Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -4 oC

Аммосовы, Бараховы, Ойуунускайы, Аржакову кытта бииргэ үлэлэспит, Саха Сиригэр сэбиэскэй былаас олохтоноругар кыттыспыт, үрүҥ гвардеецтарынан хаайылла сылдьыбыт, Саха Сирин судаарыстыбаннаһын уонна көмүһүн бырамыысыланнаһын төрүттэспит Степан Васильев өҥөтө умнулунна, аата сотулунна. Ньурба улууһун салайааччылара, дьокутааттара итинник дииллэр.

Аммосовы, Бараховы, Ойуунускайы, Аржакову кытта бииргэ үлэлэспит, Саха Сиригэр сэбиэскэй былаас олохтоноругар кыттыспыт, үрүҥ гвардеецтарынан хаайылла сылдьыбыт, Саха Сирин судаарыстыбаннаһын уонна көмүһүн бырамыысыланнаһын төрүттэспит Степан Васильев өҥөтө умнулунна, аата сотулунна. Ньурба улууһун салайааччылара, дьокутааттара итинник дииллэр.

Кинилэр история бу мөккүөрүгэр сокуоннаах туочуканы туруорарга туруорсаллар.

«Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын төрүттэспит историческай  лиичинэстэри быһаарар СӨ сокуонун ылыныы уопсастыбаннай, научнай дьүүллэһиитин Ил Түмэн былаһааккатыгар тэрийэн ыытар наадалааҕынан уонна тоҕоостооҕунан ааҕабыт. Биһиги Максим Аммосов, Былатыан Ойуунускай, Степан Аржаков кылаатын билинэрбит чахчы. Ону тэҥэ, Саха Сирин уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэлэ Степан Васильевич Васильев бу улуу дьон кэккэлэригэр сокуон өттүнэн бигэргэниэхтээҕэ эмиэ саарбаҕа суох».

все яасср 1

Бу сурукка Ньурба улууһун баһылыга Алексей Иннокентьев, 19 нэһилиэк баһылыктара бары уонна улуус дьокутааттара илии баттаатылар. Бу иһитиннэрии Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеевкэ уонна норуот дьокутааттарыгар туһаайыллар.

«Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһыгар сыһыаннаах өрөгөйдөөх тэрээһиннэргэ биир дойдулаахпыт үтүө аата ахтыллыбакка хаалар диэн хомойон, хараастан этэбит. Өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар историческай кырдьыгы сөргүтэргэ уолдьаста. СӨ туһааннаах сокуона ылылыннаҕына, бу боппуруос научнай дакаастабыла чопчуланыа, араас үспүкүлээссийэ тохтуо. Степан Васильевич уонна өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын атын төрүттээччилэрин туһунан өйдөбүл кэриэстэниэ этэ» диэн бэлиэтииллэр сурук ааптардара.

Ыҥырыыны улуус баһылыга Алексей Иннокентьев көҕүлээбитэ:

- Степан Васильевы Ньурба бары олохтоохторо күндүтүк саныыллар. Бу ыҥырыыны бэлэмниирбэр, атын улууска олорор дьону кытта эмиэ сүбэлэспитим. Кинилэр, биллэн турар, бу көҕүлээһини өйүүллэр. Бу туһунан мөккүөр да суох этэ: ньурбалар бары бу ыҥырыыга илии баттыырга бэлэмнэр.

Сокуон Саха Сирин судаарыстыбаннаһын олохтоспут дьону кимнээх буолалларын быһааран, сырдык ааттарын үйэтитиэхтээх. Мин санаабар, бу сокуоҥҥа кинилэр ааттарын уулуссаларга, тэрилтэлэргэ, судаарыстыбаннай бириэмийэлэргэ, наҕараадаларга иҥэрэр туһунан балаһыанньа баар буолуохтаах. Историяны уларытан суруйар наадата суох, манна бүтэһиктээх быһаарыыны оҥоруохха. Степан Васильевич судаарыстыбаннай таһымҥа биһирэнэрэ тоҕоостоох. Хомойуох иһин, оннук биһирэбили дэҥҥэ көрөбүт.

Ньурба олохтоохторо өрөспүүбүлүкэ историческай өйдөбүлэ-өйө кылгаһыттан хоргуталлара эмиэ да сиэрдээх курдук. 2016 сыллаахха, Степан Васильев төрөөбүтэ 120 сылыгар, Комдрагмет тиэргэнигэр киниэхэ пааматынньык туруорбуттара.

памятник

Ол гынан баран, ол өрөспүүбүлүкэ өҥөтө буолбакка, тэрилтэ дириэктэрэ уонна Степан Васильев аймаҕа Карл Васильев көҕүлээһинэ этэ. Ол миитиҥҥэ Ньурба улууһун чулуу уола үлэлээбит сирдэригэр – Москубаҕа уонна Алдаҥҥа -- өйдөбүнньүк билиитэлэри туруоруохпут диэн эрэннэрбиттэрэ. Москубаҕа туруорбуттара, оттон Алдаҥҥа илиилэрэ тиийбэтэҕэ. Бу билигин өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар Дьокуускай уулуссаларыгар эмиэ Аммосов, Ойуунускай, Бараахап, Аржаков... төрүттээччилэр баннердарын туруортаатылар.

отцы

Ол эрээри Степан Васильев дойдутугар Ньурба киин уулуссата, болуоссат, оскуола кини аатынан ааттанан тураллар. Васильев төрөөбүт сиригэр, Маалыкай сэлиэнньэтигэр, кини аатынан сылгы собуота уонна кыраайы үөрэтэр түмэл баар.

Түмэл дириэктэрэ Александр Ильин-Егоров биир дойдулаахтарын сорохтор тоҕо умна сатыылларын быһаарда:

- 1915 сыллаахха Степан Васильев Дьокуускайдааҕы учуутал семинариятыгар киирэн, Аммосовы, Ойуунускайы, Аржакову, атын биллэр-көстөр бэлиитикэ диэйэтэллэрэ буолуохтаах дьону кытта Емельян Ярославскай кистэлэҥ куруһуогар сылдьыбыта. Өрөбөлүүссүйэ туһунан билиини кинилэр бары онтон ылбыттара. Аптаныамыйа оҥоһуллар кэмигэр губревком Иркутскайга баар этэ. Дьокуускай Москубалыын быһалыы кэпсэтэр кыаҕа суоҕа, ол иһин Иркутскай кэмитиэтин нөҥүө сибээстэһэр этэ. Биллэн турар, оннук балаһыанньа Саха Сиригэр табыгаһа суох буолан, Москуба аптаныамыйаҕа сөбүлэспитэ. Ол эрэн, сөбүлэһии усулуобуйалаах этэ: аптаныамыйа биирдиилээн дьон көҕүлээһиннэринэн буолбакка, улахан мунньах быһаарыытынан ылыллыахтаах. Быраабыла быһыытынан, биир дакылаат аптаныамыйаны өйүөхтээх, оттон биирэ утарыахтаах. Ол кэннэ дьүүллэһэн баран куоластыыллар. Степан Васильев саамай холку майгылааҕа, атыттар бары уоттаах-төлөннөөх революционердар этилэр. Ол иһин Аммосов: "Аптаныамыйаны утары дакылааты Васильев аахтын", -- диэбитэ. «Бу сорук уустугун өйдүүбүн эрээри, ону эйиэхэ сүктэрэбин, Степан». Степан бу эппиэтинэһи сүкпүтэ, дакылааттаан баран, аптаныамыйа иһин куоластаабыта.

Кэлин сорох историктар итиннэ олоҕуран, “Степан Васильев утарбыта” диэннэр, кини оруолун намтатар буолбуттара. Ол да буоллар, оччотооҕуга Степан Васильев ким диэки буоларын бары өйдүүр этилэр.

 Аммосов, Ойуунускай, Бараахап өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһыгар аналлаах түмэллэрдээхтэр. Олор судаарыстыба харчытынан тутуллубуттара уонна онтон үбүлэнэн олороллор. Оттон Степан Васильев аатынан Маалыкайдааҕы кыраайы үөрэтэр мусуойу 2006 сыллаахха олохтоохтор бэйэлэрэ хомуйбут харчыларыгар туттарбыттара. Билигин олохтоох бүддьүөт харчытынан үбүлэнэр.

Егор Антонов, историческай наукалар хандьыдаата:

-Ойуунускайы, Аммосовы, Бараховы, Аржакову, Мегежекскэйи, Винокуровы кытары тэҥҥэ Степан Васильев Саха Сирин судаарыстыбаннаһын аптаныамыйалаах өрөспүүбүлүкэ тутулун олохтоспута, уопсастыба, экэниэмикэ, култуура сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбитэ. Дьоҥҥо-сэргэҕэ кинилэр тустарынан өйдөбүл үйэлэргэ хаалыаҕа.  Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүттээбит аҕалар тустарынан анал сокуону ылыныы туһунан этэр кыаҕым суох, тоҕо диэтэххэ, РФ атын өрөспүүбүлүкэлэригэр итинник балаһыанньалар баалларын өйдөөбөппүн. Бу – бэлиитикэ боппуруоһа. Оттон история өттүттэн көрдөххө, Васильев аҕа төрүттээччи дэнэрэ тоҕоостоох.

Федор Григорьев, «Сахамедиа» АУо шеф-эрэдээктэрэ, Ньурбаттан төрүттээх:

- Ыҥырыы тыл олус сөптөөх ис хоһоонноох. Тоҕо диэтэххэ, Дьокуускайга сэбиэскэй былааһы, дьиҥэр, Степан Васильев олохтообута. Аммосов, Ойуунускай, Аржаков хойут кэлбиттэрэ. Үрүҥнэри утары бастакынан саалаах сэриилэспитэ. Историктар туоһуларынан, Максим Аммосов киниттэн уонна Исидор Бараховтан куттанар этэ. Сурах буолбут улуустаһыы ол да саҕана баар этэ, Бүлүү улуустарыттан сылдьар Васильевтаах Барахов киин улуус дьонуттан өйдөрүнэн-санааларынан атын этилэр. Уопсайынан эттэххэ, Васильев уонна Барахов оҥорбуттарын Аммосов, Аржаков сайыннарбыттар эрэ.

СТЕПАН ВАСИЛЬЕВ ОЛОҔО

Степан Васильевич Васильев Бүлүү уокуругун Бордоҥ нэһилиэгэр 1896 сыл ахсынньы 28 күнүгэр дьадаҥы сүөсүһүт дьиэтигэр төрөөбүтэ. Маалыкай сэлиэнньэтигэр Мэҥэдьэк начаалынай церковнай-приходской оскуолатын уонна Ньурба икки кылаастаах училищетын бүтэрэн баран, 1915 сылга Дьокуускай учууталын семинариятыгар киирбитэ.

Дьокуускайга сокуоннайа суох бойобуой дружинаны тэрийэргэ көхтөөхтүк кыттыбыта. 1918 сыл от ыйын 1 күнүгэр Дьокуускайы үрүҥ гвардеецтартан хаан тохтуута суох босхолообут уонна Саха Сиригэр аан маҥнай сэбиэскэй былааһы олохтообут Рыдзинскай кыһыл гвардиятын этэрээтин дружина сорудаҕынан көрсө бара сылдьыбыта. Васильев сэбиэскэй үлэҕэ актыыбынайдык кыттар этэ.

Контр-өрөбөлүүссүйэ кэмигэр Дьокуускайга, онтон 1918 сыл ахсынньытыттан 1919 ахсынньытыгар диэри Иркутскайга хаайыллыбыта. Босхолонон баран, Иркутскай парторганизациятынан Прибайкальеҕа Колчак тыылыгар сокуоннайа суох үлэҕэ ыытыллыбыта, Семенов генерал этэрээтин штабынааҕы сэбин-сэбиргэлин суох гынарга кыттыыны ылбыта. Васильев Иркутскай хомсомуолун төрүттэспитэ.

револ

Саха Сиригэр төннөн баран, манна хомсомуолу тэрийэн саҕалаабыта. 1920 с. бэс ыйыттан 1921 с. олунньутугар диэри КСМ Дьокуускайдааҕы күбүөрүнэ тэрилтэтин бюротугар бэрэссэдээтэлинэн, 1921 с. олунньутуттан атырдьах ыйыгар диэри РКП(б) обкомун пропагандаҕа уонна аҕытаассыйаҕа салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ, ону тэҥэ РКП(б) Губбюротун, Губревком чилиэнэ этэ. 1921 с. балаҕан ыйыттан 1925 с. атырдьах ыйыгар диэри Москубаҕа Я.М. Свердлов аатынан Хомуньуус университетыгар үөрэммитэ.

сткдент

Үөрэҕин бүтэрбитин кэннэ, хомуньуус баартыйа кинини Саха Сиригэр оробуочай-бааһынай иниспиэксийэ наркомунан анаан ыыппыта, онтон Уобаластааҕы хонтуруол хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. 1926 с. муус устарыгар, М.К. Аммосов этиитинэн, көмүс хостуур бырамыысыланнаһын треһин тэрийэргэ Алдаҥҥа командировкаҕа ыытыллыбыта. Алдантан төннүбүтүн кэнниттэн «Якутзолото» сойуустаах треһи тэрийэр үлэҕэ Москубаҕа барбыта.

петровскай

1927 с. балаҕан ыйыгар Москубаттан төннүбүтүгэр, Саха АССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин толорооччутунан анаммыта. Бу дуоһунаска 1928 с кулун тутарыгар диэри үлэлээбитэ.

Хомуньуус баартыйа Киин хонтуруоллуур хамыыһыйатын чилиэнэ (1927-1934). Серго Орджоникидзе мэктиэтинэн 1928 с. балаҕан ыйыттан 1930 с. от ыйыгар диэри хомуньуус баартыйа Киин хонтуруоллуур хамыыһыйатын партколлегиятын чилиэнинэн үлэлээбитэ.

комсомол

 1930 с. от ыйыттан – ССРС оробуочай-бааһынай иниспиэксийэтин Киин хонтуруоллуур хамыыһыйатын өҥнөөх металларын бөлөҕүн салайааччыта.

1931 с. муус устар 12 күнүгэр Васильев өҥнөөх металлары, кыһыл көмүһү хостуур уонна оҥорон таһаарар оробуочайдар сойуустарын Киин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллан, 1934 с. диэри үлэлээбитэ.

Онтон 1939 муус устарыгар диэри Арассыыйа хомуньуус баартыйатын Киин кэмитиэтин иһинэн Баартыйа хонтуруолун хамыыһыйатыгар ыарахан бырамыысыланнас бөлөҕүн салайааччытынан үлэлээбитэ.

1939 с. ыам ыйыттан сэтинньитигэр диэри – Москуба массыына өрөмүөннүүр 2-с собуотун дириэктэрэ.

 1939 с. сэтинньи 6 күнүгэр «Москубатааҕы саха буржуазнай-националистическай киин тэрилтэтин» төрүттээһиҥҥэ уонна салайыыга, Дьоппуон туһатыгар үспүйүөннээһиҥҥэ, куорҕаллааһыҥҥа, о.д.а. олоҕо суохтук буруйданан хаайыллыбыта.

репрессия

1943 сыл алтынньы 26 күнүгэр Коми АССР Канин бөһүөлэгэр (билиҥҥитэ Печора куорат) бэлитиичэскэй хаайыылаахтар лааҕырдарыгар өлбүтэ.

1956 с. атырдьах ыйын 18 күнүнээҕи ССРС Үрдүкү Суутун Байыаннай коллегиятын уурааҕынан Васильев реабилитацияламмыта.

Сергей СУМЧЕНКО.

  • 5
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением