Социальнай ситими көрдөххө, дьон барыта эйигиттэн ордук үчүгэйдик олорор курдуктар диэн санаа кэлиэн сөп. Ол эрэн уйулҕа үлэһиттэрэ хайа баҕарар түгэҥҥэ атын дьону кытта бэйэҕитин тэҥнээмэҥ, туоххут эрэ суох буоллаҕына онтон сылтаан санааҕытын кэбирэтимэҥ диэн сүбэлииллэр.
Билигин социальнай ситим үйэтигэр блогердар чаҕылхай олохторун көрө-көрө үгүс дьон бэйэтин тэҥнээн көрөр уонна кинилэр курдук сүүһүнэн тыһыынчаны аҕыйах хонук иһигэр кыайан оҥорбот түгэнигэр санаата түһэр. Киһи барыта тойон-хотун, халыҥ харчыны хамсатар урбаанньыт буолбат, кинилэр курдук талбыт куоратын аайы дьиэ-уот атыылаһар кыаҕа суох. Онон мин эрэ кыра дуоһунаска, кыра хамнаска олорон хааллым диэн бэйэҕин дьонтон итэҕэс сананыа суохтааххын.
Киһи бэйэтин атын киһини кытта хаһан даҕаны тэҥниэ суохтаах. Бэйэҥ урукку өттүгэр хайдаххын эрэ тэҥнээн көрүөххэ сөп. Биир-икки сыл анараа өттүгэр хайдах этигиний, онтон билигин? Атын киһи атын дьиэ кэргэҥҥэ, услуобуйаҕа улааттаҕа, бу олоххо атын бырагыраамалаах, сыаллаах-соруктаах кэллэҕэ.
Куйаар ситимигэр дьону элбэх харчыны оҥорон, саҥаттан саҥа дьиэ, массыына, сыаналаах «iPhone» атыылаһарга, омук сирин кэрийэргэ, кыраһыабай олоххо тардыһарга угуйаллар. Ону эккирэтэ сатаан сорох дьон үгүс кирэдьииккэ киирэр, иэһин төлөөрү сырата-сылбата баранар. Ол иһин киһи бэйэтин кыаҕын билинэн туран, кимиэхэ да тэҥнэһэ сатаабакка, баҕарар сыалын ситиһэ сатыахтаах.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0