Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -2 oC

Үйэ чиэппэрэ анараа өттүгэр, 1993 сыл ахсынньы 12 күнүгэр, бүттүүн норуот референдумунан дойду олохтоохторо Россия Федерациятын Конституциятын иһин куоластаабыттара. Итини сэргэ саҥа көрүҥнээх парламеҥҥа быы­бардар ыытыллыбыттара, ол икки балааталаах тутулун – Госдуманы уонна Федерация Сэбиэтин – Төрүт сокуон быһаарбыта. Онон сокуону оҥорооччулар Конституция уонна Федеральнай Мунньах 30 сылларын бэлиэтииллэр.

 Оттон ити иннинэ 1990 сыл бэс ыйын 12 күнүгэр дойдубутугар “РСФСР судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан декларация” ылыллыбыта. Докумуоҥҥа дойду саҥа аата — Россия Федерацията диэн бигэргэтиллибитэ уонна дойду саҥа Конституциятын ылыныы наадатын туһунан этиллибитэ.

1993 сылга РФ Бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин саҥа Конституцияны оҥорууга анаан Конституционнай сүбэ мунньаҕы тэрийбитэ. Ол үлэтигэр бэлитиичэскэй баартыйалар уонна хамсааһыннар бэрэстэбиитэллэрэ, учуонайдар, норуот дьокутааттара,о.д.а. кыттыыны ылбыттара.

1993 сыл ахсынньы 12 күнүгэр Арассыыйа сокуону оҥорор уорганыгар — Федеральнай Мунньахха быыбардары кытта тэҥҥэ Конституцияны ылыныыга бүттүүн норуот куоластааһына ыытыллыбыта. «Россия хаһыатыгар» бэчээттэммит күнүттэн – 1993 сыл ахсынньы 25 күнүттэн күүһүгэр киирбитэ. 1994 сылтан, дойду Бэрэсидьиэнин Ыйаахтарынан ахсынньы 12 күнэ судаарыстыбаннай бырааһынньык күнүнэн биллэриллибитэ.

Саҥа Конституция, былааһы тыырсыы бириинсибин киллэрэн, судаарыстыбаннай былаас үрдүкү уорганнарын тутулун балайда уларыппыта.  Конституция — бу судаарыстыба сүрүн сокуона – дойду быраапка тиһигин бүтүннүүтүн киинэ буолар уонна атын сокуоннар ис хоһооннорун, суолталарын быһаарар. Конституцияҕа дойду бэлитиичэскэй ландшаба бүтүннүүтэ, кини суолталаах институттара суруллаллар, былаас толорор, сокуону оҥорор уонна сууттуур уорганнарга араарыллара ыйыллар, судаарыстыба баһылыгын — Конституцияны мэктиэлээччи — солото олохтонор. дойду аныгы парламентаризмын атаҕар туруутун устуоруйата сэбиэскэй кэм кэннинээҕи сүрүн түгэннэри тыктарар.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением