Үрдүк сололоох ыалдьыты «Сиэрдээх Арассыыйа -- Патриоттар – Кырдьык иһин» социалистическай бэлитиическэй баартыйа Судаарыстыбаннай Дуумаҕа фракциятын дьокутаата, Судаарыстыбаннай Дуума доруобуйа харыстабылыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Федот Тумусов арыаллаан илдьэ сырытта.
Москубаттан кэлбит күнүгэр, ол эбэтэр бэс ыйын 17-гэр, Сергей Миронов Бырабыыталыстыба иккис нүөмэрдээх дьиэтин аактабай саалатыгар суруналыыстары кытары көрсөн, атах тэпсэн олорон сэһэргэспитэ, ыйытыыларга хоруйдаабыта. Бүгүн ол сэһэргэһииттэн ойо тутан биэрэбит.
Кэлбит соругум
– Бастатан туран, Ил Дархан Айсен Николаевка өрөспүүбүлүкэ 100 сылын бэлиэтиир үбүлүөйгэ ыҥырбытын иһин махтанабын.
Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕар сылдьыам. Өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй туругун билсиэм, урут тас дойдуттан киллэриллэр бородууксуйаны бэйэ оҥорбут бородууксуйатынан солбуйууга туох үлэ-хамнас ыытылларын билсиэм.
Мин доҕорум, баартыйанан табаарыһым Федот Тумусов -- Судаарыстыбаннай Дуума биир күүстээх дьокутаата, чаҕылхай бэлиитик. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сыһыаннаах боппуруостары сөптөөх таһымҥа туруулаһар, онуоха көмөлөһөргө мэлдьи бэлэммин. Тоҕо диэтэххэ, үлэбин Саха Сириттэн саҕалаабытым, эспэдиисийэҕэ Алдан-Төөмтөөн иэнин сыыйбытым, онон бу уһун, тымныы кыһыннаах, тыйыс айылҕалаах хотугу дойду олоҕун-дьаһаҕын үчүгэйдик билэбин. Бэйэм идэбинэн хайа инженерэбин, геофизикпын. Бастаан Ленинградтааҕы индустриальнай техникуму, онтон Плеханов аатынан Ленинградтааҕы хайа институтун бүтэрбитим. Кэлин да манна элбэхтик сырыттым, кэнники сэттэ сыллааҕыта кэлэ сылдьыбытым.
Өлүөнэни туоруур муоста
--Эһиги өрөспүүбүлүкэҕит көмүстэн уонна алмаастан саҕалаан, ньиэпкэ-гааска тиийэ дойдуну минеральнай-сырьевой ресурсанан хааччыйан олорор.
Өлүөнэ өрүһү туоруур муостаны тутуу суолтатын үгүстэр ситэ өйдөөбөттөр. Муоста баара буоллар, бачча киэҥ сирдээх-уоттаах өрөспүүбүлүкэҕэ норуот туттар табаарын, аһы-үөлү, тутуу матырыйаалын тиэйии-таһыы кэмигэр оҥоһуллуо, үп-харчы бөҕөтө кэмчилэниэ этэ. Кэнэҕэски өттүгэр тимир суол да өрүһү туоратыллыан сөп. Онон Өлүөнэ муостатын тутуу өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, дойду үрдүнэн стратегическай суолталаах. Биһиги фракциябыт муоста тутуутун өйүүр.
Сэлиини эргинии
Сыллата 100 туонна муос хостонор, онтон 30 туонната сокуоннайа суох эргитиллэр. Ырыынакка 50 кг сэлии муоһа 15 тыһ. дуолларга сыаналанар. Бу эйгэни сокуонунан сүрүннүүр сыалтан Ил Түмэн 2005 сыллаахха «Айылҕа ураты ресурсатын — мааман фаунатын хостонуллар тобоҕун туһаныыны уонна дьаһайыыны сүрүннүүр туһунан» сокуону ылыммыта. Сир баайын туһаныы федеральнай боломуочуйа буоларынан, боппуруоһу федеральнай таһымынан быһаарарга Ил Түмэн «Арассыыйа айылҕатын ураты ресурсатын – мааман фаунатын ресурсатын көдьүүстээхтик туһаныы туһунан» федеральнай сокуон барылын оҥорон, Судаарыстыбаннай Дуумаҕа түһэрбитэ хамсыы илик.
– Мааман фаунатын тобоҕун, сэлии муоһун хостоон, туһаҕа таһаарыы, искусство кэрэ айымньыларын айыы саха култууратын биир уратыта буолар, – диэтэ Сергей Миронов. – Эһиги дьокутааттаргыт мааман фаунатын ханнык нуормаламмыт аахталарынан салайтаран, кимиэхэ уонна хайдах хостотору, харайары билэллэр. Онон мин кинилэр бу көҕүлээһиннэрин өйүүбүн.
Минераллары кэллиэксийэлиир идэлээхпин. Федерация Сэбиэтигэр бэрэссэдээтэллиир кэммэр Саха Сирин оҕото, ахсыс кылаас үөрэнээччитэ, сэлии муоһун бэлэхтээн турар. Ол бэлэҕинэн кини миэхэ сэлии муоһа мээнэ булумньу буолбатаҕын өйдөтөн турар. Муоһу уонна кэллиэксийэбин мусуойга туттарбытым.
Нолуок туһунан
-- «Сиэрдээх Арассыыйа -- Патриоттар – Кырдьык иһин» баартыйа Судаарыстыбаннай Дуумаҕа фракцията нолуогу табаар биитэр өҥө оҥоһуллар сиригэр төлөтөр туһунан көҕүлээһини оҥордо.
Онон, сир баайын туһаҕа таһаарар хампаанньа офиһа төһө даҕаны Москубаҕа биитэр Петербурга регистрацияланнар, кини нолуогун сүрүн үлэлиир (сир баайын хостуур) сиригэр төлүөхтээх. Холобур, Саха Өрөспүбүлүкэтин сиригэр-уотугар үлэлиир хампаанньалар нолуоктара манна, тустаах муниципальнай тэриллиигэ, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр киириэхтээх.
Болонскай систиэмэ наадата суох
--Арассыыйа – ядернай держава. Сэриилээн ылар кыахтара суох. Ону билэннэр, араас өттүттэн үтэн-анньан көрөллөр. Ол биир көрүҥэ үөрэхтээһин ситимин, исписэлиистэри бэлэмнээһин тиһигин үрэйии буолар.
Болонскай систиэмэнэн үрдүк үөрэх «бакалавриат», «магистратура» диэн арахсар, устудьуон түөрт сыллаах бакалавриат кэнниттэн идэтин уларытар, өссө омук сиригэр талбыт университетыгар үөрэнэр кыахтаах диэн буолбута. Оччотугар ыччаппыт кимиэхэ анаан үөрэнэрий уонна төһө үчүгэй бэлэмнээх исписэлиис буолан тахсарый?
Үрдүк үөрэх тиһигин мөлтөппүт бакалавриаттар, магистратуралар биһиэхэ төрүт наадалара суох. Уруккубут курдук, биэс сыллаах үрдүк үөрэх тиһигин чөлүгэр түһэрэн, саҥалыы сайыннарыахпыт.
Сэриилээбэппит, босхолуубут
--Биһиги баартыйабыт Донецкайдааҕы уонна Луганскайдааҕы норуодунай өрөспүүбүүкэлэри өссө 2014 сыллаахха билиммитэ. Ити кэмтэн ыла националистар бу өрөспүүбүлүкэлэргэ хайдах сыһыаннаһалларын, төһөлөөх айгыратыыны оҥорбуттарын бары бэркэ билэҕит.
Бэрэсидьиэн Владимир Путин Украинаны милитаризмтан, национализмтан, неофашистартан босхолуурга туруорбут соруга толоруллуох тустаах. Байыаннай эпэрээссийэ саҕаланыан иннинэ Украина сэбилэниилээх күүстэригэр төһө тааҥка, сөмөлүөт, артиллерия, о.д.а. анал тиэхиньикэ баарын туһунан чахчыны билэр буоллаххытына, ону НАТО хааччыйарын өйдүүргүт чахчы. Зеленскэй эрэсиимэ баарын тухары национализмы суох оҥоруу боппуруоһа быһаарыллыа суоҕа. Хааннаах клоуну, Зеленскэйи, Одессаҕа Идэлээх сойуустар дьиэлэригэр трибуналынан сууттуур наада.
Арассыыйа анал дьайыылары саҕалаан, улахан алдьатыылаах кутталы туоратта. Биһиги бэйэбит билиҥҥи, кэнэҕэски олохпутун буолбакка, бүтүн аан дойду көҥүл кэскилин быыһыыбыт.
«России быть!»
--Муус устар 17 күнүгэр ыытыллыбыт Судаарыстыбаннай Дуума пленарнай мунньаҕын трибунатыттан мин маннык луоһуннаах тыл эппитим.
Арассыыйаны симэлитиэхтэрин баҕараллар. Историяны бэйэлэрин туһаларыгар токуруталлар, Аан дойду иккис сэриитигэр ким быыһаабытын «умналлар». Арассыыйаны судаарыстыба быһыытынан эһэ сатыыллар – кини территориятын, элбэх омуктаах иллээх норуотун, баай үгэстэрдээх култууратын. Европалыы сыаннастары сыҥалыыллар, олохсуйбут үгэстэри, төрүт култуураны симэлитэ, ЛГБТ, «бастакы нүөмэрдээх, иккис нүөмэрдэх төрөппүт» диэн өйдөбүллэри олох сиэрэ оҥоро сатыыллар.
Арассыыйа нуучча эйгэтин туһугар эрэ буолбакка, киһи аймах интэриэһин туруулаһар, киһи аймах цивилизациятын туһугар охсуһар. Владимир Путин мэлдьи, ордук чуолаан билигин, тас дойдулары кытары сыһыаҥҥа сиэрдээх бэлиитикэни тутуһар. Арҕааҥҥы дойдулар сааҥсыйаларын күүһүртүлэр эрээри, дьиҥинэн, ол бэйэлэригэр оҕуста. «Эбэтигэр куһаҕаны оҥоро сатаан, кулгааҕын үлүппүт» диэн бэргэн этии баар. Чэ, ити бэйэлэрин кыһалҕалара.
Арассыыйа кыахтаах, элбэх омук биир дьиэ кэргэн курдук иллээхтик олорор, атын дойдуларга холобур буолар судаарыстыба. Биһигини көрөллөр: Кытай, Индия, Африка... Быһата, Евросойуус дойдуларыттан, АХШ-тан уратылар бары.
Арассыыйа тутуспут суолуттан туораабат. Кини Европа киинигэр үөскээбит фашизмы иккистээн суох оҥоруоҕа. Арассыыйа баар этэ, баар уонна баар буола туруоҕа.
Раиса СИБИРЯКОВА
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0