- Үйэлэргэ симэлийбэккэ, үтүрүйтэрбэккэ, умнуллубакка бүгүн олох бары эйгэтигэр толору туттуллан сылдьарыгар тылы харыстаабыт чаҕылхай дьоммутугар бука барыларыгар махтанабыт!
Биһиги министиэристибэбит, чуолаан, тылы харыстыырга, сайыннарарга биир күүстээх үлэни тэрийэр. Бу үлэни тэрийиигэ биһиги хаһыаттарга, тэлэбиидэнньэҕэ, араадьыйаҕа, кинигэни бэчээттээн таһаарар кыһаларга, социальнай ситимнэргэ, о.д.а. үлэлиир уран тыллаах-өстөөх биир санаалаахтарбытыгар сигэнэбит, кыахпытын холбуубут. Кинилэр нөҥүө судаарыстыба тылы сайыннарыыга ыытар модун үлэтин тэрийэбит.
Норуот самныбат сүдү күүһэ буолар төрөөбүт тылын уонна суругун-бичигин күнүнэн өссө төгүл эҕэрдэлиибин! Өлбөт мэҥэ уута – төрөөбүт сахабыт тыла үйэлэргэ сайда, сириэдийэ турдун!
В этот знаменательный день благодарю всех, кто вносит свой вклад в дело сохранения и развития родных языков и письменности народов республики! Желаю крепкого здоровья и счастья!
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 2