Бу күн итини тэҥэ РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Херсон уонна Запорожье уобаластара судаарыстыбаннай суверенитеттарын уонна тутулуга суох буолууларын билинии туһунан ыйаахха илии баттаата.
Норуот бэйэтэ талла
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр ДНР, ЛНР, Херсон, Зопорожье сирдэригэр тутулуга суох буолуу уонна Арассыыйа Федерациятын састаабыгар киирии референдума ыытылынна. Дьэ, ону аан дойду эспиэртэрэ, бэлиитиктэрэ, суруналыыстара бары онлайн кэтээтилэр. Онон барыта дьэҥкир, туох да албыннааһына-түөкүннээһинэ, балыыра суох барда.
Референдум түмүгүнэн Запорожскай уобалас быыбардааччыларын 93%-а, Херсонскай уобалас 87%-а Арассыыйаҕа холбоһор иһин куоластарын биэрдилэр. Оттон Донецкай уонна Луганскай өрөспүүбүлүкэлэргэ быыбарга кыттыбыттар 99 уонна 98 бырыһыаннара бары РФ састаабыгар киирэр суолу таллылар.
Бу саҥа 4 субъегы РФ бүттүүнэ өйүөҕэ, көмөлөһүөҕэ, мөлүйүөнүнэн дьон хас эмэ сыллаах баҕа санааларын толоруоҕа.
Аҕыс сыл устата айгыраабыт куораттары, урусхалламмыт дьиэлэри, алдьаммыт-кээһэммит балыыһалары, оскуолалары, тыйаатырдары, мусуойдары өрө тардыахпыт, элбэх тутууну ыытыахпыт, суолу-ииһи өрөмүөннүөхпүт. Собуоттары, фабрикалары чөлүгэр түһэриэхпит, бырамыысыланнаһы, тыа хаһаайыстыбатын, атыыны-эргиэни, производствоны сайыннарыахпыт, дьону үлэнэн хааччыйыахпыт. Дьон олороругар табыгастаах инфраструктураны тэрийиэхпит. Олох бары салаата – экэниэмикэ, үөрэх, доруобуйа харыстабыла, социальнай харалта, култуура, ускуустуба, спорт, литература, о.д.а. барыта тигинэччи үлэлиэҕэ.
Ымпыга-чымыга элбэх
Арассыыйа Федерациятын Конституционнай суута РФ састаабыгар саҥа субъектар киирэллэрин туһунан дуогабардары РФ Конституциятын кэспэттэрин, бары өттүнэн сөп түбэһэллэринэн бигэргэттэ.
Дуогабар сүрүн пууннара:
- Донецкай, Луганскай Норуодунай өрөспүүбүлүкэлэр, Запорожскай, Херсонскай уобаластар РФ састаабыгар дуогабар баттаммыт 2022 с. балаҕан ыйын 30 күнүттэн киирбиттэринэн ааҕыллаллар.
-Саҥа субъектар РФ экэниэмикэтин, үбүн-харчытын, кирэдьииттээһинин уонна быраабын систиэмэтигэр, маны тэҥэ РФ судаарыстыбаннай былааһын уорганнарын тиһигэр көһөр болдьохторо -- 2026 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри.
- Саҥа эрэгийиэннэр билиҥҥи ааттарынан хаалаллар: Донецкай, Луганскай Норуодунай өрөспүүбүлүкэлэр, Запорожскай, Херсонскай уобаластар.
-Донецкай, Луганскай Норуодунай өрөспүүбүлүкэлэр салайааччылара баһылык, оттон Запорожскай, Херсонскай уобаластар салайааччылара губернатордар диэн ааттаналлар.
-РФ бэрэсидьиэнэ РФ састаабыгар киирии кэнниттэн 10 хонук иһигэр саҥа субъектарга салайааччылары аныыр.
-РФ састаабыгар киирии күнүттэн Украина гражданнара, маны тэҥэ гражданствота суох саҥа эрэгийиэннэргэ олорооччулар РФ гражданнарынан билиниллэллэр.
-Донецкай, Луганскай Норуодунай өрөспүүбүлүкэлэр, Арассыыйа Федерациятын састаабыгар киирбиттэринэн, судаарыстыбаннай тылларынан нуучча тыла буолар.
-Украинскай тыл Арассыыйаҕа официальнай статуһа суох. Ол эрээри Арассыыйа Федерацията Донецкай, Луганскай Норуодунай өрөспүүбүлүкэлэр, Запорожскай, Херсонскай уобаластар олохтоохторо төрөөбүт тылларын харыстыылларын уонна үөрэтэллэрин мэктиэлиир. Онон бэйэлэрин икки ардыларыгар украинскайдыы кэпсэтэллэрэ бобуллубат.
“Иккис судаарыстыбаннай тылы Арассыыйа састаабыгар баар өрөспүүбүлүкэлэр эрэ бигэргэтэр кыахтаахтар. Уобаластар маннык бырааптара суох”, -- диэн Госдума дьокутаата Леонид Ивлев быһаарар.
-Саҥа субъектарга харчы единицатынан солкуобай олохтонор. “2022 сыл ахсынньы 21 күнүгэр диэри украинскай гривнаны туһанар көҥүллэнэр”, -- диэтэ Госдума судаарыстыбаннай тутулга уонна сокуону оҥорууга хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Павел Крашенинников.
-Судаарыстыбаннай Дуумаҕа саҥа холбоспут эрэгийиэннэрбитигэр координатор-дьокутааттар быһаарылыннылар: Луганскай Норуодунай өрөспүүбүлүкэҕэ -- Виктор Водолацкай, Донецкай Норуодунай өрөспүүбүлүкэҕэ -- Дмитрий Саблин, Запорожье уобалаһа --Андрей Красов, Херсон уобалаһа --Глеб Хор.
-Донецкай, Луганскай Норуодунай өрөспүүбүлүкэлэр, Запорожскай, Херсонскай уобаластар РФ састаабыгар киирэллэрин туһунан федеральнай конституционнай сокуоннарын түөрт барыла Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Арассыыйа бэрэсидьиэнинэн киллэрилиннэ.
- Судаарыстыбаннай Дуума уонна Федерация Сэбиэтэ Арассыыйа састаабыгар киирэр саҥа 4 субъегы ылар туһунан дуогабары ратификациялаата.
Ратификация диэн икки өттүттэн үрдүкү судаарыстыбаннай уорганнар норуоттар икки ардыларынааҕы суолталаах дуогабары юридическай күүһүн бигэргэтэллэрэ ааттанар.
Ол курдук, Донецкай Норуодунай өрөспүүбүлүкэ, Луганскай Норуодунай өрөспүүбүлүкэ, Херсон уобалаһа, Запорожье уобалаһа Арассыыйа Федерациятын састаабыгар киирэллэрин Госдума дьокутааттара биир санаанан 100 бырыһыан өйөөтүлэр. Онон Арассыыйа Федерацията 89 субъектаах буола түстэ.
“Бу түгэни луганскайдар, херсоннар, запорожьелар, донецкайдар 30 сыл күүттүлэр. Кинилэри батталтан, кырыктаах сыһыантан, өлүүттэн-сүтүүттэн быыһыыр суол бу эрэ – Арассыыйа састаабыгар киирии”, -- диэтэ Дуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин.
-Бу иннинэ биһиэхэ “норуодунай өрөспүүбүлүкэ” диэн өйдөбүл суох этэ. Онон эмиэ ымпыгын-чымпыгын болҕойон чопчулуохтара.
Саха Сирэ уруйдуур
Дуогабардар баттанар күннэригэр Сахабыт Сирин олохтоохторо Донецкай, Луганскай өрөспүүбүлүкэлэр, Запорожскай, Херсонскай уобаластар РФ састаабыгар киирэллэрин өйүүллэрин биллэрэн, Дьокуускай куорат Орджоникидзе болуоссатыгар миитин тэрийдилэр. Тэрээһиҥҥэ сүүһүнэн киһи кэлэн, саҥа субъектары уруйдаан оһуохайдаатылар, саха эстрадатын артыыстара кэнсиэр көрдөрдүлэр.
Норуот фронун эрэгийиэннээҕи салаатын хос бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Паньков тыл эттэ: “Биһиги референдум барыытын кыраҕытык кэтээбиппит. Түмүктэр история кырдьыгын көрдөрдүлэр. Олохтоохторо эйэлээх олоҕу таллылар, геноцид иэдээнин тохтоттулар. Арҕаа дойдулар кэм да күтүрүүллэр, биһиги ити быыбарга сабыдыаллаабыппыт курдук. Ол эрээри оннук буолбатах. Биһиги сыалбыт – эдэр ыччакка историяны токурутуута суох кырдьыгынан тиэрдии. Ол туһуттан маннык маассабай тэрээһиннэр, аахсыйалар ыытыллаллар.”
Дойдугутугар төннүбүккүтүнэн!
Арассыыйа Федерацията 89 субъектаммыт бэлиэ түгэнинэн Ил Дархан Айсен Николаев санаатын телеграм ханаалыгар үллэһиннэ:
--Бүгүн биһиги дойдубутугар уонна аан дойдуга улахан суолталаах историческай күн – РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин түөрт саҥа эрэгийиэни дойдубут састаабыгар киллэрэр туһунан дуогабардарга илии баттаата. Донецкай, Луганскай Норуодунай өрөспүүбүлүкэлэр, Запорожскай, Херсонскай уобаластар олохтоохторо биһиги улахан дойдубут гражданнара буоллулар.
Арассыыйа норуоттарын сүрүн сыаннастара – биир сомоҕо буолуу, бэйэ-бэйэни өйөһүү, өйдөһүү. Саҥа эрэгийиэннэр гражданнара биһиги улахан дьиэ кэргэммит – Арассыыйа -- өйөбүлүн билиэхтээхтэр. Маныаха биһиги өрөспүүбүлүкэбит номнуо бэйэтин кылаатын киллэрэ сылдьар. Ол курдук, Донецкай Норуодунай өрөспүүбүлүкэ Кировскай куоратын чөлүгэр түһэрэн эрэбит. Модун Арассыыйа сорҕото буолбут сирдэрбитигэр эйэлээх олох түстэниитигэр бэйэбит кыахпытынан көмөлөһүөхпүт.
РФ бэрэсидьиэнэ нацистар уталытыыта суох кэпсэтии остуолугар олороллоругар модьуйда. Мин эрэнэбин, билигин ол табыллыбат буоллаҕына, сотору хайаан да ити кэпсэтии буолуоҕа. Онуоха диэри биһиги уолаттарбыт, эр дьоммут, убайдарбыт, бырааттарбыт, саа-саадах тутан, саҥа эрэгийиэн гражданнарын эрэ буолбакка, биһиги модун Арассыыйабытын көмүскүүллэр.
Биһиги Украинаны кытары охсуспаппыт, биһиги бүтүн арҕаа дойдулары кытары киирсэбит. Кинилэр биһигини бэйэлээх бэйэбит суверенитеппытыттан аккаастанарбытын ирдииллэр. Суох, биһиги дойдубут дьоллоох, тутулуга суох көҥүл олоҕун туһугар туруулаһабыт. Маныаха бука бары биир санаа тула түмсүөх тустаахпыт.
Арассыыйаҕа босхоломмут сирдэр-уоттар холбоһуулара дойдубут дьылҕатын саҥа кэрдиис кэмин арыйда. Биһиги сомоҕолоһуубут уонна суверенитеппыт өссө күүһүрэн биэрдэ. Билигин Арассыыйа нэһилиэнньэтин ахсаана 150 мөлүйүөн киһи буолла!
Донецкай, Запорожье, Луганскай, Херсон ытыктабыллаах олохтоохторо, дойдугутугар, дьиэҕитигэр төннүбүккүтүнэн эҕэрдэлиибин!
Аны үйэлэргэ уларыйбат
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, “Биир ньыгыл Арассыыйа” фракция салайааччыта Антонина Григорьева:
--Биһиги историческай событие туоһулара буоллубут - Донецкай, Луганскай Норуодунай өрөспүүбүлүкэлэр, Запорожскай, Херсонскай уобаластар салайааччылара Арассыыйа Федерациятын састаабыгар киирэр туһунан дуогабарга илии баттаабыттарын илэ харахпытынан көрдүбүт. Бу холбоһуу референдум курдук бигэ юридическай тирэххэ олоҕурар.
Донецскай, Луганскай, Херсон, Запорожье олохтоохторо инникилэрин Арассыыйаны эрэ кытта ситимнииллэр. Дойдубутун дьиэлэрин тэҥэ санаан таллылар, кэнчээри ыччаттарын манна улаатыннараары.
Өрөспүүбүлүкэбит дьоно историческай кырдьык кыайыытыттан үөрэн, болуоссакка тахсан оһуохайдаата. Кинилэр саҥа субъектарбыт үөрүүлэрин үллэстэллэр. Онно эйэлээх олох түргэнник олохтоноругар, экэниэмикэлэрэ уонна инфраструктуралара чөлүгэр түһэригэр биһиги өрөспүүбүлүкэбит көмөлөһөр.
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, хомуньуустар фракцияларын салайааччы Виктор Губарев:
- Элбэх эрэйи көрсөн, бу быһаарыыны ылыннылар, туох да саарбаҕалааһына суох. Кинилэри Арассыыйа эрэ буолбатах, СНГ дойдулара эмиэ өйүүр. Бэрэсидьиэн бэлиэтээбитинэн, кинилэри РФ туох баар кыаҕынан көмүскүөҕэ, араҥааччылыаҕа уонна дурда-хахха буолуоҕа
Владимир Путин тыл этэригэр кылгас историческай экскурс оҥорбута. Ааспыт сылларга буолбут балыырдаах-батталлаах быһылааннары кистээбэккэ кырдьыгынан аҕынна. Америка холбоһуктаах штаттарын гегемонията тохтуо. Бэрэсидьиэн этэринэн, Арассыыйа Украинаны кытары кэпсэтии остуолугар олорорго бэлэм. Ол эрээри онно саҥа холбоспут сирбит-уоппут туһунан кэпсэтиини ыыппатын сэрэттэ. Бу территориялар РФ састаабыгар киирбиттэрэ аны үйэлэргэ уларыйбат.
Галина Матвеева
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0