«Академия биир сүрүн ситиһиитэ — научнай-үөрэтэр киин «НОЦ бигэ туруктаах хоту дойду» национальнай бырайыакка кыайыы кынаттанна. Тэрилтэ араас хайысханан биир кэлим научнай чинчийиини ыытар. Биэс учуонай сэбиэт баар, хас биирдии чинчийии сөбүлэһиини, эспэртиизэни ааһар.
Соторутааҕыта биһиэхэ национальнай Академиялар бэрэсидьиэннэрэ кэлэ сырыттылар. СӨ Наукатын Академиятын бэрэсидьиэнэ Леонид Владимиров национальнай Академиялар түмсүүлэрин салайааччыларынан талылынна. Биһиги кинилэри кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиэхпит», — диэн Академия вице-бэрэсидьиэнэ Геннадий Толстых билиһиннэрдэ.
Президиум кэҥэтиллибит мунньаҕын СӨ Наукатын Академиятын бэрэсидьиэнэ Леонид Владимиров арыйда. Кини отут сыл анараа өттүгэр Академия хайдах тэриллибитин, бастакы салайааччылар хайдах үлэлээбиттэрин, туох кылааты киллэрбиттэрин ахтан-санаан ылла. 1994 с. уопсайа 2500 научнай үлэһит баар эбит, онтон 2023 с. бу эйгэҕэ 1900 эрэ киһи хаалбыт. Күн бүгүн учуонайдар энциклопедическай таһаарыыны оҥорорго, Саха Сирин төрүт олохтоох дьонун төрөөбүт тылларын харыстыырга, тулалыыр эйгэни кэтээн көрөргө, сэлии фаунатын, сир баайын чинчийэргэ о.д.а. үлэлэһэллэр.
Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Жирков билим үлэһиттэрин Академия 30 сыллаах үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээтэ. Кини 1990-ус сылларга национальнай өрөспүүбүлүкэлэр наука Академиятын тэрийэн саҕалаабыттарын бэлиэтээтэ.
«Биһиги өрөспүүбүлүкэбит учуонайдара Арассыыйа наукатын Академиятын Сибиирдээҕи салаатыгар киирэр этилэр. 1990-ус сылларга научнай тэрилтэлэри үбүлээһин, сабыллыбакка оннуларынан хаалалларын хааччыйааһын боппуруоһа сытыытык турбута.
Бу кэмҥэ СӨ Наукатын Академията тэриллибитэ. Онон өрөспүүбүлүкэ научнай тэрилтэлэри бэйэтэ хааччыйар буолбута, олохтоох бүддьүөттэн мөлүйүөнүнэн үп көрүллүбүтэ. Күн бүгүн наука өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар фундаментальнай, практическай, прикладной суолталаах», — диэн эттэ Александр Жирков. Кини СӨ Наукатын Академиятын бастакы 25 чилиэннэрин дьоһуннаах үлэлэрин ахтан-санаан ааста.
Өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылааттарын иһин Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Жирков Махтал суруктары филологическай наука хандьыдаатыгар, СӨ Наукатын Академиятын сүрүннүүр научнай үлэһитигэр Варвара Филипповаҕа, биологическай наука докторыгар, СӨ Наукатын Академиятын кылаабынай научнай үлэһитигэр Альберт Протопоповка туттарда.
СӨ Наукатын Академиятын президиумун кэҥэтиллибит мунньаҕар академик, Арассыыйа наукаҕа Академиятын чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, бэрэпиэссэр Никита Соломонов 94-үс хаарыгар үктэммит учуонай билигин даҕаны билим сайдыытын туһугар өрөбүлү, бырааһынньыгы аахсыбакка үлэлии сылдьарын туһунан кэпсээтэ.
Кини Дьокуускай куорат экологическай туруга кутталлааҕын, кэлиҥҥи сылларга үрдүк этээстээх дьиэлэри тутуу сэрэхтээҕин, хаһан баҕарар сир хамсыан сөбүн бэлиэтээтэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ физико-математическай үөрэҕи тэрийсибит, атаҕар туруорбут учууталлар Михаил Андреевич Алексеев, Николай Федорович Иванов о.д.а. үгүс учуонайдары, бэлитиичэскэй диэйэтэллэри, ол иһигэр Ил Дархан Айсен Николаевы оскуолаҕа үөрэтэн, иитэн-такайан таһаарбыттара.
1979 сыллаах выпускниктар ааттарыттан Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Юрий Николаев улахан буукубаттан ааттанар учууталларыгар, тиэхиньиичэскэй үлэһиттэри бэлэмнээбит ытык дьонугар сүгүрүйэрин, махтанарын биллэрдэ.
«Билигин үөрэх кыһаларыгар туттуллар ньыманы Михаил Андреевич 1970-ус сылларга олоххо киллэрбитэ. Кини үөрэнээччилэрэ — тэрилтэ салайааччылара, Наука Академиятын киэн туттар учуонайдара, өрөспүүбүлүкэ бэлиитикэтин салайар дьон.
Ол кэмнээҕи аксакааллартан биһиги аттыбытыгар баар Николай Федорович соторутааҕыта 85-хаарыгар үктэммитэ, билигин даҕаны дьон иннигэр тахсан санаатын чаҕылхайдык этэр. Мин кини 35-һин саҥа ааспыт кэмигэр, эдэр киһиэхэ үөрэммитим. Учууталбыт успуорду сөбүлүүр буолан, буокса туһунан ыйыттахха, тугу барытын умнан туран кэпсиирэ.
Учууталларбыт тиэхиньиичэскэй интеллигенцияны эрэ буолбакка, быраастары, үөрэх үлэһиттэрин бэлэмнээн таһаарбыттара», — диэн Юрий Николаев үөрэммит сылларын истиҥник санаан ааста.
Өрөспүүбүлүкэ киэн туттар дьоһун дьонун иитэн-үөрэтэн таһаарбыт ытык учууталга Николай Федорович Ивановка СӨ Үөрэҕин уонна наукатын миниистирин бастакы солбуйааччыта Михаил Присяжнай Ил Дархан Бочуоттаах грамотатын туттарда.
СӨ Наукатын Академиятын президиумун кэҥэтиллибит мунньаҕар өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар дьоһун кылааттарын киллэрбит ытык учууталлары, учуонайдары дохсун ытыс тыаһынан наҕараадалаатылар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0