Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -37 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Саха Сирин Уопсастыбаннай балаатата халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Өймөкөөн улууһун олохтоохторугар гуманитарнай көмөнү хомуйууну биллэрдэ.

Саха Сирин Уопсастыбаннай балаатата халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Өймөкөөн улууһун олохтоохторугар гуманитарнай көмөнү хомуйууну биллэрдэ.

Хомуллубут үп уонна мал эмсэҕэлээбит дьоҥҥо быһаччы ыытыллыаҕа.

Үбү тустаахтык туттары толору хонтуруолуур туһуттан харчынан көмө Өймөкөөн улууһун дьаһалтатын официальнай счетугар ыытыллар.

Таҥаһы уонна туттар тэрили эмсэҕэлээбиттэри өйүүр Уопсастыбаннай ыстаапка туттарыахха сөп.

Ыстаап аадырыһа: Дьокуускай к., Курашов уул., 24 дьиэтэ, 401-с хос.

Эбии иһитиннэриини ылар сибээс төлөпүөннэрэ: +79142852284 (Евгения Николаевна:), +79618676333 (Мария Васильевна).

Хаартыска: куйаар ситимиттэн

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21