Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Бүгүн - Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнэ.  Саха тылыгар  араас суолтаны аҕыйах тылынан бэргэнник уот харахха этэн кэбиһэр сытыы өс хоһоонноро элбэхтэр. Саха тыла өс хоһооннорунан баай. «Норуот муудараһа - өс хоһоонугар” диэн мээнэҕэ эппэтэх буолуохтаахтар.  Түгэнинэн туһанан, Ил Түмэн дьокутааттарыттан олохторугар-дьаһахтарыгар өс хоһооннорун хайдах-туох туһаммыттарын, суолталарын туһунан ыйыталастыбыт.

Бүгүн - Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнэ.  Саха тылыгар  араас суолтаны аҕыйах тылынан бэргэнник уот харахха этэн кэбиһэр сытыы өс хоһоонноро элбэхтэр. Саха тыла өс хоһооннорунан баай. «Норуот муудараһа - өс хоһоонугар” диэн мээнэҕэ эппэтэх буолуохтаахтар.  Түгэнинэн туһанан, Ил Түмэн дьокутааттарыттан олохторугар-дьаһахтарыгар өс хоһооннорун хайдах-туох туһаммыттарын, суолталарын туһунан ыйыталастыбыт.

«Сүүстэ истибиттээҕэр биирдэ көрбүт ордук»

Феодосия Габышева, Ил Түмэн наукаҕа, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьылаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:

габышева

Үлэм бириинсибигэр ити "Сүүстэ истибиттээҕэр биирдэ көрбүт ордук" диэн өс хоһооно ордук барсар. Үлэм хайысхатынан Саха сирин улуустарынан элбэхтик айаннаан, нэһилиэнньэни кытта көрсөн, туох кыһалҕалаахтарын  билсэбин. Бу  күннэргэ  Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Сунтаар улуустарыгар үлэм хайысхатынан үлэлээтим. Түгэнинэн туһанан,  Саха сирин ытык-мааны олохтоохторун, төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүнэн ис сүрэхпиттэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!  

 

«Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх»

Алена Атласова, Ил Түмэн оҕо, дьиэ-кэргэн бэлиитикэтигэр сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:
- Мин эбэбэр уонна эһэбэр иитиллибитим. Эбэм Степанида Николаевна Мамаева 40 сылы быһа мэдиссиинэ сиэстэрэтинэн үлэлээбитэ. Кини туруу үлэһит, үтүө майгылаах киһи этэ. Дьон кини сымнаҕас илиитин, дьоҥҥо үтүө сыһыанын хайҕыыллара. Эбэм барахсан миигин үчүгэйгэ наар үөрэтэ-такайа сылдьара. Ол курдук, кини эрдэ тыҥ хатыыта туран үлэтин саҕалыыра уонна «Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойут турбут чыычаах хараҕын хастар» диирин өйдүүбүн. Миигин үлэни таптыырга сымнаҕастык үөрэтэрэ.

Цитата деп

«Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх» диэччи. Эбэм тугу да кыммакка олорорун өйдөөбөппүн, арай унтуу билэтин оҕуруотун тиһэрэ киниэхэ сынньалаҥ курдук буолара. Эбэм өссө биир киһиэхэ өрө тутар хаачыстыбатынан этиллибит тылга туруу буолара. «Үтүө киһи биир тыллаах, үтүө ат биир кымньыылаах». Эн эппит тылгар хаһан баҕарар турар буол», -- диэччи.
Эбэм сымыйа кырдьыгы кыайбатыгар олох эрэллээх буолааччы. Кини «Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат, арыы үрдүгэр уу дагдайбат» диирин өйдүүбүн. Киһи аймах баарын тухары кырдьык баар буоларын миэхэ өйдөтөөччү. Ол курдук, бу өс хоһооно бүгүҥҥү олохпутугар олус барсар. Тоҕо диэтэххэ, интэриниэт ситимэ сайдыбыт кэмигэр дьон кэбэҕэстик сымыйа сураҕы тарҕатар буоллулар. Кими эрэ ордуҕургаан сымыйаны, киһини киртитэн суруйуохтарын сөп. Ордук араас таһымнаах быыбар кэмигэр дьону сымыйанан баһааҕырдааччылар. Ол эрээри «Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат, арыы үрдүгэр уу дагдайбат» диэн өбүгэлэрбит этэн кэбиспит бу муударай өс хоһоонноро хаһан эмэ кырдьык син биир өрөгөйдүөҕүн мэктиэлиир.

 

«Үтүө киһи биир тыллаах, үтүө ат биир кымньыылаах”

Владимир Прокопьев, Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсатыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:

-- Түгэнинэн туһанан, төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүнэн эҕэрдэлиибин. Саха тыла өс хоһооннорунан баай. Холобур, күннээҕи саҥабар, төһө кыалларынан, туһана сатыыбын. «Үтүө киһи биир тыллаах, үтүө ат биир кымньыылаах” диэн өс хоһооно киһи барыга барытыгар биир тыллаах, биир сүнньүлээх  буолуохтааҕын ыйар. Оттон «Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат” диэн хайа баҕарар түгэҥҥэ кырдьык инники күөҥҥэ сылдьарын туоһулуур. 

 

 "Сүгэ кыайбатаҕын -- сүбэ кыайар"

 

Андрей Находкин, Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:

находкин

-Төрөөбүт төрүт тылбыт уонна сурукпут-бичикпит күнүнэн итиитик-истиҥник барыгытын эҕэрдэлиибин! Сөбүлүүр өс хоһооннорум элбэхтэр,  оскуолаҕа үлэлээн, 13 сыл устата оҕолору үөрэппитим. Уопсайынан, саха өһүн хоһоонноро олус бэргэннэр, олох хайа баҕарар түгэннэрин кылгастык, чаҕылхайдык сырдаталлар, норуот тылын дэгэтин саамай чыпчаала буолуо дии саныыбын.
Олортон биирдэстэрэ "Сүгэ кыайбатаҕын -- сүбэ кыайар" диэн өс хоһооно. Олус ыгылыйбакка, барытын тоҕута күрдьэн, кэрдэн барбакка, налыччы сүбэлэһэн, киэҥ көҕүстээхтик быһаарыстахха, туох барыта орун-оннун булар. Саха тылыгар Майа оскуолатыгар үөрэппит учууталбар Матрёна Львовна Варламоваҕа махталым муҥура суох. Биир сүбэнэн салайтаран сылдьыаҕыҥ!

«Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойут турбут чыычаах хараҕын хастар”

Михаил Эверстов, норуот дьокутаата:

эверстов

«Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойут турбут чыычаах хараҕын хастар” диэн өс хоһоонун ис суолтатын оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан билбитим. Итини этэн эрдэхтэрэ олох оскуолата диэн.  15 саастаахпар Кэбээйигэ  аҕабын уонна  14 саастаах Стёпа, 12 саастаах Артур  диэн бырааттарбын кытта оттуу сылдьабын. Аҕам миигин сарсыарда эрдэ туруора сатыыр.  Уум олус кэлэн, турар санаам суох.  Кинилэри син биир ситэбин, отторун охсо турдуннар диэн турбаппын. Арай дьонум аһыыр тыастара иһиллэр.  Минньигэс эт сыта кэлэр уонна «Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойут турбут чыычаах хараҕын хастар» диэн өссө  ыллыыллар уонна «Тур эрэ, аһы бүтэриэхпит», -- дииллэр. Эс, ама дуу дии саныыбын, өссө кыратык утуйа түһэбин.
Дьонум айманан отторун охсо барбыттарын кэнниттэн сып-сап ойон туран,  күөлгэ сүүрдүм, сөтүөлээн ыллым. Олоотоон көрөбүн, отторун охсон эрэллэр, ходуһа киэҥ, ситэрбин билэбин. Онтон кэлэммин хобордооҕу арыйбытым -- ып-ыраас. Онтон ыла эрдэ турар буолбутум.

 

«Алаас ааттаах, дойду сурахтаах, өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх»

Руслан Федотов, Ил Түмэн дьокутаата:

-Ханнык баҕарар омук ыччатын, дьонун үөрэтэр уонна иитэр биир сүрүн күүһүнэн кини тыла буолар. Өбүгэлэртэн кэлбит кэс тыллар олохпут оҥкулун оҥорорго, тус бэйэҕэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ, үлэҕэ сыһыаҥҥа үөрэтэллэр.

руслан федотов

Дьонум сүөһүгэ үлэлиир буоланнар, сайын сайылыкка, кыһын кыстыкка элбэх ыалы кытта дьуккаахтаһан олорор буолан, кыра эрдэхпиттэн араас дьону кытта бииргэ алтыһан улааппытым. Оччотооҕу дьон оҕону иитэр-үөрэтэр сүрүн ньымаларынан бэйэлэрэ тулалыыр айылҕаҕа, дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыаннара, сиэри-туому тутуһуулара буолара. Дьиэ иһигэр-таһыгар оонньуу, окко-маска үлэлии, балыктыы-бултуу да сылдьан, сыыһа-халты тутуннахха, түктэрини быһыыны оҥордоххо, дьонум да, атын да саастаах дьон куруук хааһахтан хостуур курдук аҕыйах тылынан судургутук тиийимтиэ бэргэн этиилэринэн сэмэлиир, итэҕэһи көннөрөр эбэтэр киһи сүргэтин көтөҕөр өс хоһоонунан куһаҕаны-үчүгэйи таба араара үөрэнэргэ, сиэрдээх буолууга ииппиттэрэ дии саныыбын. Оҕо эрдэхпиттэн үгүстүк истибит өс хоһооннорбунан  «Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойутаан турбут – хараҕын хастар», «Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат», «Үлэһит киһи өлөн-охтон биэрбэт», «Үлэни хаһааныма, үтүөнү хаһаан», «Сатабыллаах саһыл саҕалаах», «Суруллубут -- суоруллубат», «Туттуоҥ иннинэ толкуйдаа, кэрдиэҥ иннинэ кэмнээ», «Көтөр күүһэ – кынатыгар, киһи күүһэ – дьулууругар», - диэннэр.

Билиҥҥи үлэбэр-хамнаспар «Тылгын биэрэр эрэ тутах, тылгын толороруҥ туйгун», «Көлөһүнү тохпокко эрэ, олоххо тугу да ситиспэккин», «Үлэҕэ үлүһүйүү – үчүгэйгэ өксөйүү», «Эр киһи биир тыллаах, аллаах ат биир кымньыылаах» – диэн бэргэн этиилэргэ олоҕуран сыһыаннаһабын. Күн аайы тугу гынарбын сурунабын, ону күнүс илдьэ сылдьан бэлиэтэнэбин, хайдах оҥоруохха сөбүнэн уларытабын, киэһэлик күннээҕи сорук туох оҥоһулла илигин көрөн хайаан да оҥоробун, сарсыҥҥыны соругу торумнуубун. Бүгүн торумнаммыт сорукпун хайаан да бүгүн оҥоробун, сарсыҥҥыга хаһан да хаалларымыахха наада диэн үлэлиибин. Онон үлэбэр-хамнаспар быһаарыллыбатах боппуруос диэн суох, ылыллыбатах кириэпэс диэн суох. Хаһан да кэннинэн барбаппын, иннин эрэ диэки барабын.

Хас биирдии киһи бэйэтин төрдүн-ууһун, аймахтара уутуйан олорбут сирдэрин, оттуур-бултуур алаастарын чуо билэрэ, үѳрэтэрэ өбүгэтин иннигэр кини ытык иэһэ буолар. Мин төрөөбүт дойдум – Лээги нэһилиэгэ Сэбиэскэй былаас кэмигэр үс төгүл төхтөрүйэн көһөрүүгэ түбэһэн, 1969 сыллаахха сабыллыбыта, дьоно араас нэһилиэктэринэн, оройуоннарынан олохсуйбуттара. «Алаас ахтылҕаннаах, дойду суохтабыллаах» аҕам, Еремей Максимович үлэлээбит, ыал буолан аҕа  буолар дьолломмут иккис дойду оҥостубут Лээгитигэр, ийэм төрүттэрэ олорбут Мундуруччуларыгар сыллата хайаан да бултуу, балыктыы, ахтылҕанын таһаара барара. Онно туппут үүтээннэрэ билигин да тураллар. Сир дойду аатын, ханнык сиргэ кимнээх олорбуттарын мин кыра эрдэхпиттэн истэ улааппытым, сааһын-күһүнүн урут дьон олорбут сирдэрин куруук көрөн, өттөөн ааһарбыт. «Төрдө-ууһа суох киһи тууруллубут чөҥөчөх тэҥэ» онон дьоҥҥун-сэргэҕин куруук билсэ, көрө-истэ сылдьар буол диэн сүбэлиирэ.

«Алаас ааттаах, дойду сурахтаах, өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх» диэн өс хоһоонунан салайтаран 20-тэн тахса сыл биир дойдулаахтарбын түмэн өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан уутуйан олорбут сирдэрин – төрөөбүт дойдубут Лээги аатын үйэтитэр аналлаах араас хабааннаах тэрээһиннэри, үлэни ыытабыт. Ол курдук «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!» диэн Лээги нэһилиэгиттэн Аҕа дойду Улуу сэриитигэр баран геройдуу сэриилэспит хорсун буойуттарбыт, көмүс уҥуохтара сэрии толоонугар хаалбыт биир дойдулаахтарбытыгар өйдөбүнньүк пааматынньыгы 2005 сыллаахха туруорбуппут, былыргы бурдук миэлиҥсэтин ампаарын чөлүгэр түһэрэн нэһилиэк историятын сырдатар түмэл оҥорбуппут. «Айан киһитэ аргыстаах, суол киһитэ доҕордоох» Дьокуускай – Амма – Өнньүөс – Төгүлтэ Төрдө сыллата «Өбүгэ ыллыгынан» айаны тэрийэн биир дойдулаахтарбытын, ыччаттарбытын түмэр сыаллаах айан тэрийэбит, нэһилиэкпит историятын, номохтору, төрүччү оҥорон, тэрээһиннэрбитин үйэтитэр хас да кинигэ суруллан таҕыста, ырыалар, музыкальнай пьеса да сурулуннулар, «Лээги кубогар» республиканскай ат сүүрдүүтэ уонна да атын тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытыллан дойдубут аата ааттанар, ыччаттарбыт өтөрүттэрин, дойдуларын билэр, билсэр буолбуттарыгар олук оҥордубут.

маны пословица фото

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением