Ол да иһин буолуо ханнык да моһол баар буоллар, олох туһугар иитиллибит Ийэ дойдубут сайдарын-үүнэрин туһугар туппут тэтимнэрин ыһыктыбаттар. Быйылгы сылбыт биир уратыта өтөрүнэн түспэтэх элбэх хаар буолла, дэлэҕэ даҕаны ким төһө улахан, үрдүк күрдьүктээҕэр куоталаһыы баар буолуо дуо... Күрдьүк күрдьүгүнэн, элбэх хаар дьон-сэргэ, тэрилтэлэр олохторугар кэккэ ыарахаттары үөскэттэ. Дьэ манна тоҕотун токоолоспокко, төрдүн-төбөтүн түөрбэккэ кэмигэр хамсанар, миэстэтигэр быһаарсар олус тоҕоостоох буолла.
Ааспыт өрөбүл күннэргэ Галина Николаева салайааччылаах Хатастааҕы “Кэрэчээнэ” оҕо уһуйаанын иллээх-эйэлээх кэлэктиибэ оҕолор барахсаттар сааскы кэм кэрэтин сомсоллоругар, сибиэһэй салгыҥҥа сылдьан доруобуйаларын тупсаралларыгар сөптөөх усулуобуйа оҥороорулар күүстээх субуотунньугу тэрийдилэр. Манна киһи үөрэрэ диэн төрөппүттэр баҕа өттүлэринэн күүс көмө буоллулар. Ол курдук Сергей Пимонов тиэхиньикэнэн көмөлөһөн, 570 кубометр хаары тастылар. Дьэ ити курдук үлэ салҕанар.
- 0
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0