Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -35 oC

Аныгы киһи төлөпүөнүн туппутунан утуйар уонна уһуктар, үлэбитин быһаарсабыт, онтон дьиэбитигэр кэлэн социальнай ситимнэри хасыһабыт, аймахтарбыт, дойдубут сонуннарын ааҕабыт, араас сураҕы-садьыгы билэбит. Төлөпүөнү тута сыттахха, бириэмэ биллибэккэ элэҥнээн ааһар, өрөбүллэриҥ бүтэн хаалбыттарын өйдөөбөккө да хаалаҕын.

Аныгы киһи төлөпүөнүн туппутунан утуйар уонна уһуктар, үлэбитин быһаарсабыт, онтон дьиэбитигэр кэлэн социальнай ситимнэри хасыһабыт, аймахтарбыт, дойдубут сонуннарын ааҕабыт, араас сураҕы-садьыгы билэбит. Төлөпүөнү тута сыттахха, бириэмэ биллибэккэ элэҥнээн ааһар, өрөбүллэриҥ бүтэн хаалбыттарын өйдөөбөккө да хаалаҕын.

Оҕолуун-кырдьаҕастыын бука бары смартфоҥҥа убанан, күнүстэри-түүннэри ону эрэ манаһан, харахтара эрдэ мөлтөөн, ачыкы кэтэллэр. Билиҥҥи уустук кэмҥэ кутталлаах, ыарахан, мөкү сонуннары аахтахха, истириэскэ киирэн, утуйар ууҥ да көтөр. Куруук төлөпүөнү тутан олордоххуна, төбөҥ ыалдьар, хааныҥ баттааһына үрдүүр.

Медиктэр этэллэринэн, хайа баҕарар мобильнай тиэхиньикэ электромагнитнай сардаҥаны таһаарар, оттон төлөпүөнү илиигиттэн ыһыктыбакка илдьэ сырыттаххына, оронуҥ аттыгар уура сыттаххына, доруобуйаҕын, көрөр-истэр уоргаҥҥын кэбирэтэр. 

Социальнай ситим атын дьон олоҕун, кинилэр хаартыскаларын, үлэлэрин-хамнастарын, тугу аһыылларын, ханна сылдьалларын киинэ курдук көрдөрөр, ону кэтээн олорон бириэмэҕин халтай барыыгын. Аны үөрэнэн хааллаххына, ылларан кэбиһэн, ону көрбөтөххүнэ тугуҥ эрэ тиийбэт курдук буолар. Ити смартфоҥҥа убаныы биир көрүҥэ.

C15 Blogpost Phonemania copy 825x510

Кыраһыабай олоҕу эккирэтэн

Куйаар ситимигэр ылларарга хас да төрүөт баар, онтон биирэ дьиэттэн тахсыбакка эрэ дьону кытта кэпсэтиэххэ, сонуннары билиэххэ, кыраһыабай хаартысканы, рилсы көрөн, кылгас кэмҥэ үөрүү-дуоһуйуу туругар киириэххэ сөп. Киһи мэйиитэ түргэнник дофамин гормуону ылан, күн аайы социальнай ситимнэри хасыһар, бэйэтин олоҕун умнан кэбиһэр.

Дьон үлэлэрин, оҕолорун ситиһиилэрин, төһө улахан дьиэлэммиттэрин, аныгы өрөмүөн оҥостубуттарын, миэбэл туруорбуттарын, омук сиригэр ханна сынньаммыттарын хаартыскаҕа, видеоҕа устан социальнай ситимҥэ угаллар. Кинилэр ааҕааччыларыттан хайҕанан, бэйэлэрин сыаннастарын көтөҕө сатыыллар, оттон атын дьон олоҕун сэргээччилэр, итиннэ ымсыыран, сэттэ көлөһүннэрэ тохтуор диэри үлэлээн-хамсаан, кыраһыабай олоххо тардыһа сатыыллар.

Атыттар кыраһыабай олохторун эккирэтэ сатаан киһи сылайар, эстэр, кыраттан да үөрбэт-көппөт, ньиэрбинэйдиир, бэйэтин олоҕун сыаналаабат буолар.  Дьыбааҥҥа олорон биирдэ сериал көрөөрү олохпун туһата суохха барыыбын, дьон курдук эбии харчы оҥорорго үөрэниэм оннугар таах олоробун диэн бэйэҕин буруйдана, сэмэлэнэ саныыгын. Итинник санаалаах сылдьан киһи кыайан сынньаммат даҕаны.

Маннык турукка киирбэт ту­һу­гар социальнай ситимнэри, тө­лөпүөнү хасыһары аҕыйатыахха наада. Үлэ чааһын кэнниттэн төлөпүөҥҥүн ууран, илии үлэтинэн дьарыктанар, айылҕаҕа сылдьан уоскуйар, бириэмэҕин хамсанан атаарар ордук.  

phone2935 750x375

Гаджеты туһанар бириэмэҕитин хааччахтааҥ 

Бэйэҕит олоххутун атын дьон олоҕун кытта тэҥнээмэҥ. Социальнай ситимҥэ кыраһыабай хартыынаны көрөн киһи кылгас кэмҥэ дьол туругар киирэр, онтон наркотик курдук ылларан хаалар. Мэйииҥ дофамин ыларга чэпчэки суолу батыһан, социальнай ситими хасыһарга күһэйэр. Онон үөрүү, өрө көтөҕүллүү туругун атын сиртэн ыла үөрэниэххэ наада.

Үгүс дьон куйаар ситимигэр, суотабай төлөпүөҥҥэ, көмпүүтэргэ күҥҥэ 8 чаас олороллор, онтон дьиэлэригэр тиийэн социальнай ситимнэри хасыһаллар. Суотабай төлөпүөҥҥэ ылларыыттан босхолонорго маннык быраабыланы киллэриэххэ сөп: аһыы олорон, утуйар хоско смартфону туһанымаҥ, социальнай ситим сонуннарын көрөртөн туттунуҥ, оҕолоргутун эмиэ итинник үөрэтиҥ.

Бириэмэҕитин туһалаахтык атаарарга дьулуһуҥ, сөбүлүүр дьарыккытын булан, онон дьарыктаныҥ, бассейынҥа, успуорт саалаҕа ыйдааҕы абонемент атыыластаххына, дьарыккын көтүппэккин. Аймахтаргытын, доҕотторгутун кытта бассаапка өрө күөрэйбит илиилэри, үөрбүт сирэйдэри, буолар-буолбат сонуннары ыытыһыах оннугар, бэйэ-бэйэҕэ ыалдьыттаан, эбэтэр кафеҕа көрсөн, чэй иһэ олорон сонуннаргытын үллэстиҥ.   

zahodnaya

Төлөпүөн тыаһаатаҕын, чып­чыҥ­наа­таҕын аайы ылан көрбөт туһугар саҥа иһитиннэрии кэлэрин арааран кэбиһиҥ, туһата суох араас сыһыарыылары, хос-хос хатылаһар социальнай ситимнэри сотторуҥ.  Аныгы төлөпүөннэргэ гаджеты туттар бириэмэни хааччахтыыр сыһыарыылары туруоруохха син. Оччоҕуна, лимиитиҥ туолла даҕаны, экраныҥ умуллар.

Субуоталаах өрөбүлтэн биир күнүн суотабай төлөпүөнэ суох атаарар үгэһи олохтооҥ, дьону куттуур, уйулҕатын хамсатар араас мөкү сонуннары аахтахха, киһи утуйар уута көтөр, ол иһин  киэһэ 21-22 ч. кэнниттэн куйаар ситимигэр кииримэҥ. 

Атын дьону туораттан көрбөххө, кыраһыабай олоҕу маныах оннугар бэйэҕит олоххутун оҥостуҥ, дохуоккутун үрдэтэргэ дьулуһуҥ, үлэҕитигэр дьиэттэн астаах кэлэн, офиска лигиччи олоруох оннугар, чугастааҕы кафеларга, эрэстэрээннэргэ эбиэттээҥ. Көмпүүтэр, суотабай төлөпүөн экранын өрө манаан баран олорбот курдук хамсана сатааҥ.

Өскөтүн төлөпүөнэ суох илииҥ кыһыйбакка холкутук сылдьа үөрэннэххинэ, ол аата гаджекка ылларыыттан босхоломмуккун диэн эҕэрдэлиэххэ сөп. 

eaf5e3ee 25e7 4f16 aa50 376b885f1350

Уйулҕа үлэһитин сүбэтэ

Олоҕун толорутук олорор киһи смартфоҥҥа ылларбат

Светлана Лонкунова, дьиэ кэргэни кытта үлэлиир уйулҕа үлэһитэ: 

— Бэйэтин оло­­ҕунан толору олорор киһи хаһан даҕаны араас дьаллыкка ылларбат, онтон тутулуктаммат. Олоҕун толорутук олорор, онтон дуоһуйар киһи социальнай ситимҥэ киирэн, атын дьон олоҕун кэтээбэт. Киһи бэйэтин олоҕунан олоруохтаах, үлэтэ-дьиэ кэргэнэ, оҕолоро, айар үлэтэ, доҕотторо, сөбүлүүр дьарыга барыта баар, толору түгэнигэр социальнай ситимҥэ кыһаммат.

Бэйэтин олоҕунан олорбот, тус кыһалҕаларын быһаарыан баҕарбат киһи онтон куотан, куйаар ситимигэр атын дьон олоҕун көрөн аралдьыйар. Сорох дьон баҕа санааларын кыайан ситиспэккэ, атыттар олохторун көрөн, бириэмэлэрин барыыллар. 

Үгүс дьон өрөбүллэргэ дьиэни-уоту хомунар, доҕотторун, аймахтарын кытта көрсөр, айылҕаҕа тахсар. Оттон дьиэҕэ төлөпүөнү кууһан баран олорор киһи олоҕуттан астыммат, тупсара, араас өҥүнэн киэргэтэ сатаабат.  Кини улаханнык туохтан эрэ сылайбыт, кириисискэ киирбит, бэйэтин баҕа санаатын толорботоҕо ырааппыт, депрессияҕа ылларбыт буолуон сөп. Социальнай ситимҥэ ылларыы сааһыттан тутулуга суох, билигин үгүс кырдьаҕастар бассаап сонуннарынан эрэ олороллор. 

Оҕолор төрүөхтэриттэн төлө­пүөнү илдьэ сылдьаллар, куйаар ситиминэн мультик (ойулук) көрөллөр, күнү быһа туох да хонтуруола суох оонньууллар, аһыы олорон кытта тутан олороллор. Итини төрөппүттэр көрүөхтээхтэр, быраабылаҕа, дьиссипилиинэҕэ үөрэтиэхтээхтэр. Оҕо ийэлээх-аҕатын холобурдарын көрөн үөрэнэр, кинилэр эмиэ төлөпүөннэрин тутан баран олорор түгэннэригэр, дьонун үтүктэригэр тиийэр.

Урукку оҕолор таһырдьа тахсан оонньоон, сүүрэн-көтөн улааталлара. Билиҥҥи оҕо күн солото суох буоларын курдук үөрэҕин кэнниттэн араас куруһуоктарга, тугу интэриэһиргииринэн дьарыктарга сырытыннаран, бириэмэтин толоруохха наада.

chat with friends not sit in phones 86

Аныгы киһи смартфоҥҥа аһары убаныыттан, куйаар ситимигэр ылларыыттан хайдах босхолонуон сөбүй? Бастатан туран, күнү супту суотабай төлөпүөнү тутан баран олорор, киэһэ хойукка диэри социальнай ситими, атын дьон олоҕун көрөр бу туох да туһата суох дьарык диэн өйдүөххэ наада. Өр төлөпүөнү өрө манаан олордоххо, хараҕыҥ сылайар, бириэмэ барар. Итинник өйдөбүл кэллэҕинэ, биирдэ кини хамсанар, олоҕор сыал-сорук туруорунар, сэргэхсийэр.

Маны таһынан, олохтон үөрэр, дуоһуйар туһугар тугу оҥоруохпун сөбүй диэн бэйэҕиттэн ыйытыахха наада.   

Билигин төлөпүөҥҥэ баан каартата, харчыбыт, тус дааннайбыт, үлэбит  барыта баар, ону сөпкө туһаннахха, туох да куһаҕана суох дии саныыбын. Сорох дьон соҕуруу сылаас дойдуга олорон эрэ онлайн үлэлииллэр, доҕотторун-аймахтарын кытта атын да дойдуттан сибээстэһэн, сирэйдэрин көрөн, атах тэпсэн олорон кэпсэтэллэр. Аныгы сайдыылаах үйэ киһиэхэ элбэх кыаҕы биэрэр. Онон смартфону, куйаар ситимин бириэмэтин көрөн кэмнээн туһаннахха, эргиччи туһалаах. 

Хаартыскалар куйаар ситимиттэн уонна Светлана Лонкунова архыыбыттан.     

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением