Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -39 oC

Олоҥхо ыһыаҕар  түһүлгэлэринэн тустаах тэрээһиннэр, күрэхтэр бара тураллар. Олоҥхону бөлөҕүнэн толоруу түһүлгэтигэр тыҥааһын баара тута биллэр.

Олоҥхо ыһыаҕар  түһүлгэлэринэн тустаах тэрээһиннэр, күрэхтэр бара тураллар. Олоҥхону бөлөҕүнэн толоруу түһүлгэтигэр тыҥааһын баара тута биллэр.

Толорооччулар ох курдук оҥостон, кустук курдук куоһанан, тылларын-өстөрүн чочуйан кэлбиттэр. Дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ олохторуттан турбакка сыаналааһын туругар киирбиттэр. Олоҥхону бөлөҕүнэн толоруу түһүлгэтин сэкирэтээрэ Саргылаана Саввинаттан туоһулаһан билбиппитинэн, балаһыанньа күүрээннээх.

ыо_-_1.jpeg
-- Көрүү бэҕэһээ, бэс ыйын 19 күнүгэр, киэһэ 9 чаас ааһыыта саҕаламмыта. Ити күн аҕыс бөлөх кыттыбыта. Оттон бүгүн 27 бөлөхтөн сайаапка киирэн турар. Улуустарынан көрөр буоллахха, Тааттаттан, Мэҥэ Хаҥаластан, Томпоттон, Хаҥаластан, Горнайтан, Бүлүүттэн бааллар. Ордук көхтөөхтүк билигин Амматтан, Дьокуускайтан кытта тураллар. Бөлөҕүнэн толорууга билигин аччаабыта биэс киһилээх бөлөх кытынна, ону тэҥэ сэттэлии-уоннуу киһилээх бөлөхтөр элбэхтэр, 16 киһилээхтэр да бааллар. Холобур, Бүлүү куоратыттан кэлбит «Дорҕоон» фольклорнай бөлөх кыттааччытын ахсаанынан муҥутуур элбэх, 16 киһи! -- диэн кэпсээтэ Саргылаана Саввина.  

ыо_-_3.jpeg
Бөлөх салайааччыта Надежда Коркина ансаамбыл түөрт сыллааҕыта тэриллибитэ диэн толоро киирээри турар бөлөх аатыттан билиһиннэрэр.
– Олоҥхону бастакы толоруубут. Сэмэн Каратаев-Ырыа Дыгыйар «Тоҥ Саар бухатыыр» диэн олоҥхотуттан быһа тардан, бары дьоруойдар тылларын-өстөрүн иһитиннэриэхпит уонна түмүгэр кутурук салайыытыгар оһуохайдыахпыт, – диэн баран толоро киирдилэр.

ыс-_2.jpeg
Бүлүүттэн кэлбит олоҥхоһуттар Амма айылҕата кырдьык да ырыаҕа ылланарыныы кэрэтин, уута ырааһын уонна дьоно-сэргэтэ аламаҕайдарын бэлиэтээтилэр.

-- «Амма оһуохайа» диэни саҥа билистибит. Олох атын толоруулаах буолар эбит, – дэһэллэр, Амма түһүлгэтэ кинилэргэ үчүгэй тускуллаах буоларыгар эрэнэллэр.

ыо_-_5.jpeg

Хаартыскаҕа ааптар түһэриилэрэ. 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как распознать мошенников

«Как только мы начинаем задавать вопросы, мы начинаем думать, поэтому всегда задавайте…
10.12.24 09:34