Ытык киһи санаатын өйөөн тураммын, Үөһээ Бүлүү улууһугар дьаҥы утары үлэҕэ тэриллибит суһал ыстаап быһаарыытын билиһиннэрэбин: “Улууска муҥхалааһыны көҥүллүүргэ. Ол эрээри, биир муҥхаҕа 50 киһиттэн элбэх дьон мустуо суохтаах. Муҥха чопчу биир туһааннаах нэһилиэк иһинэн тэриллиэхтээх. Тастан (атын нэһилиэктэн, улуус кииниттэн, куораттан) кэлэн кыттыһар бобуллар. Ковидка хаптарбыт уонна тумуулаабыт киһини кытта олорор, алтыспыт дьон муҥхаҕа сылдьыа суохтаахтар. Түмүгэр сылдьыбатах дьоҥҥо муҥханы тэрийээччилэр эбэтэр ыаллара саха сиэринэн өлүүлэрин тиксэриэхтэрэ диэн эрэнэбит” диэбиттэр.
Мин санаабар, аһаҕас халлаан анныгар ыраас салгыҥҥа 50 дуу, 100 дуу киһи сылдьара биир ини. Ахсаанынан олус хааччахтаамыахха баар этэ. Ол кэриэтин ким ыалдьа сылдьар эбэтэр дьиэ кэргэнигэр ыарыһахтаах киһи кэлбэтин. Кэлиҥҥи кэмҥэ куоратынан-тыанан бары мэник мэнигийээн курдук буолан хааллыбыт. Ким кимиэхэ да итэҕэйбэт, эрэммэт, кэлтэйдии уорбалыыр эрэ. Бэйэни билиниэххэ, бэйэ-бэйэҕэ итэҕэйсиэххэ. “Кирдээх киһи эбэҕэ үктэниэ суохтаах” диэн өбүгэ үгэһэ бу күннэргэ иккис хос суолталанна.
Василий НИКИФОРОВ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0