Хатастар ситиһиилэрэ
Бэрт элбэх хайысханан култуура, успуорт, атыы-тутуу, оҥорон таһаарыы өттүгэр ыытыллыбыт киэҥ далааһыннаах бырагырааманы көрдүбүт-иһиттибит. Мин бүгүн “Азия оҕолоро” күрэххэ саҥа киирбит кик-боксинг диэн көрүҥҥэ Хатас нэһилиэгин оҕолорун ситиһиилэрин туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.
Бу көрүҥү Хатаска сайыннарааччы, инникигэ хардыылатааччы РФ успуордун маастара, комплекснай единоборствоҕа РФ маастарыгар хандьыдаат, тириэньэр, элбэх оҕолоох дьиэ-кэргэн аҕата, олох үллэр үөһүгэр үлэлии-хамсыы сылдьар Гавриил Михайлович Саввин. Ону таһынан, СӨ үөрэхтээһинин туйгуна, СӨ спордун туйгуна, СӨ кик-боксиҥҥа бэдэрээссийэтин бэрэсидьиэнэ, СӨ ”Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, Н.Е. уонна П.Н.Самсоновтар ааттарынан Хатастааҕы орто сүһүөх оскуола дириэктэрэ Николай Владимирович Слепцов.
Гавриил этэринэн, эрчиллэр, дьарыктанар оҕолор хас биирдиилэрэ тус- туһунан суоллаах-иистээх, сыаллаах-соруктаах, ис кыахтаах буолаллар. Үлэһит, тулуурдаах-дьулуурдаах киһи кыайыыны, хотторууну даҕаны тэҥник уйар, сүбэни-аманы ылынар, эппиэтинэстээх, ирдэбиллээх буолууну бэйэтигэр эрэлин кытта сатаан алтыһыннарар, оччотугар ситимнээх ситиһии кэлэн, кыайыы кынатыгар олордор. Гавриил Михайлович тириэньэр быһыытынан эрчийэр уолаттарын майгытын-сигилитин таба көрөн, хайа эрэ өрүтүн күүһүрдэн, мөкү диэбитин тохтото түһэн, ортотун булан үрдүк таһымҥа тахсалларыгар олук уурар. Үөрүөхпүт туһугар бу сыал-сорук туолан, “Азия оҕолорун” күрэҕэр кик-боксиҥҥа кэлбит 9 мэтээлтэн 3 мэтээлэ Хатас оҕолорун ситиһиилэрэ, кыайыылара! Биир нэһилиэк, биир оскуола холугар бэртээхэй ситиһии.
Дьиҥнээх эр киһи дьарыга
Коля Слепцов – 63 киилэлээх ыйааһыҥҥа кыһыл көмүс мэтээл хаһаайына быйыл 9 кылааһы бүтэрдэ. Кик-боксиҥҥа Коляны дуобатынан, боксанан, кик-боксанан утумнаахтык дьарыктанар, билигин АГАТУ устудьуона, доҕоро Ксенофонт Иванов аҕалбыт. Коля бу иннигэр көҥүл тустуунан дьарыктана сылдьыбыт. Ол эрэн кик-боксинг көрүҥэ кинини ордук умсугуппут.
“Дьиҥэр, успуорт хайа баҕарар көрүҥэ киһини киһи быһыытынан сайыннарар, ол гынан баран кик-боксаҕа кэлээт даҕаны, бу миэнэ эбит диэн тута сэрэйбитим. Бу көрүҥҥэ илииҥ-атаҕыҥ, бүттүүн бэйэҥ раунд тухары биир тэтимҥэ, биир тыыҥҥа киирэн, көрөрдүүн-истэрдиин, хамсанардыын утарсааччыгын харса суох атаакалаан, кимэн киирэн, кыайыы түгэнэ эйиэнэ буоларын ситиһиэхтээххин.
Мин санаабар, кик-боксинг дьиҥнээх эр киһи дьарыктанар көрүҥэ уонна уол оҕо буһан-хатан, көмүскэс санаалаах эр киһи буолан тахсарыгар туһалаах. Кыайыы чыпчаалын билбиппэр тириэньэрбэр, төрөппүттэрбэр, чугас аймахтарбар, ыалдьааччыларбар уонна доҕорбор Ксенофоҥҥа махтанабын, кыайыыбын кинилэргэ аныыбын”, — диир Коля Слепцов.
Дьэ, дьиҥнээхтик ситэр-хотор суол аартыгын арыйан эрэр уол оҕоҕо сахалыы сэмэйдик ситиһиини, салгыы сайдыыны-үүнүүнү баҕардым.
“Азия оҕолорун” үрүҥ көмүс призера Алеша Алексеев элбэх оҕолоох дьиэ-кэргэҥҥэ улаханнара, сүрдээх дьоһун киһи. Ылсыбытын ыпсарар, туппутун ыһыктыбат, эппиэтинэстээх буолууну, ирдэбили өйдүүр, ылынар буолан, ситиһиитэ ситимнээх диэн сыаналыыр Гавриил Михайлович.
Оттон Ян Семенов бу көрүҥҥэ икки бастакы уолаттар балачча дьарыктана түспүттэрин кэннэ кэлбитэ. Киниэхэ эмиэ сыыйа-баайа кыайыылар-хотуулар кэлэн испиттэрэ. «Тулуур-дьулуур, түргэн-тарҕан хамсаныы, баар балаһыанньаны хайдах баарынан сыаналаан, сөптөөх быһаарыныыны ылыныы, түгэни куоттарбат буолуу — бу барыта Яҥҥа, “Азия оҕолорун” боруонса призеругар баар», — диэн үөрэ-көтө санаатын үллэстэр тириэньэрэ Гавриил Михайлович.
Кыайыы кыната
Хайа баҕарар түгэҥҥэ спортсменнары, тириэньэри өйдүүр-өйүүр дьон аттыларыгар баара кыайыы биир кыната. Манна биир маҥнайгынан оҕолор саамай чугас дьоннорун – төрөппүттэрин, эһээлэрин-эбээлэрин, аймахтарын ааттыыбыт, ол кэннэ бииргэ үөрэнэр оҕолоро, доҕотторо.
Өйдөөһүн-өйөөһүн диэн ол аата оҕолорго баар баҕа санаа, көҥүл санаа тыынын күөмчүлээбэккэ, кинилэргэ эрэнэн, итэҕэйэн арыллар аартыктар суолларыгар киирэллэригэр күүс-көмө буолуу. Успуорт хайа баҕарар көрүҥэр үүнэр-сайдар, ситиһиилэргэ тиийэр туһугар үп-харчы кэмигэр көстөн, айаннара, астара-үөллэрэ, хонор-өрүүр сирдэрэ быһаарыллыан, таҥастара-саптара хааччыллыан наада.
Уолаттар аҥардас бу сылга Дагестааҥҥа, Суздальга, Бурятияҕа баран кэлиилэрэ, онно тиийэн сороҕор ыйы-ыйдаан олорон эрэ күүстээх спортсмеҥҥа уһуйуллан, илиилэрин араарбакка дьарыктаналлара кырата суох үбү-харчыны эрэйэр. Итиниэхэ сүрүн успуонсордара төрөппүттэр.
Ону таһынан, Хатаска успуорт сайдыытыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрбит тумус туттар дьоммут: “Прогресс” ХЭТ салайааччыта Алексей Пинигин, “Гедеон” тутуу тэрилтэтин салайааччыта Антон Бурцев, кэтэх тэрилтэлээх урбаанньыт Александр Павлов буолаллар.
Кик-боксиҥҥа дьарыктанар уолаттар оскуола үөрэнээччилэрэ буолалларын быһыытынан, дириэктэр Николай Владимирович үөрэх бырагырааматыттан хаалбакка ситиһиилээхтик үөрэнэллэрин туһугар анал туһуламмыт былаанынан үөрэтиини олохтообута. Уолаттар үөрэҕи уонна успуорду тэҥҥэ алтыһыннаран, улахан тургутуулары этэҥҥэ аастылар.
Онон оскуола учууталларыгар махтал тыллара этиллиэҕин этилиннэ. Гавриил тириэньэр эриирдээх-мускуурдаах, мындыр идэтигэр эмискэ, соһуччу кэлбэтэҕэ. Кини бу суолга үктэниэн иннигэр бэйэтэ эмиэ сөбүлүүр дьарыгар үрдүк таһымнаах, килбиэннээх ситиһиилэрдээх, ааттаах-суоллаах спортсмен суолун тэлбитэ, үгүстүк буспута-хаппыта.
Айыылартан анал
Аны туран спортсмен эрэ барыта тириэньэр буолбат, ыччаты дьарыктыырга, кыахтаах дьону иитэн-такайан таһаарарга талаан, айыылартан анаммыт анал ирдэнэр. Эти-сиини эрчийэр, кыайыы муҥутуур чыпчаалыгар сирдиир уһуйааччы үрдүк ирдэбиллээх, эппиэтинэстээх, туппутун ыһыктыбакка, саҕалаабытын бырахпакка, ситиһиллибиттэн дуоһуйан тохтоон хаалбакка, куруутун иннин диэки дьулуһан, мэлдьи олох үөһүгэр сылдьыан наада.
Кыайыы өрөгөйүттэн, хотторуу кыһыытыттан тиһиллэр түһүүлээх-тахсыылаах олоҕу киһи эрэ барыта уйбат. “Кыайыы диэн, бастатан туран, хотторууну, кыайтарыыны уйууттан саҕаланар. Кыайыыны төһөнөн үлэлэһэн, сыралаһан ылаҕын даҕаны, соччонон кини амтана минньигэс уонна сыаналанар.
Аны кыайыыны-хотууну уйуу диэн өйдөбүл эмиэ баар. Кыайыыны уйуу хотторууну уйууттан өссө уустук. Онон дьарыктыыр оҕолорбун эт-хаан өттүнэн эрчийэрбин ааһан, өйү-санааны сөпкө салайарга эмиэ күүскэ үлэлэһэбин. Единоборство эмиэ даҕаны уустуктаах, эмиэ даҕаны судургу көрүҥ.
Судургута - барытыгар бэйэҥ эппиэттиигин, барыта эн илииҥ иһигэр. Уустуга раунд устатын тухары эн соҕотоххун. Дьэ, бу түгэҥҥэ араас албастары, ньымалары туттан, өй-санаа өттүнэн хотууну сатыаххын наада. Оттон хамаанданан оонньууга, күүрээннээх киирсиигэ эйигин быыһаан ылыахтарын сөп, эбэтэр эн эмиэ кими эмит “хостоон” ылыаххын сөп, эбэтэр төттөрүтүн эн сыыһаҕыттан бүтүн хамаанда хотторуон сөп”, — диэн санаатын үллэстэр Гавриил Михайлович.
Түмүкпэр “Азия оҕолоро” күрэхтэн кынаттанан тахсыбыт, сайдыы суолун тэлэччи аспыт кыайыылаах-хотуулаах оҕолорбут салгыы атын күрэхтэһиилэргэ дойдуларын чиэһин эрэллээхтик көмүскээтиннэр, успуорка тулуурдаах, дьулуурдаах, өрүү ситиһиилээх буоллуннар диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.
- 3
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0