Ол курдук, сыана сибиэһэй оҕурсууга 43,8 %, хаппыыстаҕа 23,8 %, моркуопка 5,2 %, хортуоппуйга 3,3 %, куурусса сымыытыгар 4 %, горохха, фасольга 3,1 %, иэдьэгэйгэ 3 %, куруппа бурдукка 2,5 %, чэйгэ 2 %, балыкка, саахарга 1,5 %, кэмпиэккэ 0,5 %, бэчиэнньэҕэ 0,3 % түспүт.
Манньыат икки өрүттээх диэбиккэ дылы, аны сорох көрүҥнэр сыаналара үрдээн биэрбит. Холобурга эттэххэ, килиэп, бурдук астар 3,8 % (2,1 %), маргарин 2,2 %, мас арыыта 1,9 %, үүт 1,3 %, ынах, бараан эттэрэ 1,1 %, сыыр, ынах арыыта, туустаах муора балыга (сельдь) 0,9 %, туус 0,8 %, ириис 0,7 % ыараабыттар. Бу бородуукталартан үгүстэрин күннэтэ атыылаһабыт. Онон, хармааҥҥа охсуулаах буолара саарбаҕа суох.
2022 сыл саҕаланыытын кытта тэҥнээтэххэ, сүрүн ас-үөл саамай кыра кээмэйдээх нобуорун сыаната 12,4 % үрдээбит. От ыйыгар маннык нобуор сыаната Уһук Илин эрэгийиэнигэр 7 746 солкуобайга тэҥнэспит. Онтон атын эрэгийиэннэргэ – 5 864 солк. буолбут.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0