Оруннаах толкуйдаах, отуора хамсаабат орто дойду олоҕун ойуулуур, ийэ тыл минньигэһин иҥэриммит. Тоҕус күн тохтообокко, аҕыс күн ахсаабакка, сэттэ күн сэниэлээхтик, алта күн аҕылаабакка, биэс күн биэтэҥнээбэккэ, түөрт күн түөрэҥнээбэккэ сэргэхситэ сэгэлдьитэр олоҥхолоох, туохха да тэҥнэммэт кэрэ ийэ үүтүнэн минньигэс ийэ тыллаах, көрбүтүн- истибитин тиҺэр ойуулуур-дьүһүннүүр тыллаах.
Санаабыппыт сатанарын, ылсыбыппыт ыпсарын туһугар ис куппут тас туруктуун бииргэ буоллуннар, тохтуу түһэн толкуйдуохха, оргууй наллаан наардыахха, саас-сааһынан сааҺыланыахха хайа диэки хайыһары, ким диэки буолары тиэтэйбэккэ быҺаарыныахха, дорҕоонноохтук саҥарда да сөптөөх диэн буолбатаҕын, эҥсилгэннээхтик эттэ да ээҕи кытта буолбатаҕын ылбычча быҺаарымыаҕыҥ.
Хаартыска эрэдээксийэ архыыбыттан.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0