Бу ураты күн Саха Сиригэр 2004 сыллаахха биллэр суруналыыс Иван Ушницкай кѳҕүлээhининэн аан бастаан олохтоммута. Оттон Ньургуhун аан дойдутааҕы күнэ муус устар 19 күнүгэр бэлиэтэнэр.
«Тоҥ буору тобулан, күн диэки дьулуhан», саас эрдэ, хаар ууллаатын кытары тахсар ньургуhун сибэкки ырыаҕа ылланар, хоhооҥҥо хоhуллар. Нарын-намчы бэйэтэ тымныыттан, хаартан, тыалтан-куустан толлубат сүдү күүhэ олоххо тапталы, тулхадыйбат тулууру кэрэhэлиир. Кини муус устар бүтэhик күннэриттэн ыам ыйын бүтэhигэр диэри, биир ый устатыгар, харалдьыкка тыллан, хараҕы үѳрдэр, санааны кѳнньүѳрдэр.
Саха Сиригэр ньургуhун сэттэ кѳрүҥэ үүнэр. Саhархай, маҥан, кытархай, халлаан күѳхтүҥү-хара саарыл ѳҥнѳѳх буолар. Бүлүү бѳлѳх улуустарыгар кэрэ бэйэлээх кытархай, халлаан күѳхтүҥү-хара саарыл ѳҥнѳѳх ньургуhуннар хойуутук үүнэллэр.
Дьон-сэргэ ньургуhуну кэрэ кыыска холууллар, кини аатын кыыс оҕоҕо биэрэллэр. Онон Ньургуhун диэн дьикти ааттаах кыргыттар бааллар.
«Ньургуhуну эн таптаа, ньургуhуну харыстаа, ньургуhуну үргээмэ» диэн ырыаҕа ылланарыныы, олохпутун киэргэтэр бу эриэккэс сибэккини харыстыаҕыҥ.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0