Саха Сирин суола-ииһэ суох, ыраах олорор нэһилиэнньэлээх пууннарыгар Арассыыйа бэрэсидьиэнин быыбарын куоластааһына саҕаланар. Быыбар хамыыһыйалара 12 тыһыынча киһини хабар былааннаахтар диэн ЯСИА-ҕа өрөспүүбүлүкэ киин быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Фёдоров иһитиннэрдэ.

«Үлэ 26 улууска барыаҕа. Тэрилтэ салайааччыларыттан сайаапкалар киирэллэр, быыбардааччы ахсаанын испииһэгин биэрэллэр, баахта бөһүөлэктэригэр бааллары. Бу федеральнай таһымнаах быыбар, онон биһиги ааҕыыбытынан 12 тыһыынча киһи ыраах суола-ииһэ суох сирдэргэ эрдэ куолаһын биэриэҕэ. Кинилэри 76 быыбар учаастага хааччыйыаҕа. Дьааҥы, Булуҥ, Эдьигээн, Кэбээйи, Муома, Өлөөн, Томпо хамыыһыйалара бөртөлүөттэринэн көтүөхтэрэ, сылгыһыттарга массыыналарынан айанныахтара, Аллайыаха балыксыттарыгар — бурааннарынан», — диэтэ Евгений Фёдоров.