Ол курдук, хамсаабат баайга-дуолга, сир учаастагар, тырааныспарга нолуоктар төлөнүөхтээхтэр, ону тэҥэ саҥа ирдэбилинэн НДФЛ суумата ыытыллыахтаах. Холобур, 13%-наах НДФЛ-нан 5 мөл. солк. тахса суумалаах киллэриммит дохуокка 15%-наах нолуок тутуллар. Оттон ыйыллыбыт болдьоххо төлөммөт түгэнигэр, РФ Нолуокка Кодексатын 75-с ыст. Киин баан ыстаапкатанынан 1/300 кээмэйдээх хас биирдии күн көтүтүллүбүккэ пеня ааҕыллар. Маны сэргэ пеня суумата холбоон 10 тыһ. солк. куоһардаҕына, нолуок уорганнара төлөбүрү суут бэрээдэгинэн ирдиэхтэрэ.
Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор бас билиигэ хамсаабат баайдаах-дуоллаах буоллахтарына, нолуогу төрөппүттэр уонна да атын сокуоннай бэрэстэбиитэллэр төлүүр эбээһинэстээхтэр. Холобур, кыбартыыра ийэ хапытаалын суотугар атыылаһыллыбыкка.
Оҕолор нолуоктарын мобильнай сыһыарыы нөҥүө эбэтэр биэдэмистибэ саайтыгар эмиэ төлүөххэ сөп. Оттон оҕо ИНН докумуона суох түгэнигэр, нолуок уорганыгар тиийэн оҥотторор ордук. Нолуок төлөбүрүн МФЦ нөҥүө эмиэ ыытыахха сөп, ону таһынан олохтоох дьаһалта кассатыгар, буочтаҕа биитэр бааҥҥа төлөнөр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0