Онон, быйылгы сылтан тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору олорор дьиэнэн хааччыйыы мэхэньиисимэ кэҥэтилиннэ. Билигин кинилэр дьиэ-уот судаарыстыбаннай сэртипикээтин ыланнар, бэйэлэрэ талбыт дьиэлэрин, кыбартыыраларын атыылаһар кыахтаахтар. Судаарыстыбаннай сэртипикээтинэн көрүллэр социальнай төлөбүр кээмэйэ биир киһиэхэ ортотунан 33 кв. миэтэрэ иэнинэн ааҕыллан бэриллэр. Маныаха сэртипикээттээх дьон бэйэлэрин үптэрин, кирэдьииккэ ылбыт харчыларын биитэр Ийэ хапытаалын харчытын эбэннэр, улахан иэннээх дьиэни, кыбартыыраны ылыахтарын сөп. Төлөбүр харчыта тутааччы (өлүүлэһэн тутуу дуогабара баар түбэлтэтигэр), биитэр атыыһыт (дьиэни, кыбартыыраны атыылааһын-атыылаһыы дуогабара баар түбэлтэтигэр) счеттарыгар түһэриллэр.
Тутуу министиэристибэтэ дьиэ-уот судаарыстыбаннай сэртипикээтин биэрии бэрээдэгин олохтообута. Ол быһыытынан, дьиэ-уот судаарыстыбаннай сэртипикээтин ылааччыга маннык ирдэбиллэр туруоруллаллар: бастатан туран, сууттамматах уонна холуобунай эппиэккэ тардыллыбатах, наркология уонна психоневрология диспансердарыгар учуокка турбат, психическэй кэһиллиитэ суох итиэннэ бэйэтин көрүнэр, үлэлээн иитиллэр кыахтаах, кэлиҥҥи 12 ыйга үлэлиир эбэтэр үөрэнэр буолуохтаах. Икки оҕолоох уонна үһүгэр диэри саастаах оҕотун көрөн олорор ийэлэргэ итиэннэ инбэлиит оҕону көрөн олорор төрөппүккэ маннык ирдэбил туруоруллубат.
2022 сылга 517 төгүрүк тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕону олорор дьиэнэн хааччыйарга былааннаммытыттан, дьиэ-уот судаарыстыбаннай сэртипикээтэ 100 оҕоҕо бэрилиннэ, онуоха 345,7 мөл. солк. көрүлүннэ. Салгыы 342 тулаайах оҕо хааччыллыаҕа уонна 75 оҕо муниципальнай хантарааҕынан дьиэлэниэҕэ.
- 3
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0