Соторутааҕыта аҕам саастаахтарга хапытаалынай ѳрѳмүѳн тѳлѳбүрүгэр чэпчэтии киирэрин туhунан Госуслуга порталыттан биллибит. Бу олус үчүгэй сонун.
Ол курдук, 70 уонна онтон үѳhээ саастаах дьон хапытаалынай ѳрѳмүѳн иhин усунуостарыгар 50-тан 100 % диэри компенсацияны ылыахтарын сѳп. Бу чэпчэтии Олорор дьиэ кодексынан кѳрүллүбүт, ол эрээри эрэгийиэннэргэ үлэлиэхтээх. Маннык чэпчэтии баар буолбутун уонна кини усулуобуйаларын туhунан социальнай кѳмүскэл салалтатыттан эбэтэр хапытаалынай ѳрѳмүѳн эрэгийэннээҕи эпэрээтэриттэн билсиэххэ сѳп.
Компенсация кээмэйин эрэгийиэҥҥэ олорор дьиэ иэнин уонна хапытаалынай ѳрѳмүѳҥҥэ усунуос саамай алын кээмэйин нормативтарынан суоттууллар. Олорор дьиэ иэнин нормативтарын туhунан информацияны олохтоох дьаhалта сайтыттан билиллэр.
Сааhынан кѳрүллэр компенсацияны ким ылыан сѳбүй? Онон соҕотоҕун олорор эбэтэр дьиэ кэргэн атын чилиэннэрин — үлэлээбэт пенсионердары эбэтэр I уонна II группалаах инбэлииттэри кытта олорор үлэлээбэт пенсионердар туhаналлар.
Онуоха чэпчэтиини ылар киhи дьиэ бас билээччитинэн буолуохтаах.
Хапытаалынай тѳлѳбүргэ усунуос 50% чэпчэтии 70 –тан үѳhээ саастаах пенсионердар кѳрүллэр
Оттон 80 саастаах уонна онтон үѳhээ саастаах пенсионердар хапытаалынай ѳрѳмүѳн тѳлѳбүрүттэн босхолоноллор, ол эбэтэр 100% компенсациянан туhаналлар.
Хапытаалынай ѳрѳмүѳн тѳлѳбүрүн компенсациятыгар, саастарын учуоттаабакка эрэ, нэhилиэнньэ атын категориялара эмиэ бырааптаахтар. Холобур, I уонна II группалаах инбэлииттэр, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин чилиэннэрэ, байыаннай дьайыылар бэтэрээннэрэ уонна Чернобыллааҕы АЭС катастрофыгар эмсэҕэлээбит дьон.
Маннык чэпчэтии хайдах суоттанарый? Холобур, эрэгийиэҥҥэ хапытаалынай ѳрѳмүѳҥҥэ усунуос саамай алын кээмэйэ — 20,99 солк. Соҕотох олорор пенсионер олорор дьиэтин иэнин нуормата —
33 кв. м. Ол иhин кини ыйга 692,97 солк. тѳлүѳхтээх. Пенсионер 73 саастаах, ол аата кини 50% компенсациянан туhанар бырааптаах. Ол кээмэйэ — 346,34 солк. Ѳскѳтүн пенсионер 50 кв. м. иэннээх кыбартыыраҕа олорор буоллаҕына, кини компенсацияны нормативка кѳрүллэринэн ылар. Оттон олорор дьиэтин иэнин атын чааhыгар усунуоhу толору тѳлүүр.
Чэпчэтиини хайдах ылылларый? Сайабылыанньа олохтоох социальнай кѳмүскэл салалтатыгар эбэтэр МФЦна суруллар, сорох эрэгийиэннэргэ - Госуслугаҕа.
Биири ѳйдүѳххэ наада — чэпчэтии биир тѳгүл биир олорор дьиэҕэ оҥоhуллар.
Хаартыска аhаҕас источниктан ылылынна.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0