Ѳрѳспүүбүлүкэ үс бочуоттаах гражданинын настаабынньыга
— Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2023 сылы Педагог уонна уһуйааччы сылынан, оттон Ил Дархан Саха Сиригэр Үлэ сылынан биллэрбиттэрэ. Мантан сиэттэрэн, олоҕум холобурунан, уһуйааччы оруолун туһунан сэһэргиэм.
«Настаабынньык» диэн тыл мин олохпор аҕам Петр Гаврильевич Данилов уобараһын кытары дьүөрэлэһэр. Кини олоҕо уустуктардаах эрээри, олус чаҕылхай этэ. Аҕам 1915 сыллаахха Уус Алдан Томтор нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Вознесенскай таҥара дьиэтигэр сүрэхтэммитэ. Кыра сааһыгар, аҕата таҥара дьиэтин үлэһитэ буоларынан, репрессияҕа түбэһэр. 17 сааһыгар Мүрү сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрээт, Кэптэни нэһилиэгэр холкуоска суоччут дуоһунаһыттан үлэтин саҕалыыр.
1932 сыллаахха хотугу улуустар тэриллэллэр, олохтоохторго үөрэхтээһини киллэрэллэр, оскуолалары арыйаллар. Аҕабар Муома оройуоннааҕы Сэбиэтин маҥнайгы бэрэссэдээтэлэ Михаил Николаевич Пестряков Чурапчы нэһилиэгэр учууталлары бэлэмниир кууруска үөрэнэригэр этии киллэрэр. Билигин саныырга ыарахан эрээри, аҕам тоҕус ый устата айаннаан, Муома оройуонун Түбэлээх нэһилиэгэр тиийбит. Бу кэмтэн күргүөмнээх үлэтэ саҕаланар. Манна 1932 сыллаахха ааҕар балаҕаҥҥа аан маҥнайгы алын сүһүөх оскуоланы арыйсыбыт. Кэлин оройуон үөрэҕин салаатын салайбыта, үп салаатыгар сэбиэдиссэйдээбитэ. Бүтэһик 20 сыл устата «Муома» сопхуоска сүрүн экэнэмииһинэн үлэлээбитэ. «Бочуот знага» уордьанынан наҕарадаламмыта, РСФСР «Тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна» аатынан бэлиэтэммитэ.
Аҕам Муомаҕа үлэлии тиийбит эдэр исписэлиистэргэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһар эбит. Олохторугар ситиһиилэммит, салайааччы буолбут дьон идэлэрин баһылыылларыгар, салайар үлэҕэ сысталларыгар олук уурбутун туһунан кэпсиирэ. Бастакы үөрэнээччилэриттэн биирдэстэринэн баартыйа Муоматааҕы райкомун сэкирэтээринэн үлэлээбит Афанасий Федорович Старковы ахтара. Электрик дуоһунаһыттан саҕалаан сопхуос дириэктэрэ, оройуон салайааччыта буола үүммүт Семен Павлович Сукуевынан, эдэр исписэлииһинэн ананан кэлэн, үүнэн-сайдан оройуон Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, олоҕун тиһэх күннэригэр диэри өрөспүүбүлүкэтээҕи нолуок сулууспатыгар үлэлээбит Иван Гаврильевич Сухомясовынан киэн туттара. Олус убаастабыллаахтык баартыйа Муоматааҕы райкомун маҥнайгы сэкирэтээрин, САССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатын Варвара Андреевна Петрованы саныыра. Кинилэр аҕам 70 сааһын туолар үбүлүөйдээх күнүгэр эҕэрдэлии кэлбиттэрэ, элбэх иһирэх тылы эппиттэрэ. «Петр Гаврильевич олохпут суолугар маҥнайгы настаабынньыкпыт», – диэбиттэрин истэммин киэн туттубутум, астыммытым.
Манна даҕатан эттэххэ, Муома үс салайааччыта өрөспүүбүлүкэ Бочуоттаах гражданнара буолбуттара. Бу устуоруйаҕа киирбит түгэннээх соҕотох оройуон. Кинилэр настаабынньыктарынан мин аҕам буолар. Кини өрүү этэрэ: «...сэттэ кылаастаах да буолларбын, үөрэнээччилэрим убаастанар дьон буола үүмүүтүттэринэн киэн туттабын». Мин ону үйэм тухары умнубаппын.
Убай-настаабынньык – норуот учуутала
— Бииргэ төрөөбүт убайдарым холобурдарынан, убай-настаабынньык диэни билэбин. Холобур, улахан убайым Александр маҥнайгы учуутала – Саха Сирин норуотун учуутала Василий Софронович Долгунов. Кини эдэр сааһыгар Муомаҕа үлэлээбитэ. Кэлин Үөһээ Бүлүү физмат оскуолатыгар дириэктэрдээбитэ, оройуоннааҕы үөрэҕирии салаатын салайбыта. Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх, олус амарах санаалаах, холку майгылаах, таҥараттан бэриллибит талааннаах педагог этэ. Кини убайбын үрдүк үөрэххэ киирэригэр сүбэлээбит уонна Ленинград куоракка туттарса барарыгар арыаллаабыт.
Аҕам оскуоланы үрүҥ көмүс мэтээлинэн, салгыы Ленинградтааҕы үп-экэниэмикэ институтун туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитэ. Кэлин тыа хаһаайыстыбатын миниистирин экэниэмикэ уонна үп боппуруостарыгар солбуйааччынан, экэниэмикэ уонна үп миниистиринэн, Москуба куоракка СӨ Бэрэстэбиитэлистибэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлээбитэ.
Оскуола – оҥорон таһаарыы – үрдүк үөрэх
— Оскуоланы бүтэрэн баран, үрдүк үөрэххэ туттарсаары үөрэх кыһаларын үөрэппитим. Бу кэмҥэ аҕам миигин сопхуос дириэктэрэ, ССКП XXIV сийиэһин дэлэгээтэ, Ленин уордьанын кавалера Петр Иванович Павловы кытары көрсүһүүгэ ыҥырарын туһунан эппитэ. Дириэктэр хоһугар иккиэн киирбиппит. Кэпсэтиигэ «сопхуоска үлэлии хаал» диэн тылларыгар киллэрбиттэрэ, оччотугар, баҕарбыт үрдүк үөрэхпэр куонкуруһа суох киириэхпин сөбүн быһаарбыттара. Онон, 1968-1970 сс. «Оскуола – производство – үрдүк үөрэх» диэн девиһинэн, хомсомуол путевкатынан икки сыл «Муома» сопхуоска оробуочайдаабыппынан киэн туттабын. Бу үлэм түмүгүнэн «Пятилетка эдэр гвардееһа» буолбутум, ЫБСЛКС КК Бочуоттаах грамотатынан наҕараадаламмытым.
Аармыйаҕа – төрөппүттэр сөбүлэҥнэринэн
—Иккис убайым Спартак күн сирин 1944 сыллаахха көрбүтэ. Оҕо сааһыттан мотуруос буолар баҕа санаалааҕа, муораны ыра оҥосторо. 1960-с сылларга аармыйаҕа, Муоратааҕы байыаннай флокка ыҥырыллыбыта. Түөртэн тахса сыл устата уу аннынан устар атомнай лодкаҕа сулууспалаабыта. Бу кэмҥэ төрөппүттэрбит соһуччу сурук туппуттара, кинилэр уоллара баҕа өттүнэн Кубаҕа интернациональнай иэһин толоро барбытын билбиттэрэ. Кэлин, элбэх сыл ааспытын кэннэ өйдөөбүппүнэн, убайым «Карибскай кириисис» кыттыылааҕа эбит.
Хомойуох иһин, бойобуой иэһин толорор кэмигэр Спартак уу аннынан устар атомнай лодка саахалыгар түбэспит. «Хорсун быһыытын иһин» бойобуой мэтээлинэн наҕараадаламмыта, дьиэтигэр инбэлиит буолан эргиллибитэ уонна эдэр сааһыгар күн сириттэн күрэммитэ. Бу түбэлтэ мин инники олохпор суолталааҕа. Аармыйаҕа ыҥырыллыахтаах кэммэр төрөппүттэрбиттэн байыаннай комиссариаттан сөбүлэҥ ирдэнэрин, ол докумуона суох ханна да ыыппаттарын туһунан биллэрбиттэрэ. Хонууга төннөн кэлэн, төрөппүттэрбэр ол туһунан кэпсээбитим. Ийэлээх аҕам докумуоннары хасыһан, убайым наҕараадаламмыт докумуоннарын кытта ССРС оборуонатын миниистирин бирикээһин булбуттара. Докумуоҥҥа суруллубутунан, байыаннай дьайыылар инбэлииттэрин бииргэ төрөөбүттэригэр аармыйаҕа болдьоҕу уһатыы уонна ыҥырыы төрөппүттэрин сөбүлэҥнэринэн эрэ оҥоһуллара.
Мин сулууспалыахпын олус баҕарарым. Инньэ гынан, төрөппүттэрбин кытары нэһилиэк Сэбиэтигэр сөбүлэҥ толорбуппут. Сайабылыанньаны оскуола тэтэрээтин лииһигэр суруйан баран, күөх бэчээти туруорбуттара. Ол докумуону туппутунан байыаннай комиссариакка тиийбитим уонна аармыйаҕа бэбиэскэ туппутум. Олус үөрбүтүм. Забайкальетааҕы байыаннай уокурук Чита уобалаһынааҕы тааҥка чааһыгар сулууспалаабытым. Элбэх истиҥ, эрэллээх доҕоттордоммутум.
Юрист буол – дьоҥҥо туһалаа!
— Идэбин таларбар улахан оруолу эмиэ аҕам ылбыта. «Мин үп-экэниэмикэ техникумугар үөрэниэхпин баҕарарым. Табыллыбатаҕа, сатамматаҕа. Ханнык идэни таларгыттан инники олоҕуҥ тутулуктаах. Эн юрист буол, сокуону уонна кырдьыгы туруулас!» – диэбитэ. Бу кэпсэтии олохпор быһаарыылаах буолбута. Ол кэмҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ юристары бэлэмниир үөрэх кыһата суох этэ. Онон араас куораттарынан олорор бииргэ сулууспалаабыт уолаттарбар телеграмма суруйан ыыталаабытым. Сотору Харьков куоракка Ф.Э Дзержинскай аатынан бэртээхэй юридическай институт баарын туһунан хоруйу тутан, тутатына төрөппүттэрбэр кэпсээбитим. Ийэм билэр дьонуттан, аймахтарбыттан иэс харчы көрдөөбүтэ. Сөптөөх сууманы хомуйан баран, «Вперед!» диэн алҕаабыттара. Оннук билбэт Харьков куораппар көппүтүм.
Устудьуоннуур сылларым биллибэккэ ааспыттара, үөрэхпин бүтэрээт өрөспүүбүлүкэтээҕи Борокуратуураҕа үлэҕэ анаммытым. Миигин өрөспүүбүлүкэ борокуруора Николай Нифонтович Каратаев көрсүбүтэ. Кинилиин өр сэһэргэспиппит. Төрөппүттэрим, олоҕум-дьаһаҕым, үөрэҕим туһунан кэпсээбитим. Ол кэнниттэн: «Эйиэхэ мин бэйэм туйахпын хатарааччыны көрөбүн. Сөптөөх ыстаас ылан баран, өрөспүүбүлүкэ Борокуратууратын биир бастыҥ салайааччыта буолуоҥ диэн эрэнэбин», – диэн эппитэ. Маннык алгыс тыллаах Усуйаана улууһун Борокуратууратыгар анаммытым. Бу улахан бырамыысыланнай оройуон этэ. «Силээннээх» уонна «Усуйаана» диэн таба иитиитинэн дьарыктанар сопхуостааҕа. Үлэ күөстүү оргуйбута. Үрдүк көрдөрүүлэрим иһин, РФ Борокуратууратын хайҕалын туппутум.
Депутатскайга Николай Иванович Соломовтыын билсибитим. Кини хомсомуол уонна баартыйа линиятынан үлэлиирэ. Элбэхтик кэпсэтэрбит. Кини: «Владимир Петрович, эн үчүгэй борокуруоргун, уопсастыбаннай үлэнэн дьарыктанарыҥ уолдьаста», – диэбитэ. Уопсастыбаннай олоххо үлэм саҕаламмыта. Хомсомуол райкомугар ыҥырбыттара, бөһүөлэк дьокутаатынан, райком чилиэнинэн талбыттара. Саҥа санаалар, доҕоттор баар буолбуттара.
Бу кэмҥэ баартыйа Усуйаанатааҕы райкомун бастакы сэкирэтээрэ Владимир Николаевич Михайлов ыҥыран ылбыта, миигин борокуратуураттан баартыйа уорганыгар көһөрөллөрүн туһунан иһитиннэрбитэ. «Баартыйа салайар, суолу ыйан биэрэр дойду күүһэ. Эйигин ып-ыраас кэскил күүтэр», – диэн туран, райкомҥа тэрийэр отдел инструкторынан көһөрөллөрүн туһунан быһаарыыны туттарбыта. Бу туһунан салалтабар иһитиннэрбиппэр, тутатына киин куоракка көһөрбүттэрэ.
Юридическай факультеты арыйарга!
— 1980-с сылларга баартыйа обкома университекка юридическай факультеты арыйарга олус эппиэтинэстээх дьаһалы биэрбитэ. Юрист идэтин баһылыан баҕалаахтар элбэхтэр эрээри, анал үөрэх кыһата суох этэ. Сыалы ситиһэргэ, өрөспүүбүлүкэ урукку борокуруора, генерал-майор, юридическай билимҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ маҥнайгынан диссертация көмүскээбит Михаил Михайлович Федоровтыын билсибитим. Кини бу кэмҥэ историческай факультекка старшай преподавателинэн үлэлиирэ. Кинилиин уонна университет проректора Иван Григорьевич Спиридоновтыын сыл аҥаара командировкаларынан сылдьыбыппыт. Маҥнай Иркутскайдааҕы судаарыстыбаннай университет иһинэн юридическай факультеты арыйарга үлэлэспиппит, ол табыллыбатаҕа. Кэлин Москуба куоракка тиийбиппитин өйөөбүттэрэ. Саха судаарыстыбаннай университетыгар историко-юридическай факультет аһыллыбыта. Диссертация көмүскээн, бэрэпиэссэр буолбутум, устудьуоннары үөрэтэрим. Оттон салгыы Тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар көспүтүм. Үс уолаттарым юрист идэлээхтэр, онон ол кэмнээҕи сырам дьиэ кэргэммэр ураты суолталаах.
Куорат Сэбиэтин бүтэһик бэрэссэдээтэлэ
— Дьокуускай куораттааҕы норуот дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтэ ыһыллыар диэри үлэлээбитим. Киин куорат Сэбиэтигэр 147 дьокутаат буолан үлэлиирбит. Дьокуускай куорат маҥнайгы мэринэн Павел Павлович Бородины талбыппыт. Кэлин кини РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан талыллыбыта. Тоҕус сыл устата РФ Бэрэсидьиэнэ Борис Николаевич Ельцин дьыалаларыгар управляющайдаабыта. Мэрия отделларын сэбиэдиссэйдэринэн олус кэскиллээх эдэр дьон үлэлээбиттэрэ. Холобур, норуот үөрэҕириитин отделыгар Евгения Исаевна Михайлова, култуура отделыгар Ольга Михайловна Харайбатова, үп отделыгар Альбина Александровна Виноградова. Сир кэмитиэтэ тэриллибитэ, бэрэссэдээтэлинэн Кирилл Афанасьевич Худогизов ананан үлэлээбитэ, кини сир боппуруостарыгар маҥнайгы реформатор этэ.
6«Ил Түмэн» уонна «Ил Тумэн» биир суолталаахтар
— Бэрэстэбиитэллээх уорганнар тэриллиилэригэр сыһыаннаах сокуоннары уонна бырааптары билбэппититтэн олус элбэх боппуруос үөскүүрэ. Үрдүкү Сэбиэккэ дьокутааттартан турар анал бөлөх хомуллубута. Бөлөххө Василий Васильевич Колмогоров, Егор Михайлович Ларионов, Юрий Павлович Поздняков, Валентина Александровна Долгашева, о.д.а. киирбиттэрэ. Бөлөх салайааччытынан миигин анаабыттара. Хас биирдии сокуон барылын, бэрэсидьиэн уурааҕын, дьаһалын, Төрүт сокуон о.д.а. боппуруостары ырытарбыт уонна көрөрбүт. Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай дьаралыктарын – былааҕы уонна Өрөгөй ырыатын бигэргэппиппит. Сокуону оҥорон таһаарар судаарыстыбаннай мунньах аатын толкуйдуурга кэккэ боппуруостар үөскээбиттэрэ. Манна учуонайдар, тыл үөрэхтээхтэрэ уонна уопсастыбаннас көхтөөх кыттыыны ылбытттара. Ырытыы кэнниттэн САССР Үрдүкү Сэбиэти «Ил Түмэн» диэн уларытарга биир санааҕа кэлбиппит. Маныаха эмиэ кэккэ боппуруос үөскээбитэ. Ол курдук, «Ил Түмэн» диэн тылга баар «ү» буукуба нуучча алпаабытыгар суоҕунан, биир да дойду баана ылымматаҕа. Онтон сиэттэрэн, «Ил Түмэн» уонна «Ил Тумэн» биир суолталаахтар диэн анал сокуон оҥоһуллубута. Ити кэнниттэн араас үп-харчы боппуруостарыгар хамсаныы тахсыбыта.
Быыбарга баҕа санаам
— Быйыл улахан быыбар хампаанньата буолуо. Анал байыаннай эпэрээссийэ ыытылла турарынан, арҕаа дойдулар саансыйаларынан, бүддьүөт харчытын харыстаан туһанарга ыҥырабын уонна этиилэрбин тиэрдэбин:
1. Ил Түмэн саҥа тутулун бигэргэтэргэ Ил Дархан Уурааҕынан анал хамыыһыйаны тэрийэргэ.
2. Төрүт сокуоҥҥа уларытыы ылынан, Ил Дархан икки төгүлтэн элбэхтик быыбардаммат диэн пууну устарга. Мин санаабар, өрөспүүбүлүкэ үрдүкү салайааччытын болдьоҕунан хааччахтыыр табыллыбат. Нэһилиэнньэ итэҕэйэр буоллаҕына, хас да төгүл туруорунуон сөп.
3. Ил Түмэн дьокутаатын дуоһунаһыгар биир эрэ болдьоххо талыахха. Ил Түмэн инникитин каадырдары уонна салайааччылары бэлэмниир буолуохтаах.
4. Судаарыстыбаннай былаас уорганнарын быыбарыгар 18-гар диэри сааһынан хааччахтааһыны түһэриэххэ. Билигин 14-15 саастаах сорох ыччат саҥа технологиялары баһылаата, билиилэрэ киэҥ. Мин санаабар, 16 саастарыттан быыбарга кыттар бырааптаналлара үчүгэй буолуо.
5. Өрөспүүбүлүкэ сокуоннарыгар олоҕуран, өрөспүүбүлүкэ биэс тутаах миниистирэ Ил Дархан Ыйааҕынан ананаллар. Инники кэскилбитин толкуйдаан, демократия оруолун күүһүрдэр сыалтан, СӨ Бырабыыталыстыбатын тутулун дьокутааттар куорпустара аныылларыгар этиилээхпин. Оччотугар, дьокутааттар ханнык баҕарар миниистири хонтуруоллуур кыахтаныахтара, быыбардааччыларыгар эппиэтинэстэрэ улаатыа.
6. Бигэргэммит өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн уларытар табыллыбат. Билигин бигэргэммит бүддьүөт ардыгар 5-6 төгүл уларыйар. Маны сөптөөх хамсаныы диэн сыаналаабаппын, үп-харчы уонна экэниэмикэ министиэристибэлэрэ судаарыстыбаннай бүддьүөт толоруутугар уларытыылары киллэрэллэрэ табыллыбат.
7. Дьокутааттар ахсааннарыгар араас мөккүөр тахсар. Мин Үрдүкү Сэбиэт дьокутаатынан уонна юридическай бөлөх салайааччытынан үлэлиир кэммэр, саҥа Ил Түмэҥҥэ икки палаатаны тэрийэргэ этии киллэрбитим. Хас биирдии улуустан биирдии дьокутаат өрүү үлэлиир буолуохтаахтар. Кинилэр сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри СӨ сокуоннарын бэлэмнээһининэн дьарыктаналлар. Оттон 35 дьокутаат баартыйа испииһэгинэн талыллар. Дьэ, оччотугар, чахчы мандаат туһугар киирсии баар буолуо этэ. Дьокутааттар уонна баартыйалар ахсааннара тэҥ буоллаҕына, хас биирдии баартыйа санаалара иһиллиэ этэ.
8. Төрүт сокуонунан былаас үс сүрүн хайысхалаах: сокуону таһаарааччылар, толорооччулар уонна суут уорганнара. Маныаха интэриэстэр иирсээннэрин (конфликт интересов) төрдүттэн суох оҥоруохха наада. Холобур, генеральнай дириэктэр Ил Түмэҥҥэ икки уорганы көрдөрөр – сокуон таһаарааччы уонна толорооччу. Быһаччы эттэххэ, күн бастакы аҥаарыгар Ил Түмэн сокуон ылынар, оттон иккис аҥаарыгар, сокуоҥҥа олоҕуран, тэрилтэтигэр үлэлиир. Бу икки өрүттээх ыстандаарт сыыһаларга тиэрдиэн сөп.
9. Саҥа регламены киллэрэн, норуот дьокутаата быыбардааччыларыгар кыбаарталга эбэтэр сыл аҥаарыгар биирдэ отчуот оҥоруохтаах. Оччотугар, мандаат сыаналаныа, нэһилиэнньэ өрөспүүбүлүкэ олоҕун интэриэһиргиир, кыттыһар буолуо.
Куорат дьокутааттарын Сэбиэтигэр этиилэр
—Мин киин куорат Сэбиэтин маҥнайгы уонна бүтэһик бэрэссэдээтэлэ буоларбынан, бэйэм кэккэ этиилэрдээхпин. Дьокуускай куорат биллэрдик улааппытынан, нэһилиэнньэтэ элбээбитинэн, дьокутааттар ахсааннарын элбэтэргэ ыҥырабын. Кинилэр босхо, уопсастыбаннай төрүккэ олоҕуран, үлэлииллэр, онон бүддьүөккэ ноҕурууска суох буолуо. Быыбардааччылар киин куоракка туох үлэ ыытылларын, сүрүн кыһалҕалары истэ-билэ сылдьыахтар этэ.
Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтигэр үлэлиир кэммитигэр, биир маҥнайгы докумуонунан Дьокуускай куорат дьаһалтатын ыстаатыһын бигэргэтэр докумуону оҥорбуппут. Дьокуускайга билим, үөрэх, оҥорон таһаарыы, социальнай эбийиэктэр үксүлэрэ кииннэнэллэр. Өрөспүүбүлүкэ тэбэр сүрэҕин ороскуоттара, кыһалҕалара Ил Түмэҥҥэ бастакынан туспа строканан көрүллүөхтээх.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0