Сүүрүүгэ Надежда Бут 21,1 км усталаах полумарафону 1 чаас 18 мүнүүтэ 9 сөкүүндэнэн түмүктээтэ уонна үһүс бириистээх миэстэҕэ тигистэ. Кыайыылааҕынан Ирина Лапицкая буолла (1 чаас 16 мүнүүтэ 37 сөкүүндэ), иккис - Елена Калашникова (1 чаас 17 мүнүүтэ 41 сөкүүндэ.
Оттон саха спортсмена Константин Драгунов үрүҥ көмүс мэтээлинэн бэлиэтэннэ. Кини сүүрүүгэ 1 чаас 9 мүнүүтэ 10 сөкүүндэ түмүгү көрдөрдө. Бу киирсиигэ кыайыылааҕынан Кирилл Ясницкай буолла, оттон үһүс миэстэҕэ Александр Скворцов таҕыста.
Санатан эттэххэ, бу күн Пушкин куоракка буолбут Царскосельскай марафоҥҥа чэпчэки атлетика саха спортсменката Алена Татаринова бириистээх бэһис миэстэни ылбыта, Наталья Леонтьева сэттис буолбута, Артур Бурцев эр дрн ортолоругар онус, оттон Александр Моедо дистанциятын 18 миэстэнэн түмүктээбитэ. Ити курдук Саха Сирин спорсменнарын сүүмэрдэммит хамаандата уопсай көрдөрүүгэ үһүс бочуоттаах миэстэни ылла.
Түгэнинэн туһанан, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов биир дойдулааҕын Константин Драгуновы үрдүк ситиһиитинэн уонна кыайыытынан эҕэрдэлээтэ:
- Биһиги биир бастыҥ ыччаппыт Константин Драгунов Пушкин куоракка ыытыллыбыт полумарафоҥҥа иккис миэстэни ылары ситиһэн, Сахабыт Сирин чиэһин чаҕылхайдык көмүскээтэ. Константин 21,097 км уһуну 1 чаас 9 мүнүүтэ 10 сөкүүндэ көрдөрүүлээх сүүрэн, үрүҥ көмүс наҕарааданы ылары ситиһэн, устуоруйаҕа киирдэ. Сахалартан бүтэһигин 2012 сыллаахха Кузьма Татаринов дойду бастыҥ марафонецтарын ортолоругар төрдүс миэстэ буола сылдьыбыта. Константин билигин Чурапчытааҕы физкултуура уонна успуорт институтун үһүс кууруһун устудьуона. Ааспыт сайын Бороҕоҥҥо ыытыллыбыт Саха Сирин норуоттарын ахсыс успуорт оонньууларыгар 10 км уһуну сүүрүүгэ бастакы кэлэн, улууска кыһыл көмүс мэтээли аҕалбыта. Уолбутун Константины улахан ситиһиигинэн улууспут дьонун-сэргэтин аатыттан эҕэрдэлиибит! Тириэньэргэ, биир дойдулаахпытыгар, Арассыыйа успуордун үтүөлээх маастарыгар Татьяна Жирковаҕа, кини төрөппүттэригэр - Алексей Семеновичка, ийэтигэр - биир дойдулаахпытыгар Екатерина Колесова-Драгуноваҕа махталбытын, эҕэрдэбитин тиэрдэбит. Инникитин даҕаны үрдүк ситиһиилэр, кыайыылар-хотуулар кэлэ турдуннар!
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0