу алын кээмэйиттэн итэҕэһэ суох харчыны ыларын ситиһиэххэ -- бу Конституциянан мэктиэлэммит быраап. Ол алын кээмэй 31 тыһыынча солкуобайтан кыра  буолуо суохтаах.

4.       Эми-тому атыылаһарга уонна хомунаалынай өҥөлөрү төлүүргэ нэһилиэнньэҕэ субсидия көрүөххэ.

5.       Дьоҕус уонна орто биисинэстээх урбаанньыттары 2022 сыл бүтүөр диэри баайга-дуолга, тырааныспарка нолуоктан босхолуохха.

Байыаннай эбээһинэстээхтэр, быраабы араҥаччылыыр уорганнар үлэһиттэрэ Украинаҕа олус наадалаах мииссийэни толоро сылдьаллар. Кинилэр неонацистары эрэ кытары күөн көрсүбэттэр, утарсааччыларыгар арҕаа дойдулар көмө буолаллар. Харчынан, аныгы саанан-саадаҕынан хааччыйаллар, туохтан да куттаммакка, тас дойдулартан наемниктары ыыталлар. Бу анал операцияны биһиги туспутугар быһаарыахха наада. Судаарыстыбабыт аан дойдуга эйэни олохтуурга туруулаһа сылдьар байыаннайдарын сөптөөхтүк сыаналыа.

Мин, бэлиитик быһыытынан, тус санаабар, байыаннай дьайыылар түмүктэннэхтэринэ, Арассыыйа Донецкай уонна Луганскай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэри РФ састаабыгар киллэрэр эбээһинэстээх.

  • 0
  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением