Түмсүүгэ хайдах кыттыбыттарын туһунан эдэр байыастары бэлэмнээн, салайан илдьэ сылдьыбыт Харыйалаах орто оскуолатын физкультураҕа учуутала Егор Иосифович Семенов маннык кэпсээтэ:
– Биһиги сэттис-тохсус кылаастартан сүүмэрдээн, 5 оҕолоох хамаанданы тэрийэн кытынныбыт. Тиийээппитин кытта анал сиргэ түһэрээт, оҕолор байыаннай бэлэмнэниигэ үөрэнэн барбыттара. Кэлбит оҕолору барыларын икки ротаҕа араарбыттара, хас биирдии рота иккилии взводтаах. Онно эбии кыргыттар взводтара эбиллэн, уопсайа биэс взвод баар буолла. Барыта түөрт күн сырыттыбыт. Бастакы күҥҥэ оҕолорго анаан бойобуой дьайыыларга сылдьыбыт бэтэрээннэри кытта көрсүһүү буолла, салайааччыларга анаан психологическай куурус ыытылынна. Дьокуускайтан кэлбит психологтар үөрэттилэр.
Иккис күҥҥэ оҕолор аармыйа олоҕор чугаһатан үөрэтиини бардылар, байыаннай устаап, физическай бэлэмнэнии, бэйэни көмүскэнии, байыаннай сулууспа диэн тугун билистилэр. Киэһэ «Якутяне на страже Отечества» диэн байыаннай-патриотическай ырыа бэстибээлэ ыытылынна. Хас биирдии хамаанда патриотическай ырыа бэлэмнээн илдьиэхтээх этэ. Биһиги хамаандабыт “Хотойдор” диэн ырыаны толорон, иккис бочуоттаах миэстэни ылла.
Үһүс күҥҥэ разведка, инженернэй, байыаннай-медицинскэй бэлэмнэнии үөрүйэхтэригэр үөрэттилэр. “Вектор патриотизма” диэн II өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыалабыай оонньууга бөлөхтөрүнэн уоннуу оҕолоох хамаандаларга арахсаннар, бырайыак оҥорон көмүскээтилэр.
Төрдүс, бүтэһик күҥҥэ, алта түһүмэхтээх “Военная игра без права на ошибку” диэн военизированнай эстэпиэтэҕэ икки күн устатыгар туохха үөрэммиттэрин көрдөрдүлэр. Биһиги хамаандабыт байыаһа Дьулус Иванов Дьулус «Бэргэн ытааччы» аатын ылла, биир да сыыһа ытыыны оҥорбото. чко ылла. Бу күн эдэр карбышевецтар тургутууну ааһан, байыаннай үөрэҕи ылыналларын толору дакаастаатылар. Эбэн эттэххэ, үөрэнээччилэрбиттэн сэттис кылаастар бастаан ыарырҕатыах курдук буолан баран, олус сөбүлээн сөбүлээтилэр. Бэрт интэриэһинэй, наадалаах түмсүү ыытылынна. Байыаннай дьыалаҕа оҕолору үөрэтии, кинилэри патриотизм тыыныгар иитии маннык тэрээһиннэртэн саҕаланан барар.
Инникитин оскуолабытыгар Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн тэриллибит “ЮнАрмия” үлэтин салгыырга, “Эдэр карбышевтар” байыаннай-патриотическай кулуубу тэрийэргэ былаанныыбыт. Дьиҥэ, тус-туспа үлэлэр эрээри, хайысхалара биир: байыаннай дьыаланан иитии-үөрэтии, дойдутун таптыыр патриоттары иитэн таһаарыы буолар.
III Карбышевскай түмсүүгэ үрдүк таһымнаахтык кыттыбыппытыгар бастатан туран, кэлэ-бара айаммыт ороскуотун төлөөбүт улууспут баһылыгар Л.С. Ивановаҕа, дириэктэрбиьигэр И.Е.Петровка, бэлэмнэнэрбитигэр көмөлөспүт дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Д.И.Тарбаховаҕа, физкультура учууталыгар С.К. Аммосовка махталбытын тиэрдэбит. III Карбышевскай түмсүүлэргэ кыттан кэлиибит барыбытыгар элбэх санааны сахта, иитии эйгэтигэр кэккэ былааннары үөскэттэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0