Һыттыа – һыттыа сырдык күммүт
диэн тыллар көтөн - мөҕөн тахсан кэлбиттэрэ. Уолчаан саҥа булбут Һ дорҕооно мүччү көтөн дьиэрэҥкэйдии турбута.
Оттон бу кэмҥэ ымыы чыычаах курдук ырыаһыт Ымыычаана кыысчаан киэһээҥҥи ыамыгар ынахтарын ыы сылдьыбыта. Бастыҥ ынаҕа Маҥаачыйа барахсан сотору төрөөрү уолан хаалбыта. Хата сотору саҥа ньирэй кэһиитин - уоһах алаадьы амсайыахпыт диэн саҥа аллайбытыгар уоһуттан УО дорҕоон ойон тахсан үргүбүт чыычаахтыы көтөн хаалбыта.
Уйгу – быйаҥ сайын кэлэн үрүҥ тунах ыһыахтар ыһыллыбыттара. Дьон – сэргэ кырыалаах кыһыны этэҥҥэ туораан, күөххэ үктэнэн үөрүү – көтүү үктэллэммитэ. Ол үлүскэн үөрүүттэн Ү уонна ҮӨ дорҕооннор үөһэ көтө дайбыттара. Ыһыах үгэнигэр быыппастар быччыҥнаахтар , быһый атахтаахтар кыайан –хотон өрөгөй үҥкүүтүн көтөҕүллэн туран үҥкүүлээннэр Ө уонна Ү дорҕооннор үөскээбиттэрэ.
Кырыа кыһын барахсан халыҥ хаарынан тибиитэ улуу булчуттар сонор суолугар турбуттара. Оҥоо уолчаан тоҥуу хаар устун хайыһарынан сыыйа тэбэн тоҥууларын көрө барара. Тоҥ тоҥуу хаартан Ҥ дорҕоон толлон турбакка тоҕо көтөн тахсыбыта.
Тоҕус хаттыгастаах толомон маҥан халлааҥҥа иэримэ дьиэни иччилиир Иэйиэхсит Хотун илэ бэйэтинэн олохсуйан олорон ыал - ыал аайы оҕо кутун иҥэрэн торҕо буруону унаарыттарара. Бу уйгулаах тыллартан Ҕ. ЫА, ИЭ дорҕооннор ырыа буолан тахсан кэлбиттэрэ.
Бу ЫА, ИЭ, УО, ҮӨ дорҕооннор салгын устун көтө сылдьан ЫАллар ИЭримэ дьИЭлэригэр УОстубат уйгуны , үтүмэн ҮӨрүүнү бэлэхтээбиттэрэ. Онтон үөрэн Һ, Ө, Ҕ, Ү,Ҥ дорҕооннор сөҕөн – махтайан бары бииргэ мустан , кэккэлии тураннар ҺӨҔҮҤ диэн кэрэ тылы кэккэлэтэн кэбиспиттэрэ.
Хаартыска: эрэдээксийэ архыыбыттан.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0