Сүрүн иһитиннэриини доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева оҥордо. 2023 сыл устата ыытыллыбыт үлэни хайысхаларынан быһааран биэрдэ. Ол курдук, доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх эбийиэктэрин тутууга 3 627 мөл. солк көрүллэн, Ытык Күөлгэ поликлиника тутуллан үлэҕэ киллэриллибит, быйыл саас Чурапчыга балыыһа комплекса, Муомаҕа, Уус Маайаҕа поликлиникалар тутуулара түмүктэнэн, үлэҕэ киллэриллиэхтээхтэр. Каадырынан хааччыллыыга «Земскэй луохтуур», «Земскэй биэлсэр» федеральнай бырагырааманан 166 эмчит үлэҕэ анаммыт. Быйыл Аммаҕа поликлиника, Бүлүүгэ, Намҥа уонна Ньурбаҕа эмтиир куорпустар, Майаҕа балыыһа комплексын тутуулара саҕаланар уо.д.а. эбит.
Норуот дьокутааттара тыл этиитигэр көхтөөтүк кытыннылар. Иван Луцкан улуустарга оҕо хараҕын кабинеттарын тэрийэргэ эттэ. Алена Атласова Дьиэ кэргэн сылынан оҥоһуллар өйөбүллэр тустарынан ыйытта.
Елена Голомарева бүөрү көһөрөн олордор эпэрээссийэ оҥоһуллара наадатын бэлиэтээтэ. Сергей Сивцев эбийиэктэри тутууга хотугу улуустарга болҕомтону уурарга, Казачьеҕа саҥа амбулатория тутуллара, Черскэйгэ балыыһа комплексын өрөмүөннүүргэ наадатын эттэ. Онуоха бу икки эбийиэк министиэристибэ хонтуруолугар сылдьара быһаарылынна.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0