Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -22 oC

Олунньу 9 күнүгэр Арассыыйаҕа гражданскай авиация тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бэлиэ түгэни көрсө бэҕэһээ, тохсунньу 26 күнүгэр, В.И. Грушаков аатынан Дьокуускайдааҕы авиация тиэхиниичэскэй училищетыгар бу салаа бэтэрээннэрин кытары көрсүһүү буолла.

Олунньу 9 күнүгэр Арассыыйаҕа гражданскай авиация тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бэлиэ түгэни көрсө бэҕэһээ, тохсунньу 26 күнүгэр, В.И. Грушаков аатынан Дьокуускайдааҕы авиация тиэхиниичэскэй училищетыгар бу салаа бэтэрээннэрин кытары көрсүһүү буолла.

Салгын тырааныспарын бочуоттаах үлэһиттэрэ, гражданскай авиация сайдыытыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрсибит ытык дьон курсаннарга үлэлээн ааспыт кэмнэрин туhунан кэпсээн, ахтан-санаан аастылар, уопуттарын үллэһиннилэр, сүбэ-ама биэрдилэр.

21957b5b 6422 4948 9b79 d6827728d707

Кинилэр ортолоругар саха бастакы пилоттарыттан биирдэстэрэ, 1945 с. Япония сэриитин кыттыылааҕа, Социалистическай Үлэ Дьоруойа, уопсастыбаннай диэйэтэл, ССРС үтүөлээх пилота Валерий Кузьмин иитиллээччилэрэ бааллар. Ол курдук, Саха Сирин авиациятын историга, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, РФ тырааныспарга Бочуоттаах үлэһитэ, Аэрофлот туйгуна, СӨ тырааныспарын үтүөлээх үлэһитэ, В.И. Кузьмин аатынан бириэмийэ лауреата, Норуоттар доҕордоһууларын уордьанын кавалера Васильев Михаил Егорович үлэлээбит кэмин туhунан кэпсээтэ.

e04717ac b468 40ae b911 260015d128e9

Үтүө тылларын РФ салгын тырааныспарын Бочуоттаах үлэһитэ, Аэрофлот туйгуна, САССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, В.И. Кузьмин аатынан бириэмийэ лауреата, Үлэ Кыһыл Знамята уордьан кавалера Габышев Александр Ильич тириэртэ.

Үтүөлээх бэтэрээннэр Конопелькин Александр Александрович, Кочетов Анатолий Петрович, Корнилов Илья Федорович, Архипов Александр Ильич эдэр ыччаты кэскиллээх суолларыгар алҕаатылар.

Санаттахха, быйыл Саха Сиригэр гражданскай авиация төрүттэммитэ 98 сыла. Аны икки сылынан 100 сыллаах үбүлүөйү бэлиэтиэхпит.

Училище уһуйааччыта Владимир Пестерев кэпсииринэн, кѳрсүhүүгэ кэлбит бэтэрээннэр Саха Сирин пилоттарын үһүс көлүөнэтэ буолаллар. “Кинилэр авиацияҕа кырата 50 сыл үлэлээбит дьоннор. Онон маҥнайгы, иккис куурустарбыт устудьуоннара Саха Сирин авиатордарын бэhис кѳлүѳнэтигэр киирсэллэр. Аны үс сылынан үөрэхтэрин бүтэрэн, летчик, техник, механик уонна да атын идэлээх үлэһиттэр буолан тахсыахтара. Онон бу көрсүһүүнү көлүөнэлэр быстыбат ситимнэһиилэрэ диэн ааттыахха сөп”, - диэн этэр.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением