Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 15 oC

Сылын ахсын атырдьах ыйын 10 күнүгэр Арассыыйаҕа физкультурник күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн 1939 сыллаахха ССРС Норуодунай хамыһаардарын сэбиэтинэн  олохтоммут.

Сылын ахсын атырдьах ыйын 10 күнүгэр Арассыыйаҕа физкультурник күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн 1939 сыллаахха ССРС Норуодунай хамыһаардарын сэбиэтинэн  олохтоммут.

Бырааһынньык сылын ахсын успуорду сөбүлүүр дьону-сэргэни сааһынан, үлэлиир идэлэринэн араарбакка сомоҕолуур. Сыллата  успуорду өрө тутар дьон элбээн иһэрэ үөрдэр. Саха Сиригэр дьон көхтөөх кыттыыта маассабай успуорт сайдыытын туоһулуур.

Өрөспүүбүлүкэбит киин куоратыгар Дьокуускайга сахалыы тыллаах оскуола, уһуйаан ахсаана тарбахха баттанар. Кэнчээри ыччаппытыгар сахалыы эйгэни, тылы, сиэри-туому киллэрэргэ үлэлэһэр дьон баалларын киһи үөрэ истэр, хайгыы көрөр. Биир оннук киһи - үтүөлээх ырыаһыппыт, урбаанньыт Анатолий Бурнашев. Кини кэскиллээх санааны тутуһан, олоххо киллэрэ сылдьар, «Сахат» чааһынай оскуоланы тэрийэн, салайан үлэлэтэр.

Успуордунан дьарыктаныыттан икки бүк эппиэтинэстээх, өссө ордук суолталаах баар – уһуйуу, үөрэтии. «Сахат» оскуолатын физкултуураҕа учуутала, үс оҕо амарах аҕата Егор Моссоеновы кытта кэпсэттим. Учуутал - чахчы уустук идэ. Учуутал үлэтэ үөрэх, өй үлэтэ эрэ буолбатах, бу үлэҕэ чахчы ыраас сүрэхтээх, идэтигэр бэриниилээх киһи үлэлиир. Учуутал сүрэҕэ хайа да киһи киэнинээҕэр уйан уонна тыйыс, үтүө уонна дьэбир, чуор уонна аһаҕас.

– Егор, «Сахат» оскуолаҕа хас сыллаахтан үлэлиигин?

– Мин 2019 сыл тохсунньутуттан үлэлиибин. 2017 сыллаахха М.К.Аммосов аатынан ХИФУ физическэй култуура уонна успуорт үнүстүүтүн бакалавриатын бүтэрбитим, 2019 сыллаахха – магистратуратын.

– Ханнык успуорт көрүҥэр болҕомтоҕун уураҕын, өрө тутаҕын?

– Утумнаахтык дьарыктанар көрүҥүм – хайыһардааһын. Хайыһар успуордугар маастарга хандьыдааппын, өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх кыайыылааҕабын, Арассыыйатааҕы күрэхтэр призердарабын.

– Оҕолору физкултуураҕа туохха үөрэтэҕитий?

– Биһиги оскуолабыт уолаттара хайыһарга, харбааһыҥҥа (нэдиэлэҕэ биирдэ бөлөҕүнэн арахсан сылдьаллар), успуортуу туризмҥа, успуортуу сирдэтиигэ (ориентирование), футболга уһуйуллаллар. Хас көрүҥ ахсын оскуола иһинэн араас күрэхтэһиилэр ыытыллаллар.

c12f60bc 3d0a 414d b658 3f6a3221fdc9

– Өссө ханнык ньымаларынан үөрэтэҕин?

– Үлэнэн иитиини үөрэтии биир ньыматын быһыытынан туттабыт.  Сылын ахсын хортуоппуй хостооһунугар сылдьабыт, былырыын 300 куул хортуоппуйу хостообуппут. Уол оҕону, бастатан туран, үлэнэн үөрэтиэххэ наада диэн көрөбүһн. Оҕо кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ үөрэнэн, туһа киһитэ буолан, тутан, оҥорон, этин-сиинин хамсаттаҕына, үөрэттэҕинэ, кута үлэнэн иитилиннэҕинэ, үгэс үөскээтэҕинэ, үлэҕэ-хамнаска  сыстаҕас буола улаатар. Ону тэҥэ, үлэлииргэ баҕа санаата уһуктар, үлэни сыаналыыр буолар. Бу баҕа санаа дьайыытыттан, кэлин  үлэһит бэрдэ буолан тахсар.

– Үлэнэн иитэр тоҕо суолталааҕый?

– Киһи бэйэтигэр элбэх санаа киирэрин өйүгэр-санаатыгар, үгэстэригэр ордук сөп түбэһэрин тэҥнээн көрөн бэйэтигэр, этигэр-сиинигэр туһалааҕын урут, бастаан оҥорор. Тугу эмэ талан ылыы, талымастааһын атын туохха эмэ тэҥнээн көрүү, сыаналааһын баар буоллаҕына эрэ кыаллар. Киһи ханнык баҕарар быһыыны оҥоруон иннинэ, өйүгэр-санаатыгар урут иҥэриллибит билиитигэр, үгэстэригэр олоҕурар, тэҥнээн көрөр, онтон ол тэҥнээн көрүүтүн түмүгүнэн ханнык быһыыны оҥорорун талан ылар.

Оҕо бэйэтэ тутан-хабан тугу оҥорбута - барыта өйүгэр-санаатыгар саҥаны арыйыы, ситиһии, урут билбэтин, оҥорботун оҥоруу буолар. Олус элбэхтэ хос-хос, хатылаан оҥорон, хас биирдии быһыытын кыайан оҥорор кыахтанар. 

– Эн санааҕар, уол оҕо хайдах сайдарый?

– Уопсайынан, кэтээн көрдөххө, уол оҕо аҕатын кытта, эбэтэр учууталларын кытта сири-дойдуну кэрийдэҕинэ, көрдөҕүнэ, элбэх билиилээх-көрүүлээх буолар. Төрөппүттэрбит оскуола олоҕор кыттыһаллар, уолаттарын тустарыгар кыһаллаллар.

Оскуолабыт сылын ахсын кэҥээн иһэр, эйгэтэ сахалыы тыыннаах. Билиҥҥи сэттис кылаастарбыт иккис кылаас эрдэхтэринэ үлэлии кэлбитим, онно кинилэр кырачаан, мэник уолаттар этилэр. Билигин улаатаннар, олох атын дьон буоллулар. Дьону кытта кэпсэтэллэрэ, уопсастыбаҕа хайдах сылдьаллара, тутталлара-хапталлара, төрөппүттэригэр уонна учууталларыгар көмөлөһөллөрө – барыта үтүө өрүттэр холобурдара.

c7e3b228 2878 4253 84fd 5900f1b302e4

– Учуутал оскуолаҕа бэйэтэ бырагыраама оҥостон үөрэтэр?

-Уруоктарбыт үөрэх федеральнай судаарыстыбаннай халыыбын бырагырааматынан ааһаллар. Ол гынан баран, кыралаан атын ньымалары, саха төрүт оонньууларын, уһун хаамыылары киллэрэн үөрэтэбит.

– Хаамыылары?

– Ааспыт үөрэх дьылыгар уолаттар хомурах хаарынан хаама сырыттылар. 

Кыра уолаттар 5-6 км хаамаллар, улахан уолаттарбыт 10-25 км диэри хаамаллар. Нэдиэлэҕэ биирдэ сылгыларбыт хаһааларыгар сылдьабыт. Сылгы өҥүн үөрэтэбит, аһатабыт, сибиэһэй салгыҥҥа оонньуубут.

– Оттон успуордунан иитии суолтата туохханый?

– Бастатан туран, сөпкө туһаннахха, оҕо доруобуйата чэбдигирэр, тупсар уонна бэрээдэк өттүнэн сөптөөх иитии буолар. Успуорка сыстыбыт оҕо өй-санаа, эт-сиин өттүнэн сайдыылаах буола улаатар, олоххо-дьаһахха, бары өттүнэн бэлэм киһи тахсар. Кэлин, ыал аҕата буоллаҕына, күүстээх санаалаах, барыга бары сыһыаннаах, бэлэмнээх буолар.

Уол оҕону успуорт ханнык эмэ дьарыгар сыһыардахха, онно кини этэ-сиинэ айылҕатынан сайдар. Оччоҕо уол оҕо куһаҕан дьаллыкка ылларбат, мээнэ улдьаарбат, чэпчэкини батыспат. Этэ-сиинэ толору сайыннаҕына, өйө-санаата ырааһырар, бэрээдэктэнэр, олоххо сөптөөх хайысханы тутуһар буолар. Төрөппүт бэйэтин кытта оҕотун айылҕаҕа үгүстүк сырытыннарыан наада. Төрүт үгэстэри тутуһары ыйан-кэрдэн, уол оҕо инникитин, эр киһи тугу билиэхтээҕин, тутуһуохтааҕын кэпсиэхтээх, көрдөрүөхтээх. Үтүө, тахсыылаах дьону холобурдаан үөрэтии – иитии эмиэ биир көрүҥэ. Оҕо хараҕа кыраҕы, улахан киһи тугу гынарын син биир көрөн-истэн үтүктэ улаатар.

– Бииргэ сынньанаҕыт дуу?

– Быйыл уолаттарбытын кытта Карачаево-Черкесияҕа, Архыз хайаҕа хайыһардыыр баазаҕа, куруорка бара сырыттыбыт. Уолаттар хайыһарынан сыыртан түһэргэ үөрэннилэр. Ол кэнниттэн биир кылааһы кытта Нерюнгри куоракка бара сылдьыбыппыт. Сылын ахсын ыытыллар Табаһыттар бырааһынньыктарыгар сылдьабыт. Быйыл иккиспитин баран кэллибит.

– Уол оҕону иитиигэ аҕа оруола хайдаҕый?

– Саха саарына буолар уол оҕону иитии төрдө-төбөтө дьиэ кэргэҥҥэ, чуолаан аҕаҕа сытар. Сахалар былыр – былыргыттан онно суолта биэрэллэрэ. Уол оҕо орто дойдуга олох олороору, удьуорун ууһатаары кэлэр. Кыра сааһыттан сирдээҕи аналын истэ, сэрэйэ, билэ улаатар. Өйүн-санаатын туттаҕына ырытан, ырыҥалаан барара, толкуйу тобулан таһаарара элбээн иһэр.

Аҕа бэйэтин тыыннаах холобурунан уолугар болҕомтолоох уонна кыһамньылаах, тылыгар турумтуо, толоругас, быһаарыныылаах, тулуурдаах, дьулуурдаах буолары иҥэрэр. Аҕа уолуттан хас биирдии дьайыытын сөптөөхтүк толорорун ирдииригэр, оҕону ытыктыыр уонна бэйэни ытыктатар буоллаҕына иитиллэр. Аҕатыттан киэҥ көҕүстээх, холку майгыга уһуйуллар.

–Үөрэтээччи – төрөппүт, онно көмөлөһөөччү – учуутал дииллэригэр сөпсөһөҕүн дуо?

– Оннук бөҕө буоллаҕа, маны булкуйбатардар эрэ ханнык... Төрөппүт болҕомтото оҕоҕо хайаан да наада. Аҕа, ийэ элбэх бириэмэни оҕолорун кытта атаарыахтаахтар, элбэххэ үөрэтиэхтээхтэр. Билиҥҥи кэмҥэ оҕолору уһуйааҥҥа, оскуолаҕа сэлээннээн кэбиһии, суох буолбатах. Төрөппүт оҕотун ытыктабыл диэҥҥэ үөрэтиэхтээх. Оччоҕо оҕо төрөппүттэрин, чугас дьонун, доҕотторун, учууталларын, аҕа саастаахтары, тулалыыр эйгэни ытыктыыр дии саныыбын.

– Егор, бэрт сэһэргэһии буолла, кэпсээниҥ иһин махтанабын!

 

  • 5
  • 3
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением