Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -37 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Нам улууһун Нам сэл. Чернышевскай уул. чааһынай дьиэҕэ баһаар буолбутугар, улуус прокурора  Андрей Яковлев үлэлээтэ.

Нам улууһун Нам сэл. Чернышевскай уул. чааһынай дьиэҕэ баһаар буолбутугар, улуус прокурора  Андрей Яковлев үлэлээтэ.

у туһунан «ГБУ РС(Я) «ГПС РС(Я)»» телеграм-ханаала иһитиннэрдэ.

‎‎Тохсунньу 16 күнүгэр 22 ч.19 м. Нам сэл. баһаарынай чааһыгар икки этээстээх чааһынай дьиэҕэ уот турбутун туһунан иһитиннэрии киирбит.

‎Баһаарынай чаас көмөтө  4 мүн. иһинэн тиийбитэ, аһаҕас уот бэлиэтэммит. 

‎Ол түмүгэр, 108 кв. м.иэннээх дьиэ умайбыт.

‎Уот турбут биричиинэтэ, буруйдаахтар, хоромньу быһаарыллар.  

‎‎Уоту умуруорууга 20 быыһааччы, 3 техника тахсыбыттар. 

‎‎Ыар быһылаан миэстэтигэр следственнай-оперативнай бөлөх үлэлиир. 

‎Оперативнай сулууспа чахчыларынан, уокка 2013, 2015 уонна 2016 сыллаах төрүөх үс оҕо былдьаммыттар.

‎‎Уот турбут биричиинэтин, балаһыанньатын прокуратура хонтуруоллуур.

РФ УК 3 ч. 109 ыст. холуобунай дьыала тэрилиннэ. Бу туһунан СӨ прокуратуратын телеграм-ханаала иһитиннэрдэ.

Сонун төрдө: "Эҥсиэли"

‎Хаартыска @tprocsakha

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21