Тэрийээччилэринэн СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕа уонна «Ил Түмэн» издательскай дьиэ буоллулар.
«Төгүрүк остуол» бэбиэскэтигэр «Географическай эбийиэктэр ааттарын тустарынан» федеральнай сокуону олоххо киллэрии, «СӨ административнай-территориальнай тутулун туһунан» эрэгийиэннээҕи сокуону толоруу, итиэннэ өрөспүүбүлүкэ сирин-дойдутун ааттарын сокуон ирдэбиллэригэр олоҕуран, биир тутулга сөп түбэһиннэрии боппуруостара көрүлүннүлэр.
Мунньаҕы Ил Түмэн билимҥэ, үөрэхтээһиҥҥэ, култуураҕа, иһитиннэриини киэҥ эйгэҕэ тарҕатыыга уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Феодосия Васильевна Габышева иилээн-саҕалаан ыытта. Оттон көмөлөһөөччү ыытааччынан туһааннаах кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, «Ил Түмэн» издательскай дьиэ генеральнай дириэктэрэ Мария Николаевна Христофорова буолла.
ААХАЙБАТТАН, ААННЬА АХТЫБАТТАН...
Судургу тылынан быһаарар буоллахха, сир-дойду барыта түҥ былыргыттан илдьэ кэлбит ытыктанар ааттаах буолара биллэр. Ол гынан баран, ол ааттарбытын айан суолун бэлиэлэригэр сыыһа суруйа сылдьабыт. Саха сиэринэн даҕаны, итэҕэлинэн да, сурук-бичик быраабылатын ирдэбилинэн да, оннук суруллара табыллыбат. Холобур, Тааһаҕар нэһилиэгэ Тасагар, Дүпсүн – Дюпся, Нам – Намцы, Хатас – Хатассы, Дьөккөн (Дьөппөн буолбатах) Жемкон диэн сурулла сылдьаллара истэргэ да, саҥарарга да, көрөргө да сүөргү. Ама да иккис судаарыстыбаннай тылбыт нуучча тыла буолбутун иһин, нэһилиэктэрбит, бөһүөлэктэрбит ааттарын саха тылыгар-өһүгэр, саҥатыгар-иҥэтигэр дьүөрэтэ суох сурукка үйэтитэр – төрөөбүт тылбытыгар, култуурабытыгар, дириҥ силистээх устуоруйабытыгар аанньа ахтыбат сыһыаннаахпыт туоһута. Итинник харыстабыла суох, сэнэбиллээх сыһыантан Чурапчыбыт Чурапча, Дүпсүммүт Дүпсээ буолбута ыраатта.
Тыл билимин хандьыдаата, гуманитарнай-чинчийэр институт наукаҕа үлэһитэ, топонимик Багдарыын Сүлбэ уола Ньургун Багдарыын, СӨ Төрүт Сокуонун Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников дакылаат оҥордулар, сугулаан кыттыылаахтарын санааларын иһиттилэр.
СЭТТЭЭХ-СЭЛЭЭННЭЭХ ДАҔАНЫ
Бастакынан тылы Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Антонина Григорьева ылла:
– Саха Сирин федеральнай суолталаах суолларынан үгүстүк айанныыбын, улуустарынан да элбэхтэ сылдьабын. Ол тухары Хаҥаластан ураты биир даҕаны оройуоҥҥа «Географическай эбийиэктэр ааттарын тустарынан» сокуон олоххо киирбэккэ турарын бэлиэтии көрөбүн. Аны нэһилиэнньэлээх пууннары сахалыы, итиэннэ аҕыйах ахсааннаах омуктар тылларынан суруйарбытыгар, транскрипциятын хайаатар даҕаны тутуһуохтаахпыт. Маныаха «Словарь географических названий ЯАССР» диэн тылдьыт баар, ону туһаныахха сөп. Бу сүрдээх суолталаах, устуоруйа да өттүттэн дакаастаммыт научнай үлэ. Ити тылдьыккка тирэҕирэн үлэлиэхтээхпит.
Парламентарий этэринэн, нэһилиэнньэлээх пууннар, үрэхтэр, күөллэр ааттарын сыыһа суруйарбыт сэттээх-сэлээннээх да буолуон сөп. Холобур быһыытынан Танара үрэҕин аҕалар. Суол бэлиэтигэр «Тангара» диэн сурулла сылдьар. Суол ити учаастагар саахал, араас быһылаан элбэхтэ тахсара, баҕар, эбэни сыыһа ааттыыртан буолуон сөбүн, саха сиэринэн, сабаҕалааһын быһыытынан таайтара этэр. Эмиэ да сөп курдук. Итиэннэ Антонина Афанасьевна Саха Сиринээҕи айан суолун управлениета 7 сыллааҕыта нэһилиэнньэлээх пууннар, үрэхтэр, өрүстэр бэлиэлэрин 5-тии сыл буола-буола уларытарга эбээһинэс ылынан баран, ол үлэ ыытылла илигин бэлиэтээтэ. Онон ийэ тылынан сөпкө суруйары ситиһиэххэ наадатын, ол үлэҕэ саҥа көлүөнэ талааннаах тыл үөрэхтээхтэрин, уопсастыбанньыктары түмэн, эспиэртиир бөлөҕү тыл сэбиэтин эбэтэр тустаах кэмитиэт иһинэн тэрийэргэ эттэ.
Салгыы бэйэтин санаатын норуот дьокутаата Павел Ксенофонтов үллэһиннэ:
– Сир-дойду аата араастаан ааттана сылдьарын бары бэркэ диэн билэ-көрө сылдьабыт. Сахалыы да сыыһа сурулла сылдьаллар, нууччалыы да алҕастар бааллар, сахалыыттан нууччалыы суруллуута табата суоҕун киһи мөккүһэ да барбат. Дьон-сэргэ бу маннык түгэни көрөн, сыл ахсын уларытыы, сааһыланыы үлэтэ барбатыттан олус хараастар, абарар да диэххэ сөп.
Дьиҥэр, Саха Сирин сокуоннара ирдииринэн, бу хайысхаҕа көннөрүү, оннун, төрдүнтөбөтүн булларыы – Саха Өрөспүүбүлүкэтин араас таһымнаах судаарыстыбаннай былааһын (дьаһалтатын) эппиэтинэһэ буолар. Үс сыл дьокутааттыырым тухары элбэх кэпсэтиилэр-мунньахтар буолан аастылар,онон кураанах куолуттан тэйэн, билигин чопчу хамсанар кэм кэллэ.
Бу ааспыт мунньах түмүгүнэн оруннаах этиилэр киирдилэр, олору олоххо киллэрэргэ Ил Түмэн күүскэ үлэлиэхтээх, үлэлиэхпит. Олохтоох бэйэни салайаныы уорганнара, муниципальнай тэриллиилэр уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата ити боппуруоска олорон биэрбэттэрин биһиги, норуот дьокутааттара, күүскэ ирдиэхпит, туруорсуохпут, модьуйуохпут даҕаны, – диэн парламентарий бар дьонун эрэннэрдэ.
Норуот дьокутаата, «Ил Түмэн» издательскай дьиэ генеральнай дириэктэрэ-кылаабынай эрэдээктэрэ Мария Христофорова:
– Бырамыысыланнас сайдыбыт улуустарыгар суол бэлиэтэ икки тылынан суруллара олус суолталаах. Кэллиэгэлэрбит, дьокутааттар, ылыллыбыт сокуону толорууну кэтиир уопсастыбаннай хонтуруолга кыттыһыахтара. Онон сибээстээн санатыам этэ, сэбиэт ааспыт мунньаҕар Римма Жиркова каталог оҥоруу үлэтэ бүтэн эрэрин туһунан иһитиннэрбитэ. Сергей Васильевич, каталог туһунан чопчулаһаары гынабын, билигин үлэ хайа кэрдииһигэр сылдьарый?, – диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыга ыйытыы биэрдэ.
Онуоха Сергей Местников: – Тыл бэлиитикэтин боппуруостарыгар управление тылы харыстааһын уонна сайыннарыы муниципальнай хамыыһыйаларын кытта итинэн дьарыктанар. Ону хонтуруоллууру биһиги бастакы нүөмэрдээх сорук быһыытынан ылыныахпыт. Каталог бүттэ эрэ, тута таһаартарар былааннаахпыт, – диэн хоруйдаата.
УЛАРЫТЫЫНЫ НЭҺИЛИЭННЬЭ ТУРУОРСУОХТААХ
Сүрүн дакылааты гуманитарнай-чинчийэр институт үлэһитэ Ньургун Сүлбэ уола Багдарыын оҥордо. Дакылаакка олоҕурдахха, СИР ААТА, бастатан туран, ТЫЛ. Чахчы да, оннук! Онон өбүгэлэрбит харыстаан, ытыктаан, сүгүрүйэн илдьэ кэлбит төрөөбүт тылбыт баайыгар болҕомтолоохтук, харыстабыллаахтык сыһыаннаһар – биһиги ытык иэспит.
Ньургун Сүлбэ маныаха Саха Сирин сирдэрин аатын чопчулуурга Быраабыталыстыбанан, Үрдүкү суутунан бигэргэтиллибит «Республика Саха (Якутия): административно-территориальное деление» диэн 1999 сыллаах ыйынньыгы, итиэннэ «Словарь географический названий ЯАССР» диэн 1987 сыллаах тылдьыты туһанарга туһаайда. Дакылаатыгар сүрүннээн ыйынньыгы ырытта. Онно 350-тан тахса нэһилиэк, 660-тан тахса сэлиэнньэ ааттара киирбитин ыйар.
Кэпсээбититтэн тугу өйдөөбүппүн сүрүн санаа курдук суруйуом. «Республика Саха (Якутия): административно-территориальное деление» ыйынньыкка киирбит сир-дойду аата алпаабытынан бэриллибит. Хас биирдии аакка кытыытыгар сулустаах эбит. Биир сулустаахтар – «бу нэһилиэнньэлээх пууннар ааттара барсыахтарын сөп», икки сулустаахтар – «отой сөп түбэспэт», оттон 3 сулустаахтар – «саамай сөптөөх» диэн өйдөбүлү бэлиэтииллэр эбит.
Дакылаат сүрүн санаата сир-дойду аатын нууччалыы суруллуута саха тылын дорҕоонугар сөп түбэһиннэрэн оҥоһуллуохтааҕыгар сытар. Сүлбэ уола Ньургун Бүлүү – Вилюй, Сиинэ – Синяя диэн сурулла сылдьалларын ончу ылыммат. Дүпсүннэри төрөөбүт сирдэрин Дүпсээ, Баатаҕай Алыыта олохтоохторо бөһүөлэктэрин Саккырыыр дииллэригэр сөпсөспөтүн, сүөргүлүүрүн биллэрэр.
– 1990-с сылларга Татарстан, Башкортостан Өрөспүүбүлүкэлэрэ картография уонна геодезия нөҥүө сүүһүнэн ахсааннаах ааттарын бэйэлэрин тылларынан уонна, сүрүнэ, нууччалыы суруллуутун көннөттөрбүттэрэ. Биһиэхэ 3 улууска туттулла сылдьар ааттарын көмүскэһэн, суукка тиийэ үҥсүүлэр бааллара, – диэн ол саҕана кэмигэр дьаһамматахпытыттан кыһыйарын Ньургун Багдарыын биллэрэр. «Ити кэмҥэ СӨ нэһилиэктэрин ааттара сөптөөх суруллууларыгар уларыйан хаалыахтаах этилэрэ, тоҕоостоох кэми мүччү туппуппут», – диэн кэмсинэрдии эттэ.
Ыйынньыктан 2 сулустаахтары холобурдуур буоллахха, маннык: Хаҥалас улууһугар I Дьөппөн нэһилиэгэ Жемконский 1, II Дьөппөн нэһилиэгэ Жемконский II, Сунтаарга, Ньурбаҕа, Өлүөхүмэҕэ Дьаархан диэн нэһилиэктэрэ Жарханский, Ленскэйгэ Бэтинчэ бөһүөлэгэ Беченча диэн сурулла сылдьаллар. «Бу нууччалыы тылбааһа чопчу сөп түбэспэтэ, итиэннэ ыйынньык оҥоһулларыгар нэһилиэнньэ бэйэтин санаатын этиммэтэҕиттэн тахсыбыт сыыһалар» диэн кинигэ киирии тылыгар сурулла сылдьаллар. Итинник сыыһалар нэһилиэктэр эбэтэр бөһүөлэктэр ааттарын нууччалыы тылбааһыгар улуус аайы бааллар эбит.
Туох ханнык иннинэ сирбит аата сөпкө суруллара – нэһилиэнньэ туруорсуутуттан тутулуктааҕын өйдөөтүм. Ол курдук, нэһилиэк олохтоохторо мунньахтаан, дойдуларын аата сөпкө сурулларын туруорсан, ол суругу улууска ыыталлар, улуустан өрөспүүбүлүкэҕэ кэлиэхтээҕин быһаарда.
– Чинчийээччилэр этэллэринэн, кыраай, уобалас сирин аатын 30-ча %-на сүтэр дииллэр. Тылбытын сүтэрбэт инниттэн, сирбит аатын харыстаан, араас аныгы ньыманан үйэтитэрбит тиирээн-ыган кэллэ. Ону эрдэ өйдөөбүттэр биирдиилээн нэһилиэктэргэ бааллар, электроннай каарталарыгар сахалыы ааттарын суруйан оҥостоллор, учууталлар оҕолору кытта дьарыктаналлар. Былырыын сылы быһа каарта оҥорор Степан Спиридоновтыын Саха Сирин каартатыгар сахалыы ааттары суруйбуттарын ырытан-сыныйан көрдүбүт. Араас баар, аҕам картотекатыттан тэҥнээн, көннөрүүлэри киллэрдибит. Өссө да кыаттарбата дии санаатыбыт, – диэн Ньургун Багдарыын дакылаатын түмүктүүр.
СОКУОНУНАН КӨҤҮЛЛЭНЭР
Сокуон эйгэтигэр бас-көс киһибит, Конституционнай сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев этэринэн, федеральнай сокуон 3-с чааһын 8-с ыстатыйатынан географическай эбийиэктэр ааттарын Арассыыйа норуоттарын тылларынан суруйуу көҥүллэнэр эбит. Буолаары буолан, сирбитин сахалыы суруйарбыт сокуон таһымыгар 1992 сыллаахха Үрдүкү Сэбиэт XII ыҥырыылаах мунньаҕар «Тыл туһунан» сокуону ылынарыгар бигэргэтиллибит.
Маны таһынан «СӨ тылларын туһунан» сокуон Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын «Сир-дойду аата СӨ судаарыстыбаннай тылларынан суруллуохтаах» диэн эбээһиннэстиир. Онон дьон олорор сирдэрин сахалыы ааттанарын сурулларын туруорсарынан сибээстээн, ити боппуруоһу өссө салгыы көтөҕөргө ыҥырда.
Бырабыыталыстыба өттүттэн туох үлэ ыытыллыбытын туһунан премьер солбуйааччыта Сергей Местников иһитиннэрдэ.
Билиҥҥи туругунан тылы харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга сэбиэт соруктарын учуоттаан туран, тэрээһин былаана оҥоһуллан бүтэн эрэр эбит. Туох ханнык иннинэ тылы харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга үлэлэр наукаҕа олоҕурбуттар. Онон сибээстээн, судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн, социологическай чинчийии, тылы үөрэтиигэ эспэдииссийэлэр научнай ыстатыйаларын бэчээттэтэн тарҕатыы, көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэҕэ тахсар тиэкистэри билим өттүттэн ырытыы курдук баһаам үлэлэр былааҥҥа киирбиттэр.
Ол курдук, быйыл национальнай куорпуһу оҥорор, бэлэмниир үлэлэр ыытыллыахтаахтар. Манна саха тыла ырытыллыахтаах, итиэннэ толору быһаарыылаах тылдьыт электроннай көрүҥэ интэриниэт ситимигэр киириэхтээх. Инникитин бу электроннай база сирдэри сахалыы ааттыырга, сыыппара, көрдөрөр-иһитиннэрэр, үөрэхтээһин эйгэлэрин үлэлэригэр тирэх-төрүт буоларыгар Сергей Местников эрэллээҕин биллэрэр.
Маны таһынан тыл сүбэтэ, уопсастыба хаста даҕаны төхтүрүйэн эппиттэригэр олоҕуран, Ил Дархан СӨ Үөрэх министиэристибэтигэр уонна үөрэҕириини сайыннарар институт, саҥа федеральнай судаарыстыбаннай үөрэхтээһин ыстандаартынан, үөрэх былааныгар саха тылын, төрөөбүт кыраайы уонна култуураны үөрэтии чаастарын элбэтэргэ эппит.
Салгыы сокуону толорууга быраактыка өттүгэр туох үлэ ыытыллыбытын СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Анатолий Филиппов отчуоттаата.
Министиэристибэҕэ суол бэлиэлэрэ сахалыы суруллууларыгар эппиэтинэстээх бэйэтэ эбит. Ол гынан баран, суолга икки бэлиэ баар буолуохтааҕын бэлиэтиир. Тоҕо диэтэххэ, Арассыыйаҕа айан суолугар нэһилиэнньэлээх пууннар, үрэхтэр уонна өрүстэр ааттара нууччалыы суруллуохтаах диэн дьаһал баар эбит. Ол эбэтэр сахалыы уонна нууччалыы иккиэннэринэн барыахтаах.
– Биһиги 5 пуунтан турар үлэ хаамыытын былаанын оҥордубут. Дакылаатчыттар эрдэ эппиттэрин курдук, бэдэрээлинэй суолларга үрэхтэр, нэһилиэктэр ааттара киһи сатаан сахалыы өйдөөбөт гына суруллубуттара баар суол. Туох ханнык иннинэ сир-дойду ааттарын тыл сайдыытын управлениета ырытан, үөрэтэн көрүөхтээх. Түмүктүүр буоллахха, суол управлениета бэлиэлэри сахалыы уларытартан аккаастаммат, кинилэргэ сир-дойду аата сахалыы уонна нууччалыы сөпҕө суруллубут табылыысса курдук ыйынньык эрэ наада.
Онон кэпсэтиилэргэ олоҕурдахха, мин санаабар, сир-дойду аатын нууччалыы-сахалыы саҥардыллыбыт тылдьыта оҥоһуллуон наада эбит. Ити санаабын Феодосия Габышева: «Каталог, саҥардыллыбыт ыйынньык баар буолуохтаах. Итиэннэ олохтоохтору кытта кэпсэтэн, дьиҥнээх, сөптөөх ааттарын оҥорон, сааһылаан биэриэхтээхпит», – диэн бигэргэттэ.
БАСТЫҤ УОПУТУ ТУҺАНЫАХТААХТАР
«Төгүрүк остуол» сонун көстүүтүнэн улуустартан бэрэстэбиитэллэр кыттыылара буолла. Бастакынан Хаҥалас улууһун дьокутааттарын Сүбэ мунньаҕыттан Анатолий Антонов бүгүҥҥү кэпсэтиини өйүүрүн биллэрдэ. Ол гынан баран, бастаан хас биирдии нэһилиэккэ олохтоохтору кытта кэпсэтии ыытыллыахтааҕын, онтон, дьэ, улуус таһымыгар мунньах буолуохтааҕын бэлиэтиир. Олохтоох салайыныы сокуонугар уларытыылар ылыллыахтарын иннинэ, бастаан нэһилиэнньэ санаатын истэн, ону учуоттаан баран, биирдэ бэлиэлэригэр уларытыахха наадатын эттэ.
Таатта улууһуттан аҕам саастаах Гаврил Вырдылин улууска нэһилиэктэр ааттарын чөлүгэр түһэриигэ дьарыктаммыттара үһүс сыла буолбутун кэпсээтэ. 2019 сыллаахха улууска сир-дойду аатын билэр урукку холкуостаах үлэһиттэри, кырдьаҕастары түмэн, хамыыһыйа тэрийбиттэр. Онон «сир түннүктэрэ» бары мустан, сүбэлэһэн, сирдэрин ааттарын барытын чөлүгэр түһэрбиттэр. Улуус сир боппуруостарыгар исписэлииһэ Гаврил Вырдылиҥҥа оройуон каартатын ноутбугар киллэрэн биэрбит. Онно тыл этээччибит 2 сыл курдук үлэлээн, барытын уларытан бүтэрбитин иһитиннэрдэ.
Мин санаабар, бу уопукка да олоҕуруохха сөп. Өрөспүүбүлүкэ салалтата сир-дойду аатын уларытыыга хайаатар даҕаны Гаврил Вырдылины кыттыһыннарыахтаах, кини уопутун туһаныахтаах. Кэпсэтиигэ кыттыспыт атын даҕаны улуус бэрэстэбиитэллэрэ бары Гаврил Вырдылин оҥорбут үлэтин сэргээтилэр. «Төгүрүк остуол» салайааччыларыгар ити уопуту туһаналларыгар, итиэннэ сир-дойду аатын уларытыыга нэһилиэнньэ санаатын учуоттуурга, нэһилиэктэр дьаһалталарыттан көҥүл ыларга сүбэлээтилэр.
СОРУДАХТАР, СОРУКТАР
«Саха Өрөспүүбүлүкэтин нэһилиэнньэлээх пууннарын ааттара судаарыстыбаннай тылларынан суруллууларын чопчулуур туһунан» диэн «төгүрүк остуол» кыттыылаахтара маннык быһаарыныылары мэктиэлээтилэр:
1. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеевкэ:
1.1. 1992 сыл алтынньы 16 күнүнээҕи 1170- XII №-дээх «Саха Өрөспүүбүлүкэтин тылларын туһунан» сокуоҥҥа олоҕуран, сир-дойду ааттара, тус ааттар, бэлиэлэр уонна иһитиннэриилэр сыыһата суох суруллууларын хонтуруоллуур үлэни ыытарга.
2. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенкоҕа:
2.1. СӨ Бырабыыталыстыбата географическай ааттарын бэрээдэктиир үлэ былаанын оҥорон туран, үлэ тэтимин түргэтэтэргэ;
2.2. СӨ административнай-территориальнай тутулун уонна географическай ааттарын боппуруостарыгар СӨ Бырабыыталыстыбатын сис хамыыһыйатын иһинэн бигэргэтэргэ сир-дойду аатын судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларынан суруллуутугар эспиэртиир хамыыһыйаны тэрийэргэ;
2.3. Бэдэрээлинэй, өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна муниципальнай суолталаах айан суолларын кытыыларынан олорор нэһилиэнньэлээх пууннар ааттарын суруллуутун бэрээдэктиир чааһыгар сир-дойду ааттара суол бэлиэлэригэр сахалыы тылынан, итиэннэ аҕыйах ахсааннаах омуктар тылларынан суруллууларыгар «Росавтодор» суол бэдэрээлинэй агентствотын кытта тиһиктээх үлэни тэрийэргэ.
2.4. 2020-2024 сылларга СӨ судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын харыстыырга, итиэннэ сайыннарарга туһуламмыт судаарыстыбаннай бырагыраама үбүттэн Саха Сирин географическай ааттарын каталогын салгыы үбүлүүргэ;
2.5. Улуустары, куораттары кытта «Аман өс» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус ыытылларын өйүүргэ уонна иһитиннэриитин хааччыйарга.
3. Олохтоох бэйэни салайыныы муниципальнай оройуоннарыгар (куораттарга):
3.1. Улуус сирин-уотун судаарыстыбаннай саха тылынан суруллуутун көрөр, итиэннэ бигэргэтэр муниципальнай хамыыһыйаны саҥардарга уонна бигэргэтэргэ;
3.2. Сир-дойду аатын саха тылынан бэрээдэктиир үлэни күүһүрдэргэ, ити үлэни көрөр уонна бигэргэтэр инниттэн муниципальнай тэрээһиннэр былааннарын оҥорорго.
«Төгүрүк остуол» кэмигэр дьон «сир-дойду сахалыы ааттарын 2GIS платформаҕа, каартаҕа киллэрэргэ» диэн этиилэрин мэктиэлииргэ көрдөспүттэрин ылымматылар. Тус санаабар, бастаан суол бэлиэтигэр ити боппуруоһу кыайыахтарын наада, онтон электроннай каарталарга киириэн сөп.
Онон Саха Сирин аатын уларытыыга Ил Түмэн дьокутааттара, Багдарыын Сүлбэ картотекатын туһанан, Ньургун Багдарыынныын, Тааттаттан Гаврил Вырдылинныын ыкса уонна көдьүүстээхтик үлэлэһэр кэмнэрэ кэлбит дии санаатым.
Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыаҕыттан 30 сыл ааста. Ол тухары күүстээх үлэ ыытылла илик эбит. Саха Сирин географическай ааттара, сахалыы уонна саха тылын дорҕоонноругар дьүөрэлээн, нууччалыы суруллубутун, картотека оҥоһуллубутун кэннэ, олохтоохтор өттүлэриттэн утарсыы суох буолуохтаах.
Түмүккэ этиэм этэ, сахалар киһини кимин ыйыталларыгар: «Аатыҥ-суолуҥ?» – дииллэр. Чахчыта да, хайдах ааттанабыт, дьылҕабыт суола оннук салаллар. Онон, этэргэ дылы, аат суоллаах, суол ааттаах...
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0