Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Муус устар ыйга оҕуруот аhын арааhыттан рассада олордуллар. Онтон сорохторо манныктар.

Муус устар ыйга оҕуруот аhын арааhыттан рассада олордуллар. Онтон сорохторо манныктар.

Томат рассадатын биhиги Сахабыт Сиригэр сорох оҕуруотчуттар олунньу-кулун тутар ыйдарыгар олордоллор. Ол эрээри эрдэ ситэр суортар рассадалара наhаа уhаан, кыахтарын сүтэрбэттэрин наадатыгар кинилэри муус устар саҥатыгар олордор ордук. Томат маннык суортара уонна гибридтэрэ 50-60 күнүнэн груҥҥа олордуллаллар.

Хаппыыста рассадатын кулун тутар бүтэhигиттэн муус устар бүтэhигэр диэри олордуохха сѳп. Хаппыыста сиэмэлэрэ эрдэ тыллалларын наадатыгар кинилэри таҥас, эбэтэр маарыла лоскуйугар суулаан баран, бастаан сылаас, оттон тымныы ууга 10 мүнүүтэ устатыгар тутуллар. Ол кэнниттэн бүлүүhэҕэ 24 чаас устата хос температуратыгар туруоруллар. Үллүбүт сиэмэлэри буордаах дьааhыкка 1 см дириҥҥэ ыhыллар. Уутун ѳлгѳмнүк кута сылдьыллар. Дьааhыкка сииктээх миркокилиимэти тутарга пленканан сабыллар. Үнүгэстэр таҕыстахтарына, пленканы ылан кэбиhэбит. Хаппыыста рассадата 1-1,5 ыйынан кѳhѳрѳн олордууга сѳп буолар.

Огурсууну эрдэ амсайыаххытын баҕарар буоллаххытына, муус устар ыйга, 20 чыыhылаҕа диэри олордуҥ. Ол бѳҕѳ, чэгиэн рассаданы ыларга кѳмѳлѳhѳр. Онуоха Кустовой, Алтайский ранний 166, Зозуля, Апрельский, Сфинкс, Московский пижон курдук суортар уонна гибридтэр барсаллар. Сиэмэ матырыйаалын 3% туус суурадаhыныгар угуҥ, дагдайан тахсыбыт сиэмэлэри быраҕыҥ. Түгэххэ хаалбыттары ылан сууйан баран, инчэҕэй таҥаска биитэр маарылаҕа суулааҥ уонна 2-3 күҥҥэ иhиккэ оннук сытыарыҥ.  

Үнүгэстэр тахсыбыттарын кэннэ буордаах кѳhүйэлэргэ 2-4 см дириҥҥэ олордуталааҥ. Рассада 3-4 нэдиэлэнэн кѳhѳрѳн олордорго бэлэм буолуоҕа.

Муус устар ыйга баклажан маннык суортарын олордуҥ: Алмаз, Деликатес Краснодарский Скороспелый 148, Бегемот, Деликатесный Грибовский 752. Бу суортар ситэр кэмнэрэ ортотунан 100 күҥҥэ диэри буолар.

Кабачогу эмиэ муус устар ыйга рассадалыыр ордук. Үүнүүнү эрдэ ылыаххытын баҕарар буоллаххытына, 50 күнүнэн астанар эрдэ ситэр суортары олордуҥ. Холобура,Зебра, Белый лебедь, Якорь, Белоплодный. Кабачоктар кѳhѳрѳн олордору сѳбүлээбэттэр, онон тута тус-туhунан кѳhүйэҕэ 1-2 сиэмэни 3-4 см дириҥҥэ уган ыhыҥ.

Интернет ситимиттэн.

Хаартыска аhаҕас источниктан ылылынна

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 2

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31