Билигин дойдуга байыаннай балаһыанньа бүрүүкээбит кэмигэр бука бары сомоҕолоһон, бары күүспүтүн-кыахпытын түмтэхпитинэ эрэ эйэлээх олоҕу түстүүр кыахтаахпыт.
Быстах хомуур биллэриллээтин кытта, дьон-сэргэ анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта барар уолаттарбытыгар туох кыалларынан көмөлөһөн саҕалаабыттара. Ийэлэр аптечка тиктилэр, гуманитарнай көмө хомулунна, телемарафон ыытылынна.
Ол хомуллубут балтараа туонна таһаҕаһы бу бэҕэһээ, алтынньы 8 күнүгэр, Улан-Удэҕа баар байыаннай чааска тиэртилэр.
“Бу барыта мобилизацияламмыт уолаттарбытыгар анаан. Манан 450 байыас хааччыллыан сөп. Биирдии кэмпилиэккэ эмп-топм, тэлгэнэр “пенка-коврик”, утуйар мөһөөччүк, сидиэнньэ, тус гигиена сириэстибэлэрэ, о.д.а. туһаныллар мал-сал баар. Саллааттар олус үөрдүлэр, дойдуларын дьоно өйүүллэрин иһин махтаннылар», – диэн кэпсиир онно тиийэ сылдьар Георгий Куркутов, Уопсастыбаннай палаата чилиэнэ.
Оттон Ил Түмэн дьокутаата Валерий Лютай саллааттары кытта көрсүһүүгэ тыл эттэ:
--Күндү бырааттарым... Тоҕо бырааттарым диибин диэ, мин эмиэ сэриигэ сылдьыбытым, Афганистан бойобуой дьайыыларын бэтэрээнэ буолабын. Ол иһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин парламена тута эппитэ: “Эн сэриигэ сылдьыбытыҥ, онон биир тылы булуоҥ”, -- диэн. Телемарафон ыыппыппыт. Онно киирбит харчынан хамандыырдаргыт туох наадатын эппиттэрин ылан кэллибит. Бу бастакы көмө буолар. Өссө квадрокоптер, тепловизор, түүнүн көрөр тэриллэр эҥин наадатын суруннубут.
Мин норуодунай фронт бэрэстэбиитэлэ буолабын. ОНФ бүтүн Арассыыйатааҕы “Барыта кыайыы туһугар” диэн бырайыактаах. Бу бырайыагынан 2 млрд 750 мөл. солкуобай хомулунна. Ити үп инники күөҥҥэ сулууспалыы сылдьар байыастарбытыгар ананар.
Биһиги “Саха” НКИХ ханаалынан ыыппыт “Барыта кыайыы туһугар” телемарафоммутугар 92 саастаах оҕонньор сааһын тухары муспут 96 тыһыынча солкуобайын аҕалан биэрдэ. Биллэн турар, ылымаары гыммыппыт, ону олох модьуйда: “Манан саллааттарга туох наадатын ылан биэриҥ”, -- диэн. Соннук эмиэ аҕам саастаах, хараҕа суох инбэлиит 50 тыһ. солк. көмөлөстө.
Ил Дархан Ийэ дойдубутун көмүскүү барар эр бэрдэрбитигэр махталын тиэрдэр. Оттон биһиги, парламентарийдар, эрэгийиэннээҕи сокуон эһиги тускутугар үлэлиирин курдук оҥорорго кыһаллыахпыт. Тоҕо диэтэххэ, кыайыы кынаттаах сотору эргиллэн кэлиэххит. Бу биһиги курдук бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ буолуоххут. Онуоха көмүскээбит дойдугут эһиги тускутугар кыһалларын билиэхтээххит. Ол туһугар биһиги араас чэпчэтиилэри туруорсуохтаахпыт. Билигин антах сылдьар кэмҥитигэр дьиэ кэргэттэргитин өйүөхпүт диэн эрэннэрэбит.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0