Мындыртан мындыр аар айылҕа хайа да түгэҥҥэ хардалаах, тоҕо диэччигэ тоһоҕолуур хоруйдаах. Тохсунньу батыҺыннарар ыйыгар - от ыйыгар күрүлэс куйааҺы түҺэриэ, сэргэстэһэр ыйыгар Одун-Хаан ыйыгар сымнаан биэриэ. Улуу куйаар ыыппыт уйан туругунан таайбараҥ ыйыгар таайсан, сэрэбиэй ыйыгар сэрэйсэн торумнаабыппыт туоллун, барыллаабыппыт баар буоллун, ыраламмыт баҕа санаабыт ыраахха тириэртин.
Ил эйэ иилии эргийэн бөрүкүтэ суох мөккүөр уурайдын, сатамньыта суох айдаан аҕыраатын, эр бэрдэ дьоммут эллэхтэҺэн туран эриллэн- буруллан эрэйдэммиттэрэ эйэлээх олоҕу аҕаллын. Таҥха ыйа таайбыта баай талым, тохсунньу ый тойоннообута тот олох буоллун. Туманнаах сарсыарда тумарыга улам-улам сымнаан, сырдаан тыынардыын чэпчиэххэ, хаамардыын сыыдамсйыахха, саҥа күнү айхаллыахха, сонун күнү уруйдуохха, кэлбит күнү кэрэхсиэххэ.
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0