Норуот ытыктабылын ылар уустук. Бар дьон кыраҕы харахтаах. Михаил Петрович сахалартан биир бастакынан төрөөбүт тылы харааннаан, үлэлээбитэ. Кистээбэккэ эттэххэ, кинини өйдөөбөт, ылыммат, мэһэйдэһэр да дьон бааллара. Кини ону ол диэбэккэ, кырдьыктаах суолун туппутун ыһыктыбакка, сахалыы саймаархай, баай-талым тылы энчирэппэккэ туттуу туһугар киирсибитэ. Дапсы араадьыйаҕа анал биэрии тэрийэн, арааһа, сүүрбэттэн тахса сыл үлэлэттэ. Өрөбүллэргэ Дапсы ыраас саха тылынан саҥаран, дьонун төрөөбүт тылларын ытыктыырга, сөпкө туттарга үөрэтэрин күн бүгүн суохтуу ахтабыт. Аныгы кэмҥэ саха тылын туһугар ис сүрэхтэн ыалдьар, туттуллар эйгэтин кэҥэтэ сылдьар дьоммут элбэхтэр. Үөрүүлээҕэ диэн дьиҥ ботуруйуоттуу санаалаах ыччат ахсаана эбиллэн иһэр. Маныаха барытыгар биһиги барыбыт Учууталбыт Дапсы сүҥкэннээх кылаата баарын санатабыт. Ол иһигэр Ил Түмэн дьыала-куолу докумуонун икки тылынан таһаарыы туһунан сокуонун ахтар наадалаах. Бу буолар буоллаҕа, кырдьыктаах улахан дьыала син биир кыайыылаах тахсара диэн. Сахалар дьоллоох омукпут. Дапсы курдук норуот кэскилин туһугар дьиҥнээхтик ыалдьан, олохторун онно ууран туран үлэлиир дьонноохпутунан. Михаил Петрович Алексеев-Дапсы норуотун туһугар олорбут олоҕо, үлэтэ өссө даҕаны үөрэтиллиэ, өлбөөдүйбэт нэһилиэстбиэ буолан хаалыа.
Биһиги ытыктыыр киһибитигэр кытаананах доруобуйаны, уһун дьоллоох олоҕу баҕарабыт!
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0