Кини этэринэн, муус устар ый ортотугар арбуз, дыня сиэмэлэрин ыhыллар.
Муус устар 24 күнүн диэки тыкваны арассаадаланар.
Оттон хайыы үйэ тэпилииссэ иhигэр эрэдиискэни, укуруобу, салааты, утары сиир күѳх үүнээйилэри ыhыллар.
Ыам ыйын саҥатыгар кабачогу, подсолнуҕу, таhырдьа ыhыллар сибэккилэри ыhан бэлэмнэниллэр.
Муус устар 20 күнүн диэки огурсуу сиэмэтин тылыннарыы саҕаланар, уоннуу күн арытыалаан аhын биэрэрин уhатар курдук ыhыллар. Ол аата, муус устар 24 күнүгэр, ыам ыйын 4, 14 күннэригэр ыhыллар.
Минньигэс астаах клубниканы, дьэдьэни ноhуомнаах буорга олордуллубат, кѳhѳрүллүбэт. Буора кытаанах буолуохтаах. Үүнээйини кѳhѳрѳн баран, буорун, салгын киирбэтин наадатыгар, илиинэн баттыалаан чиҥэтэн бэриллэр. 3 лиитэрэлээх ууга хаппыт килиэби туруора түhэн баран, ол уунан клубниканы, дьэдьэни, 4-түү хоно-хоно арытыалаан аhатыллар. Бу үүнээйилэргэ элбэх уу кутуллар, буора мэлдьи сииктээх буолуохтаах.
Кэнники кэмҥэ дьэдьэни сибэкки иhитигэр олордоллор. Онуоха иhитин кээмэйэ 5 киилэттэн итиэ суохтаах, оччоҕуна эрэ ѳлгѳм үүнүүнү биэрэр.
Хаартыска аhаҕас источниктан ылылынна.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0