Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Бүгүн – Төрөөбүт тыл аан дойдутааҕыкүнэ. Бу күн 1999 сылтан ЮНЕСКО генеральнай кэмпириэнсийэтин көҕүлээһининэн баччааҥҥа диэри бэлиэтэнэн кэллэ.  Аан дойду үрдүнэн  6 тыһ. кэриҥэ  омук тыла баара биллэр. Хас биирдии омук тыла уратылаах, хас биирдии нация  менталитетын, үтүө үгэстэрин көрдөрөр, кэрэһилиир.   Санатар буоллахха, «Ил Түмэн» хаһыат  Саха сиригэр төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүттэн саҕалаан норуот дьокутааттарыттан  олохторугар-дьаһахтарыгар өс хоһооннорун хайдах-туох туһаммыттарын туһунан ыйаталаһан таһааран саҕалаабыта. Ону бүгүн ситэрэн-хоторон биэрэбит.

Бүгүн – Төрөөбүт тыл аан дойдутааҕыкүнэ. Бу күн 1999 сылтан ЮНЕСКО генеральнай кэмпириэнсийэтин көҕүлээһининэн баччааҥҥа диэри бэлиэтэнэн кэллэ.  Аан дойду үрдүнэн  6 тыһ. кэриҥэ  омук тыла баара биллэр. Хас биирдии омук тыла уратылаах, хас биирдии нация  менталитетын, үтүө үгэстэрин көрдөрөр, кэрэһилиир.   Санатар буоллахха, «Ил Түмэн» хаһыат  Саха сиригэр төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүттэн саҕалаан норуот дьокутааттарыттан  олохторугар-дьаһахтарыгар өс хоһооннорун хайдах-туох туһаммыттарын туһунан ыйаталаһан таһааран саҕалаабыта. Ону бүгүн ситэрэн-хоторон биэрэбит.

 

 

«Кырдьаҕастан сүбэтин, эдэртэн эйэтин ыл»

 маны ес хоьооно чичигинаров муударас фото

Владимир Чичигинаров, Ил Түмэн доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:
--Мин биир тумус туттар өс хоһооммунан «Кырдьаҕастан сүбэтин, эдэртэн эйэтин ыл» диэн өс хоһооно буолар. Бу өс хоhоонугар аҕа саастаах дьоммутугар убаастабыллаах сыhыан баар буолуохтааҕын уонна аҕам сааска тиийбит дьон уопуттарын, сүбэлэрин үлэҕэ-хамнаска, уустук түгэннэргэ туhанар көдьүүстээх буоларын быһаарар. Онтон эдэр, эрчимнээх киhиэхэ сөптөөх суолу ыйан, биир тылы булан бииргэ үлэлииргэ-хамсыырга ыҥырар.

1

 Өссө биир сөбүлүүр өс хоһооммунан «Үчүгэй ат биир кымньыылаах, үтүө киhи биир тыллаах» диэн өс хоhооно буолар. Өбүгэлэрбит бу муударай этиилэрэ билиҥҥи олоххо олус оруннаах, ол эбэтэр быhаарыы ыларгар толкуйдаан баран, сөптөөҕүн ылыннахха, этиллибит тылгыттан туоруо суохтааҕын туһунан этэр. «Сүгэ кыайбатаҕын -- сүбэ кыайар» диэн эмиэ олус бэргэн өс хоһооно баар. Ол аата дьон санаатын истэн, бииргэ сүбэлэhэн быhаарыы ылынар ордук диэн буоллаҕа. Мин эбэм, Өрүүнэ эмээхсин этэр этэ: «Эн эрэ айаххыттан күөх от үүнүө дуо?» -- диэн. Ол аата барытын дьону кытта үллэһиҥ диэн этэр буоллаҕа.

 

“Сүгэ хоппотун сүбэ кыайар”

 

маны сугэ фото

Павел Ксенофонтов – Ойуур Байбал, норуот дьокутаата:

“Сүгэ хоппотун сүбэ кыайар”. Мин, производственник буоларбынан, мэлдьи сүбэлэһэн оҥорорбун ордоробун. Соҕотох киһи быһаарара хаһан баҕарар сыысхаллаах буолар. Ити өс хоһоонугар этиллэр: сүгэ – соҕотох киһи. Нууччаҕа “Биир төбө – үчүгэй, икки – өссө ордук” дииллэрин курдук. Ол иһин олоҕум тухары сүбэлэри тэрийэбин, тэрийсэбин. Миниистири солбуйааччынан үлэлиир кэммэр бырамыысыланнаска үлэлээбит бэтэрээннэри түмэн, сүбэ тэрийбитим. Онтон итэҕэл сүбэтин тэрийэн сүрүннүү сылдьабын.

ксенонфонтов

“Кырдьаҕаһы хааһаххар уга сылдьан сүбэлэт”. Иккис ис хоһооно бастакыттан сиэтиллэн тахсар. Билиҥҥи сорох эдэр уолаттар сааһырбыт, кырдьаҕас дьону соччо аахайбаттара, сэҥээрбэттэрэ баар көстүү. “Динозаврдар” аныгы үйэ тиэхиньикэтин, технологиятын хантан билиэхтэрэй, быһаарсыбаттар” диэн сэниирдии сыһыаннаһаллар,  бэйэлэригэр тэҥнии санаабаттар. Өбүгэбит өс хоһооно сахалыы сиэрдээх буоларга, кырдьаҕастарбытыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга үөрэтэр тосхоллоох.

                "Салаасканы сайын бэлэмнээ"

маны салааска фото

Александр Гоголев, норуот дьокутаата:

-«Сахатранснефтегаз» АУо-ҕа кылаабынай инженеринэн үлэлиибин. Онон биһиги күннээҕи түбүкпүт инженернэй производствоны кытта сибээстээх.  Ол иһин буолуо, биһиги үлэбит чуолкай туттунууну эрэйэр, ээл-дээл сыһыаннаһыы диэн букатын суох буолуохтаах. Өрөспүүбүлүкэ үгүс улууһун гааһынан хааччыйабыт, бу олус эппиэтинэстээх  үлэ буолар.

гоголев александр

Ол иһин, үгүс өттүгэр “Сэттэтэ кээмэйдээн баран, биирдэ быс” диэн нуучча өһүн хоһоонун туһанабын. Итини тэҥэ, «Салааскаҕын сайын бэлэмнэн” диэн нуучча өһүн хоһооно биһиги үлэбитигэр олус чугас. Сандал саас буолара чугаһаата. Ону кытта сотору сайын кэлиэ. Сайын саҕаланыытыттан саҕалаан биһиги гаас барар ситимтэрин, гааһы тарҕатар ыстаансыйаларбытын көрөн-истэн өрөмүөннээн барабыт. Ол аата кэлэр кыстыкка бэлэмнэнэбит. Сайын төһөнөн үчүгэйдик өрөмүөн үлэтин тэрийэбит да, кэлэр кыһыны этэҥҥэ көрсөбүт.  Түгэнинэн туһанан,  Төрөөбүт тыл аан дойдутааҕыкүнүнэн барыгытын итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением