П.А. Лазарев аатынан Сэлии түмэлигэр Дьааҥы улууһугар ааспыт үйэ 90-с сылларыттан саҕалаан, түҥ былыргы харамайдар өлүктэрэ, дьардьамалара көстүбүттэрин туһунан кэпсэтии ыытылынна.
Онтон, саҥа үйэ саҕаланыытыгар, 2009 сылтан Батаҕаайка диэн хотоол сиргэ былыргы кыыл кырамтата көстөр буолла. Ол курдук, култуура салаатын салайааччыта Эрэл Стручков улахан сылгы, бизон оҕотун уонна да атын харамайдар өлүктэрин булан, билим эйгэтигэр улахан арыйыыны оҥордо. Кини бастакы булумньута -- сылгы геологическай чинчийии түмүгэр 4,5 тыһыынча саастааҕа биллибитэ. Бу сыл күһүнүгэр эмиэ Батаҕаайкаҕа, аны 8 тыһыынчаттан тахса саастаах бизон өлүгэ көстүбүтэ.
Сэлии түмэлин үлэһитэ Гаврил Новгородов маннык кэпсиир:
– Дьааҥы улууһугар элбэх палеонтологическай арыйыылар буолбуттара. 2012 сыллаахха, биһиги эспэдиисийэ кэмигэр «копытный лемминг-грызун» диэн харамай уҥуоҕун булбуппут. Кини саамай былыргы харамай эбит, геологическай сааһа 50 тыһыынчаттан тахса буоларын чинчийии көрдөрбүтэ. Сүрүн арыйыынан бу «лемминг» Дьааҥы сиригэр аан бастаан үөскээн тарҕаммыт эбит. Онтон, 2018 сыллаахха эмиэ биир улахан булумньу: 42 тыһыынча сыл сир анныгар сыппыт, бэйэтин сааһынан 2 эрэ нэдиэлэлээх кулунчук көстүбүтэ. Дьааҥы сиригэр өссө даҕаны арыйыылар буолуохтара. Кэнники сылларга урукку өттүгэр хаһан да көстүбэтэх араас былыргы харамай дьардьамата көстөн, Дьааҥы сирэ аан дойду учуонайдарын ураты болҕомтолорун тардар.
Олохтоох ытык кырдьаҕастар кэпсииллэринэн, былыр-былыргыттан Дьааҥы араас кистэлэҥ баар сиринэн биллэр эбит. Ол туһунан, дьааҥылар кэпсэнэ сылдьар идэлэрэ суох буолан, барыта кэмигэр кэлэрин күүтэбит.
Хаартыскаҕа С.Е. Григорьев түһэриилэрэ
- 5
- 0
- 0
- 0
- 0
- 1