Үгэс быһыытынан, улахан таһымнаах күрэхтэһиилэр көҥүл тустуу көрүҥүнэн саҕаланаллар.
Олунньу 13-14 күннэригэр улахан дьоҥҥо Уһук Илин чөмпүйэнээтэ, оттон олунньу 21-23 күннэригэр Сунтаарга Н.Н. Тарскай кэриэһигэр эр дьоҥҥо Саха Өрөспүүбүлүкэтин чөмпүйэнээтэ ыытыллаллар. Итини тэҥэ эмиэ олунньуга кикбоксиҥҥа Уһук Илин эрэгийиэнин чөмпүйэнээтэ уонна эдэрдэргэ күрэхтэһиитэ былааннанар.
Кулун тутар ыйга элбэх күрэхтэһии баар. Ол курдук, дартска Уһук Илин чөмпүйэнээтэ, баскетболга өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтэ, волейболга уонна футзалга үрдүкү лига чөмпүйэнээттэрэ, боксаҕа Арсен Петров кэриэһигэр өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээттэрэ ыытыллыахтара.
Хаартыска: “Дьулурҕан”
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0