Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -0 oC

Самаан сайыны көрсөр Улуу тунах ыһыахтар кэннилэриттэн тыа дьонугар дьылы быһаарар сүрүн үлэ – оттооһун кэмэ саҕаланар.

Самаан сайыны көрсөр Улуу тунах ыһыахтар кэннилэриттэн тыа дьонугар дьылы быһаарар сүрүн үлэ – оттооһун кэмэ саҕаланар.

Ыһыы үлэтэ түмүктэннэ

Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тыа хаһаайыстыбатын култууратын 49,2 тыһыынча гектарга ыһарга былааннаммыта. Ол иһигэр, бурдугу 10,7 тыһыынча гектарга, сүөһү сиир култууратын (биир уонна элбэх сыллаах оттору) 30,5 тыһыынча гектарга ыһар, хортуоппуйу 6,5 тыһыынча гектарга, аһаҕас буорга үүнэр оҕуруот аһын 1,3 тыһыынча гектарга олордор сорук турбута.

Хаһаайыстыбалар ыһыыны кэмигэр саҕалаабыттара, инньэ гынан бурдук 10,9 тыһыынча (сэлиэһинэй 1722 гектарга, эбиэс 6838 гектарга, ньэчимиэн 2360) гектарга ыһыллан, былаан 101 % толорулунна.

Сүөһү сиир култуурата 28 772 гектарга ыһылынна. Санатан эттэххэ, элбэх сыллаах оттор суортарыттан көрөн, ыам ыйын 30 күнүттэн саҕалаан от ыйын 10 күнүгэр диэри ыһыллаллар, онон манна бүтэһиктээх түмүк таһаарыллара арыый эрдэ. Оттон аһаҕас буорга үүнэр оҕуруот аһа 1 408 гектарга, хортуоппуй 6 597 гектарга олордуллан, былаан толорулунна.

Маны таһынан эһиилги ыһыыга анаан, 8,6 тыһыынча гектар бааһына сирэ паарданар. Инньэ гынан, быйылгы сааскы ыһыы үлэтэ барыта 57,9 тыһыынча гектарга ыытылынна, былырыын бу көрдөрүү 54,3 тыһыынча этэ.

Сорудах улуустарга тиэрдилиннэ

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ «2022 сылга сааскы ыһыы үлэтин уонна сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин үлэтин тэрийэн ыытыы миэрэлэрин туһунан» дьаһалын чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бас билии көүҥүттэн тутулуга суох бары хаһаайыстыбаларга баар 180 тыһыынча ынах сүөһүнү уонна 182 тыһыынча сылгыны кыстатарга быйыл сайын 441 881 туонна от оттонуохтаах, 13 260 туонна сенаж оҥоһуллуохтаах, 29 580 туонна сиилэс угуллуохтаах.

Элбэх сүөһүлээх-сылгылаах улуустар сорудахтара улахан. Холобур, Мэҥэ Хаҥалас улууһа 40 000 туонна оту хааччыннаҕына, сүөһүтүн-сылгытын талбаата суох кыстатыахтаах. Бу курдук Таатта улууһа 35 600, Сунтаар уонна Чурапчы улуустара 34 000, Ньурба улууһа 33 500, Хаҥалас улууһа 31 000, Амма улууһа 30 400, Уус Алдан улууһа 30 000, Бүлүү улууһа 27 689, Нам улууһа 27 391, Үөһээ Бүлүү улууһа 24 000, Өлүөхүмэ улууһа 16 800, Кэбээйи улууһа 14 000, Горнай улууһа 12 155, Дьокуускай куорат хаһаайыстыбалара 11 000 туоннаны оттуур былааннаахтар.

Хотугу улуустары көрдөххө, Дьааҥы улууһа 8 200, Орто Халыма улууһа 5 600, Томпо улууһа 5 500, Өймөкөөн улууһа 3 700, Уус Маайа улууһа 3 200, Абый улууһа 1 594, Эбээн Бытантай улууһа 1 250 туоннаны чөкөтүөхтээхтэр. Бырамыысыланнай улуустартан Ленскэй 600, Мииринэй 900 туоннаны хааччыныахтаахтар.

Суһал ыстааптар үлэлииллэр

Сыллата буоларын курдук, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иһинэн миниистири солбуйааччы Николай Афанасьев салайааччылаахсүөһү аһылыгын соҕотуопкатын иилиир-саҕалыыр өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап, оттон улуустарга кини салаалара тэриллэн үлэлэрин өссө бэс ыйын саҥатыттан саҕалаабыттара.

Кинилэр салалталарынан нэһилиэктэр дьаһалталара, тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ уонна хаһаайыстыбалар салайааччылара ходуһаларын кэрийэн көрөн, хайа сир хайдах үүммүтүн, төһө оту биэриэн сөбүн барыллаан аахтылар. Аһыҥа турар кутталлаах сирдэригэр дьааттааһыны тэрийдилэр (Россельхозкиин эрэгийиэннээҕи салаата иһитиннэрэринэн, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Ньурба уо.д.а. улуустарыгар 2 698 гектар ходуһа аһыҥаттан эмтэммит). Оттооһуну кэмигэр саҕалыыр туһугар оттугу-уматыгы хааччыннылар, тиэхиньикэлэри өрөмүөннээтилэр, ыраах учаастактарга барар суолу-ииһи оҥордулар, ходуһалар бүтэйдэрин сөргүттүлэр. Сорох хаһаайыстыбалар от ыйын бастакы күннэриттэн саҕалаан, хотуурдарын лыҥкынаттылар.   

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением