Суолга бэлиэлэри биир шрибынан суруйуохтара, дьүлэй дьон суолу туоруулларын сэрэтэр бэлиэлэр баар буолуохтара, массыына тохтуур бэлиэлэрин уруһуйдуохтара. Төлөбүрдээх парковкаҕа харчыны хайдах, ханнык сыһыарыы нөҥүө төлүүр туһунан иһитиннэриини оҥоруохтара.
ГОСТ-ка уларыйыылар киирэннэр, Москуба куоракка 55 тыһыынча суол бэлиэлэрин уларытыахтара. Аһары элбэх суол бэлиэтэ, угуйук (реклама), ыйынньык массыынаны ыытар иһэр дьон болҕомтотун ыһар, ол иһин табыгастаах буоларын курдук оҥоруохтара. Саҥа суол бэлиэлэрин эрэгийиэннэргэ, биһиэхэ эмиэ сотору кэминэн киллэриэхтэрэ. Ол туһунан «Парламентская газета» суруйар https://www.pnp.ru/social/v-2026-godu-v-rossii-poyavyatsya-novye-dorozhnye-znaki.html
Хаартыска эрэдээксийэ архыыбыттан.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
