Ол эрэн инникигэ, кэлэр кэм кэскилигэр эрэллээх сахам дьоно барахсаттар үүнэр күнтэн үтүөтүн, үөрүүтүн, саҥа күнтэн манньыйыыны, астыныыны күнүн аайы булаллар, уҺуктубуттан үөрэллэр. Эрдэ турбут эҺээлээх эбээ ээр сэмээр, отур- ботур кэпсэтэллэр, итии киллэринэн үүттээх чэйи сыпсырыйаллар. Ытыллыбыт дагдалыы сайдам санаабыт көтөҕүлүннүн, минньийбит күөрчэхтии олохпут амтана манньыттын. Сыыйа-баайа сырдыыр, омуна- төлөнө суох оргууй эбиллэр, улам-улам нэмийдэр нэмийэн, эбилиннэр эбиллэн сааскы кэммит сандаарыа, чэмэлийэ мичээрдиэ, сасыҺа оонньуурдуу тымныйан да ылыа, эмиэ да субу кэлиэхтии сылыйан сылаанньытыа, ол сылдьан тохтооҥ бээ олох диэн наһаа судургу буолбатах ээ диирдии тыалыран да ылыаҕа, силлиэрэн да сиксийиэ.
Ону барытын уйбут уйгуга үктэниэ, илгэҕэ тирэниэ, кута- сүрэ кэрэҕэ куустарыа, сырдыкка сууланыа. Өбүгэ саҕаттан бэриллибит өҺүллүбэт тулуурбут, тулхадыйбат күүспүт төрүт тылбытыгар, үтүө үгэстэрбитигэр баалларын умнумуоҕуҥ, омук быһыытынан уратыбытын ыҺыктымыаҕыҥ, сээн диэтилэр да сэксэс гынан нэлэс гынымыаҕыҥ, чээн диэтилэр да аҺылла биэрэн ааҺары-барары кытта барсымыаҕыҥ, тохтуу түһэн толкуйдуоҕуҥ, эргиллэ биэрэн анаарыаҕыҥ.
Хаартыска: эрэдээксийэ архыыбыттан.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0