— Дойдубут Бэрэсидьиэнэ В.В.Путин Украина аҕыс сыл устатыгар ДНӨ, ЛНӨ сэрии сэбинэн ытыалаан кыһарыйарын тохтотор туһугар сөптөөх быһаарыыны ылыммыта, демилитаризация уонна денацификация ыытар сыаллаах анал байыаннай эпэрээссийэни саҕалаабыта. Хомойуох иһин, арҕаа дойдулар уонна НАТО маны утары үлэлээннэр, Украинаны дэлби күөртээтилэр. Онтулара аһара баран Крым муостатын ытыалаан киирэн барда.
Биһиги байыаннай күүстэрбит Украинаҕа баар улахан стратегическай суолталаах эбийиэктэр үлэлэрин тохтотор байыаннай дьайыылары оҥоро сылдьаллар. Украина лаппа мөлтөөтөҕүнэ, кыаҕын ыллардаҕына эрэ биһигини кытта кэпсэтэ кэлэр туруктаах. Бүгүҥҥү күҥҥэ Украинаҕа НАТО-тан уонна арҕаа дойдулартан сэрии сэбэ киирэ турар, ити дойдулартан наемниктар, инструктордар киирэн көмөлөһө сылдьар буоланнар, кини кэпсэтиэн баҕарбат, өссө даҕаны күүскэ сэриилэһэр былааннаах олорор.
Бэрээдэги олохтооһуҥҥа, эбийиэктэри харабыллааһыҥҥа, алдьаммыты өрөмүөннээһиҥҥэ дьоммут ахсаана тиийбэт буолан, кыһалҕаттан быстах мобилизация барда. Саха сирин дьоно маны сөпкө өйдөөннөр быстах хомуурга кытыннылар. Гуманитарнай көмө хомуйан ыыта турабыт. Билэр дьонум, үлэһиттэрим сорохторо хомуурга хабыллан бардылар. Мобилизацияланан барбыт үлэһиттэрбит дьиэ кэргэннэригэр күүс, көмө оҥоро туруохпут. Дьон кыһалҕата элбэх буоллаҕа – дьиэ-уот араас кыһалҕата, отторо, мастара, муустара, хотоннорун көрүүтэ, оҕолорун үөрэҕэ… Бары туруннахпытына эрэ — кыайыы кэлэр! Кинилэргэ уонна уоттаах киирсиилэргэ бааһыран да кэлбиттэргэ, биир дойдулаахтарбар кыайарбынан көмөлөһөргө бэлэммин. Бу күннэргэ норуот дьокутаатын быһыытынан нэһилиэнньэни кытта көрүстүм, туох кыһалҕалаахтарын билистим, кэпсэттим. Уолаттарбыт этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр баҕарабын.
Елена Иванова
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0