Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -26 oC

Саҥа киирбит субъектарбыт дьоно ханнык тылынан саҥаралларый? Украинскай тыл Арассыыйаҕа официальнай статуһа суох. Ол эрээри олохтоохтор бэйэлэрин икки ардыларыгар кэпсэтэллэрэ  бобуллубат.

Саҥа киирбит субъектарбыт дьоно ханнык тылынан саҥаралларый? Украинскай тыл Арассыыйаҕа официальнай статуһа суох. Ол эрээри олохтоохтор бэйэлэрин икки ардыларыгар кэпсэтэллэрэ  бобуллубат.

Оттон нуучча тыла Арассыыйа Федерациятыгар сүрүн судаарыстыбаннай тылбыт буолар. Онон нууччалыы билэллэрэ булгуччулаах.

“Иккис судаарыстыбаннай тылы Арассыыйа састаабыгар баар өрөспүүбүлүкэлэр эрэ бигэргэтэр  кыахтаахтар.  Уобаластар маннык бырааптара суох”, -- диэн Госдума дьокутаата Леонид Ивлев сыһыарыллыбыт субъектарга нуучча тылын статуһун быһаарда.

“Сиэрдээх Арассыыйа” баартыйа лиидэрэ Сергей Миронов: “Саҥа субъектар олохтоохторо РФ гражданствотын туох да бүрүкүрээтийэтэ суох быһалыы ылыахтара, өскөтүн кинилэр РФ гражданинын андаҕарын биэрдэхтэринэ”, --  диэн этии киллэрдэ.

Бу иннинэ биһиэхэ “норуодунай өрөспүүбүлүкэ” диэн өйдөбүл суох этэ. Онон эмиэ ымпыгын-чымпыгын чопчулуохтарын наада.

Судаарыстыбаннай Дуумаҕа саҥа холбоспут эрэгийиэннэрбитигэр координатор-дьокутааттар быһаарылыннылар: Луганскай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэҕэ -- Виктор Водолацкай, Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэҕэ -- Дмитрий Саблин, Запорожье уобалаһа --Андрей Красов, Херсон уобалаһа --Глеб Хор.

Саҥа субъектарга харчы единицатынан солкуобай олохтонор. “2022 сыл ахсынньы 21 күнүгэр диэри украинскай гривнаны туһанар көҥүллэнэр”, -- диэтэ судаарыстыбаннай тутулга уонна сокуону оҥорууга хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Павел Крашенинников.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Культура

Короткий путь в Вечность

5 декабря в Национальном художественном музее Республики Саха (Якутия) откроется выставка…
03.12.24 13:38