Кулун тутар 16 күнүгэр күнүс 11-00 чаастан "Доҕордоһуу" болуоссатыгар түмсэн, улуу убайбыт Алексей Елисеевич Кулаковскай - Өксөкүлээх Өлөксөй пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар, саха омугар оҥорбут үтүөтүн аҕыннылар, үйэтитиигэ үлэлэһэр соруктарын эттилэр, суруйааччы аймах-билэ дьонун эҕэрдэлээтилэр. Өксөкүлээх сиэнэ Раиса Реасовна Кулаковская, Дьокуускай баһылыга Евгений Григорьев, Ил Түмэн дьокутааттара Елена Голомарева, Яков Ефимов, Ил Дархан сүбэһитэ Георгий Никонов, "Чолбон" сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов, Саха тыйаатырын сүрүн режиссера Руслан Тараховскай, "Таатта" түмсүү бэрэссэдээтэлэ Владимир Аржаков уо.д.а. кыттыыны ыллылар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0